Салгын тырааныспарынан таһыы, гаас уматыкка көһүү элбэх үбү эрэйэр
Бу күннэргэ Ил Түмэҥҥэ 2023 уонна онтон кэлэр 2024-2025 сылларга бырамыысыланнас, тырааныспар уонна олох-дьаһах хамыыһыйатыгар судаарыстыбаннай бүддьүөккэ уларытыылары киллэриини көрдүлэр.
Сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйа Саха сиригэр бырамыысыланнаһы, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын, тутууну, тырааныспар комплексын, энергетикэни, предпринимательствоны, туризмы сайыннарыы уонна нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйыы боппуруостарын дьүүллэстэ.
Мунньахха сис кэмитиэт дьокутааттарын таһынан, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйаачы Дмитрий Садовников, тутуу миниистирэ Павел Кылатчанов, бырамыысыланнас уонна геология миниистирэ Максим Терещенко, үп миниистирин бастакы солбуйааччы Иван Алексеев уонна нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков кытыннылар. Мунньахха СӨ Бырабыыталыстыбата уонна норуот дьокутааттара киллэрбит элбэх ахсааннаах көннөрүүлэриттэн 17-тэ эрэ дьүүллэһиигэ турда.
Санатар буоллахха, Ил Түмэн иһинэн норуот дьокутааттара уонна бырабыыталыстыба чилиэннэрэ кыттыылаах биэс хайысханан үлэлиир Сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйалар СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлин алтынньытааҕы дьаһалынан тэриллибиттэрэ.
Хамыыһыйа чилиэттэрэ, чуолаан, гааһынан сапыраапкалыыр инфраструктураны, тырааныспары газомоторнай уматыкка көһөрүүнү уонна өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин уунан хааччыйыыга көрдүүр-чинчийэр үлэлэри ыытыыны сайыннарарга үбүлээһини улаатыннарыы боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Мантан көрдөххө, эбии үбүлээһиҥҥэ элбэх харчы, бастатан туран, Саха сирин нэһилиэнньэтин тырааныспарынан уонна салгын суолунан таһыыны хааччыйарга, чуолаан, Арктика сиригэр-уотугар олорооччуларга эрэйиллэр. Ол иһин, норуот дьокутааттара өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар бүддьүөккэ эбии дохуот киириититтэн, улуустар истэригэр социальнай суолталаах авиа-таһыыларга үбүлээһини улаатыннарар кыаҕы көрөллөрүгэр эттилэр.
Хаартыскалар Ил Түмэн саайтыттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: