«Sakha Arctic Expedition 2023» эспэдииссийэ айанын түмүктээтэ
«Sakha Arctic Expedition 2023» массыынанан уустук айан эспэдииссийэтэ түмүктэннэ.
СӨ Аҕа баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитинэрбитинэн, кулун тутар 13 күнүттэн муус устар 1 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ арктическай улуустарынан сылдьыбыт айанньыттар 4 848 км сири айаннаатылар. Айанньыттар «Toyota Land Cruiser» уонна «Газ-Соболь» массыыналарынан сырыттылар.
Бүгүн, муус устар 11 күнүгэр, «Sakha Arctic Expedition 2023» эспэдииссийэ кыттыылаахтара суруналыыстары кытта көрүстүлэр. Айанньыттар арктическай туризм сайдар кыаҕын үөрэппиттэрин, туох матырыйааллары хомуйбуттарын билиһиннэрдилэр. Кинилэр олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын бэрэстэбиитэллэрин, урбаанньыттары кытта көрсөн туризмҥа сыһыаннаах боппуруостары ырыттылар, дьүүллэстилэр, араас тэрээһиннэргэ кыттыыны ыллылар. Ол курдук, ыалдьыттары көрсүү уонна туриндустрия ассоциациялара, туризм сайдыытын ааҕыныстыбата уонна предпринимательство министиэристибэтэ улуустарга туризм салаатын сайыннарыыга бэйэлэрин этиилэрин, анаарыыларын ыытыахтара. Бырайыак уратыта – айанньыттар икки хотугу уонна түөрт арктическай улуустарынан сылдьан, Верхоянскай уонна Черскэй хайаларын уонна Сунтаар Хайатын уҥуордаабыттара буолар. Айаннарын тухары Өлүөнэ, Индигиир, Дьааҥы өрүстэри туоруу сырыттылар.
«Sakha Arctic Expedition 2023» массыынанан айан эспэдииссийэтин СӨ Предпринимательство уонна туризм сайдыытын министиэристибэтин өйөбүлүнэн Туризм сайдыытын ааҕыныстыбата, Саха сирин туриндустриятын ассоциацията, «Опора России» ЯРО тэрийбиттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: