Салгыы
Саха сиригэр салгын туруга хайдаҕый?

Саха сиригэр салгын туруга хайдаҕый?

16.08.2023, 15:30
Хаартыска: https://www.sakha.gov.ru/
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 16 күнүгэр 12:00 чаастааҕы туругунан Дьокуускайга уонна 7 оройуоҥҥа салгын туругар 47 чинчийии ыытылынна. Ол курдук, салгын туругун Уус Маайаҕа, Майаҕа, Сунтаарга, Бороҕоҥҥо, Чараҥҥа, Майаҕаска, ону таһынан Ньурба, Алдан, Бүлүү куораттарыгар бэрэбиэркэлээтилэр.

Бу туһунан Роспотребнадзор Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениетын санитарнай кэтээн көрүүгэ отделын началынньыга Аина Еремеева иһитиннэрдэ.

Кэтээн көрүү түмүгүнэн көрдөххө, балаһыанньа тупсубут, салгын быдан ырааһырбыт. Ол эрээри Майа сэлиэнньэтигэр – азот диоксида 1,2 ПДК-ҕа, Сунтаар сэлиэнньэтигэр – азот диоксида 1,3 ПДК тиийбит.

Атын химическэй эттиктэргэ буортулаах үрдээһин булуллубата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: