Салгыы
Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар

Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар

08.07.2023, 09:04
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

От ыйыгар этэҥҥэ үктэнэн окко киирэр кэм бу кэллэ. Отчуттар сыыйа-баайа тэриллэрин оҥостон, малларын-салларын бэринэн алаастарыгар тахсарга бэлэм олороллор. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн быйыл от үлэтин былаана хайдаҕын-тугун ыйыталастыбыт.

Ый ортото окко киириэхпит

«Бу күннэргэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ ыһыы хампаанньатын түмүктээн эрэллэр. Билигин үгүстэр окко киирэргэ бэлэмнэнэ сылдьаллар. Ол курдук, оттонор ходуһалары аһыҥалартан эмтииллэр, туттар тиэхиньикэни өрөмүөннүүллэр, уматыгынан хааччыналлар, ыраах сытар уонна сылдьарга эрэйдээх оттуур ходуһаларыгар тиийэр суолларын уонна муосталарын оҥороллор», — диэн СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев кэпсээтэ.

Кини бэлиэтээбитинэн, быйыл барыта 12 тыһыынчаттан тахса тиэхиньикэ окко үлэлиэхтээх. Окко маассабай тахсыы от ыйын ортотугар саҕаланыаҕа, ол гынан баран, сорох хаһаайыстыбалар номнуо билигин тахсарга бэлэмнэнэллэр.

“Быйыл уопсайа 459 304 туонна оту, 23 885 туонна сиилэһи уонна 12 876 туонна сенаһы бэлэмниэхтээхпит. Оройуоннарга үлэ былаана тиэрдиллибитэ. Бүгүн улуус-
тар оттуур ходуһаларын, ол иһигэр сэлиэнньэлэртэн ыраах сытар сирдэргэ баар алаастары, баһаарынай быһыыны-майгыны учуоттаан туран, сиһилии үөрэтэн көрөн баран барыллаан төһөнү оттуулларын туһунан дааннайдары бэлэмнии сылдьаллар”, — диэн миниистир солбуйааччыта бэлиэтээтэ.

Быйыл былаан быһыытынан Нерюнгриттан уонна Анаабыртан ураты өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыгар окко тахсыахтара.

“Тумуллар” бэлэмнэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун биир саамай бөдөҥ хаһаайыстыбата “Тумул” кэпэрэтиип буолар. Кэпэрэтиип бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Таисия Десяткина кэпсээбитинэн, быйыл уопсайа 653 га сиргэ оттуур былааннаахтар. Окко сайын устата 20 киһи уонна 12 тиэхиньикэ үлэлиэҕэ. Барыта үс звено тахсыаҕа — биир механизированнай уонна икки полумеханизированнай. От охсуутугар бу ый 9–10 күннэригэр киирээри сылдьаллар.

“Окко былааммыт — 800 туонна. Ону таһынан, 400 туонна сиилэһи уонна 80 туонна “зеленканы” (күөх маасса) бэлэмниэхтээхпит. Былырыын 823 туоннаны оттообуппут, быйыл эмиэ оччону ылыахпыт. Саас эрдэ ходуһа күрүөлэрин саппыппыт, ходуһалары тараппыппыт уонна аһыҥа турбут алаастарын эмтээбиппит. Билигин охсууга киирэргэ бэлэмнэнэбит. Отчуттары босхо тиэхиньикэ саппаас чааһынан уонна уматыгынан хааччыйарга кыһаллабыт”, — диэн Таисия Десяткина бэлиэтээтэ.

“Тумул” кэпэрэтип ынах сүөһүгэ племенной хаһаайыстыба буолар. Бу кыһын барыта 440 ынах сүөһүнү кыстаппыттар, ол иһигэр 200‑тэн тахсата ыанар ынах. Билигин саҥа төрөөбүт ньирэйдэри ааҕан туран кэпэрэтиип 600‑чэкэ хороҕор муостаах. Кээпэрэтиип сайын үс сиринэн сайылаан олорор. Икки ыанньык сайылыга уонна биир ньирэй
сайылыга.

Ону таһынан, хаһаайыстыба бурдугунан дьарыктанар. Бу саас 562 гектаардаах сиргэ бурдук ыспыттар. 458 гектаартан 500 туонна бурдугу хомуйар былааннаахтар. Хаалбыт 104 гектаар сиргэ сүөһү аһылыгар анаан сиилэһи уонна күөх маассаны ыспыттар.

“Хаһаайыстыбаҕа барыта 60 үлэһиттээхпит. Эппитим курдук, 20 киһи окко тахсыаҕа. Тутуу биригээдэтэ Дьаам диэн алааска ыанньык сайылыгын саҥардыыга үлэлии сылдьар. Быйыл улууспутугар Тыа хаһаайыстыбатын сыла биллэриллибитэ. Улуус бүддьүөтүттэн бу үлэҕэ 1 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Атын биригээдэлэр бааһына күрүөтүн тутуутугар уонна ыскылааттары бетоннааһыҥҥа үлэлииллэр”, — диэтэ Таисия Десяткина.

“Ардахтар мэһэйдээбэ-тэхтэринэ… ”

Владимир Анисимов, Сунтаар улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы:

— Сунтаар улууһугар быйыл окко былааммыт 30 тыһ. туоннаттан тахса, сиилэскэ 3 тыһ. туонна. Билигин хаһаайыстыбалар кыралаан алаастарга тахсан эрэллэр. От ыйын 6 күнүгэр быйылгы от үлэтин туһунан улуустааҕы мунньах буолуоҕа. Хаһаайыстыбалары уонна нэһилиэк исписэлиистэрин уонна баһылыктарын кытары быйылгы үлэ туһунан кэпсэтэн-ырытыһан баран, аныгыскы нэдиэлэттэн окко түһүнүөхтээхпит. Барыллаан ааҕыынан окко 289 тиэхиньикэ үлэлиэҕэ. Быйыл от үүнүүтэ үчүгэй, ардахтар мэһэйдээбэтэхтэринэ, былааммытын толоруох курдукпут.

“Былааммытын толоруохпут”

Иннокентий Семенов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы:

— Быйыл улуус үрдүнэн окко былаан 44 015 туонна уонна 2100 туонна сиилэс, 210 туонна сенаж. Бу биһиги 18 тыһыынча ынах сүөһү төбөбүтүгэр уонна 16 тыһыынча сылгыбытыгар анаан ааҕыллыбыт сыыппара буолар. Сыллата, ортотунан, 39–42 тыһыынча туоннаны оттуубут. Тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин быһаарыыларынан биһиги быйыл 40 455 туоннаны оттуохпут диэн ааҕынан олоробут. Бу сыыппара аҕыйыан да, улаатыан да сөп. Бу сайын күн-дьыл хайдах турарыттан тутулуктаах.

Күн бүгүн алта нэһиэлиэккэ кыра уонна кэтэх хаһаайыстыбалар окко киирдилэр. Маассабай киирии бу ый 10‑с чыыһылатыттан саҕаланыаҕа. Билигин хаһаайыстыбалары улахан ардахтар кэлэ иликтэринэ, окко киириҥ диэн ыҥыра олоробут. Уопсайа улуус үрдүнэн 2600 тахса киһи, 1602 тыраахтар, 150 механизированнай, ол иһигэр 70 полумеханизированнай звенолар окко тахсаллара сабаҕаланар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: