Саккырыыр табаһыта бөрөнү бултаабыт
28.03.2024, 20:14
Хаартыскаҕа И.Чупров түһэриитэ.
Бөлөххө киир:
Бу хаартысканы бүгүн элбэх киһи көрдөҕө.
— Ити хаартыскаҕа көстөр адьырҕа кыыл мин бөрөм буолбатах. Мин сүлэн эрэ биэрдим. Бу бөрөнү табаһыт, Саккырыыр олохтооҕо Герасим Бочкарев бултаабыта. Ааспыт нэдиэлэҕэ быһыылаах. Бу кыылбыт 80-ча киилэ ыйааһыннаах быһыылаах. Герасим Амтаҕай диэн үрэхтэн, табаны маныыр сириттэн буранынан уһуннук эккирэтэн бултаабыт этэ. Өссө иккис бөрөтө ити хаартыскаҕа аллараа сытар дии, көрөөрүҥ эрэ, — диэтэ Виктор Максимович Горохов.
Сорсуннаах булчут Герасим бултаабыт бөрөтө улахан эрээри ырыган үһү. Кини бу кыылларын көлөлөөх киһинэн Викторга сүллэрэ ыыппыт. Онон бу хаартыска остуоруйата итинник.
Кэлэр нэдиэлэҕэ булчут күнэ буолуоҕа, онно бэртээхэй сонун диэххэ сөп.
Хаартыскаҕа Иннокентий Чупров түһэриитэ.
+1
+1
+1
+1
1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: