Салбаҥ нэһилиэгэр ас-үөл саппааһа бүттэ дуо?
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн «Салбаҥ нэһилиэгэр суол суох, ас бүттэ» диэн сурах тарҕанан, элбэх киһини долгутта.
Онуоха улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйарынан, Салбаҥ нэһилиэгэ суола-ииһэ суоҕунан кэккэ ыарахаттары үөскэтэр. Суолун боппуруоһугар киирдэххэ, бырайыага оҥоһуллан судаарыстыбаннай экспертизаны ааспыта уонна сөбүлэҥ (положительное заключение) ылбыта. Салгыы «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» федеральнай бырагыраамаҕа киллэрэргэ сайаапка барбыта.
Салбаҥ нэһилиэгин баһылыга Сахаян Аргунов:
— Бастакы уочарат туттуллар табаардар, ас-үөл барыта баар. Түргэнник буорту буолар аспыт суох. Аспытынан «Туесок» ХЭТ дьарыктанар. Ыһыах иннинэ барытын аҕалбыта. Билигин эбии көтөр аалынан аҕалаары үлэлэһэ сылдьар, — диэн иһитиннэрдэ.
Салбаҥ нэһилиэгэ СӨ Бырабыыталыстыбатын 277 №-дээх дьаһалыгар олоҕуран, быстах кэмнээх суоллаах нэһилиэктэргэ киирсэр. Кэккэ сылларга кураан дьыл буолан маннык кыһалҕа тахсыбатаҕа. Быйылгы дьыл уулаах буолан харгыстар таҕыстылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: