Салгыы
Сир нолуогун төлөөһүҥҥэ бытаарыы баар

Сир нолуогун төлөөһүҥҥэ бытаарыы баар

10.11.2022, 15:04
Бөлөххө киир:

Федеральнай нолуок сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын салайааччытын солбуйааччы Владислав Скрябин социальнай ситимнэринэн быһа сибээскэ тахсан, баайга-дуолга нолуок туһунан иһитиннэриини оҥордо, көрөөччүлэр ыйытыыларыгар хоруйдаата.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 385 тыһ. тахса нолуокка иһитиннэриини бэлэмнээбиттэр, итинтэн 192 тыһ. иһитиннэриини биирдиилээн нолуогу төлүүр дьон тус кэбиниэттэригэр ыыппыттар. Почтанан ыытыы балаҕан ыйын 20 күнүттэн саҕаламмыт. Сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан, почта салааларыгар киирбит 183 тыһ. нолуок түмүллүбүт иһитиннэрии суругуттан 43 % туттарыллыбыт.

“Бу сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри болдьохтоох төлөнүөхтээх биирдиилээн дьон баай-дуол нолуогар уопсай суумата, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1,2 млрд. солк. тэҥнэстэ. Ааспыт сылы кытта тэҥнээн көрдөххө 16,5 % үрдээбит. Ааҕыллыбыт суума 58 % тырааныспар нолуога буолар. Бу суума 23 % эбилиннэ, 200 уонна 250-тэн үөһэ ат күүһэ мотуордаах массыыналарга нолуок ыстаапката икки төгүл үрдээһинин кытта төрүөттээх”¸— диэн салайааччы этэр.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сэтинньи туругунан Дьокуускай куоракка, Алдан, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Сунтаар улуустарыгар баай-дуол нолуогун төлөөһүн тэтимэ бытаанын ыйар.

Биирдиилээн дьоҥҥо көрүллэр үс нолуоктан, ордук сир нолуогар бытаарыы баарын этэр. Бу нолуок олоччу муниципальнай тэриллиилэргэ киирэр диэн быһаарар. Сир нолуогун төлөөһүҥҥэ Үөһээ Бүлаүү, Мэҥэ Хаҥалас, Өймөкөөн, Сунтаар, Томпо, Уус Алдан улуустара ааспыт сыллааҕы көрдөрүүлэригэр тиийэ иликтэрин бэлиэтиир.

Хаартыска: СИАтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: