Арассыыйаҕа да, аан дойдуга да сураҕа суох сүтүү түбэлтэлэрэ элбэхтэр. Силиэстийэ уонунан сылы быһа араас барыйааны сыымайдаан, үөрэтэн баран аккаастаммыт да дьыалалара үгүстэр. Туох да сибикитин хаалларбакка симэлийэн хаалар дьикти дии? Бу дьон ханна барарый? Эрэллэрин сүтэрбит чугас дьонноро, бэл атын эйгэҕэ киирэр ааны арыйдахтара дуу диэн сибикилииллэрэ кытта баар эбит.
Арассыыйаҕа салгыҥҥа симэлийбиттии сүппүт дьон туһунан куйаар ситимиттэн уопсай суруйуулары түмэн бэчээттиибит.
Хас да сыллааҕыта хаһыаппытыгар ыал аҕата дьиэтин умуһаҕыттан тууһаммыт оҕурсу ыла киирэн баран сүүрбэ сылынан биирдэ тахсыбытын туһунан суруйан турардаахпыт.
Биһиги суруналыыспыт тас дойдуга сынньана сырыттаҕына, Уяр куорат олохтооҕо дьахтар биир дьикти түбэлтэни кэпсээбит. Элбэх оҕолоох ыал аҕата киэһээҥҥи аһылык кэмигэр аһыы олорон, тууһаммыт оҕурсу ыла диэн дьиэтин умуһаҕар киирбит. Арай, аҕалара хайдах киирбитин курдук сүтэн хаалбыт. Халлааннаан көппүтэ, сирдээн тимирбитэ биллибэтэх. Дьиэ иһинээҕи умуһахтан дьиктитик сүппүт аҕаларын үс сыл күүтэ сатаан баран, ыал атын куоракка көһөн барбыт. Арай сүүрбэ сыл буолан баран, кыра оҕолоох дьахтар оҕотун аһата олордоҕуна, туустаах оҕурсу бааҥкатын туппут эр киһи дьиэтин умуһаҕыттан тахсан кэлбит. Дьахтар сүрэҕэ хайдан өлө сыспыт. Эр киһи эрэйдээх: «Мин сибилигин аҕай умуһахха ас ыла киирбитим, дьонум ханна бардылар, бу туохха түбэстим», — диэн бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө, улаханнык аймаммыт. Сүүрбэ сыл сүтэ сылдьыбытын туһунан тугу даҕаны өйдөөбөт эбит. Кинини кэлин оҕолоро буланнар, дьиэ кэргэнигэр төннүбүт.
2013 сыллаахха Кировскай уобалас Речной диэн бөһүөлэгэр аҕыс уонна 11 саастаах бииргэ төрөөбүт уолаттар оонньуу тахсан баран дьиэлэригэр төннүбэтэхтэр. Олохтоохтор, волонтердар, быыһааччылар, полицейскайдар бары атахтарыгар турбуттар да, хайаларын да булбатахтар. Силиэдэбэтэллэр криминал эбэтэр туох эмит бөрүкүтэ суох быһыы-майгы тахсыбыт диэн барыйааннары көрбүттэр, тыһыынчанан киһиттэн ыйыталаспыттар, эспэртиисэ арааһын ыыппыттар — туох да түмүгү ылбатахтар.
Бу быһылаан буолуо хас да хонук иннинэ бу бөһүөлэккэ олорор быраас Анатолий диэн киһи сүппүт. Кини тыаҕа доҕотторугар диэн барбыт да, онно тиийбэтэх. Онтон ини-бии уолаттар сүппүттэрин икки күн кэнниттэн Геннадий диэн булчут сүппүт. Булчуту аҕыс ый буолан баран булбуттар, этигэр-сиинигэр кырбаныы, бааһырыы суола суох эбит. Оттон оҕолору уонна бырааһы билиҥҥэ диэри була иликтэр.
2009 сыллаахха Новосибирскайга 28 саастаах психолог кыыс сүппүт. Кини киэһэ доҕорун кытта киинэҕэ сылдьыбыт. Ол кэнниттэн киһитэ массыынанан дьиэтин таһыгар диэри аҕалбыт, подъеһын таһыгар диэри атаарбыт.
Кыыһы дьиэтигэр уон саастаах уола күүтэн олорбут, ийэтэ ол түүн дьиэтигэр киирбэтэх. Арай ыаллыы олорор дьахтара лииптэн кини кыбартыыратын күлүүһүн булбут.
Сарсыҥҥы күнүгэр психолог кыыһы куорат барыта көрдөөбүт да, булбатахтар. Силиэдэбэтэллэр “Өлөрүү” диэн ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрийбиттэр. Кыыс доҕоро уорбаламмыт, ол эрээри полиграф кини утары туох да баарын биллэрбэтэх. Кыыс лиипкэ киирбитин дуу, тахсыбытын дуу ким да көрбөтөх, онон дьыала билигин да салҕанан барар.
2016 сыллаахха 55 саастаах Юрий диэн ыраах айан суоппара Урал трассатыгар сураҕа суох сүппүт. Кини Кабардино-Балкарияттан Екатеринбурга сүүрбэ туонна итирдэр утаҕы тиэйэн испит. Аны бэйэтэ эрэ буолбакка, бу сыалай сүүрбэ туонналаах таһаҕастаах
Volvo массыыната кытта салгыҥҥа симэлийбиттии сүппүт. Оперативниктар быһаарбыттарынан, суоппар Уфаттан сарсыарда эрдэ арахпыт, ол аата киэһэ айанын түмүктүүр сиригэр кэлиэхтээҕэ эбит. Ол эрээри Юрийы кытта сибээс Челябинскай уобаласка кэлэн быстыбыт. Хас эмит ый буолан баран Екатеринбуртан сүүрбэ килэмиэтир тэйиччилээх сиртэн суоппар төлөпүөнэ алдьанан сытарын эрэ булбуттар.
Бу саас Австралия учуонайа Карл Крушельницкай “Бермудскай треугольник” кистэлэҥин арыйбытын туһунан Fox Weather эпииригэр кэпсээбитэ. Кини этэринэн, бу көстүү туох даҕаны “сверхъестественнэйэ” суох, сураҕа суох сүтүүлэр тоҕо буолалларын таах быһаарыахха сөп үһү.
Ол курдук, Крушельницкай санаатынан, “Бермудскай треугольник” баар сиригэр (Атлантическай акыйааҥҥа Флорида, Пуэрто-Рико уонна Бермудскай арыы икки ардыларыгар баар зуона) акыйаан дириҥиир эбит. Бермуд таһыгар тоҕус килэмиэтиргэ тиийэ дириҥиир, онон манна саахалланан түспүт суудуналар хайдах да көстүбэттэр да, булуллубаттар диэн кини этэр.
Өссө биир барыйаан быһыытынан учуонай уу анныгар “метан клатрата”, ол эбэтэр метан гаас мууһу кытта силбэспит диэн этэр. Ол булкаас акыйаан үрдүгэр уу хабахтара буолан тахсаннар, суудуналар саахалланалларыгар дьайыан сөп үһү.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…