«Саллаат аҕата» мэтээлинэн 300-тэн тахса аҕа наҕараадаланна
Олунньу 21 күнүгэр РФ Уопсастыбаннай балаататыгар «Саллаат аҕата» диэн уопсастыбаннай билинии мэтээлин туттарыы сиэрэ-туома буолан ааста.
Бу тэрээһини РФ Уопсастыбаннай балаататын Демографияҕа, дьиэ кэргэни, оҕолору көмүскээһиҥҥэ хамыыһыйата уонна «Арассыыйа аҕалара» уопсастыбаннай хамсааһын тэрийдилэр.
Тэрээһиҥҥэ уопсастыбаҕа аҕа хамсааһынын оруолун, норуоттар икки ардыларыгар сыһыаны бөҕөргөтүүгэ көҕүлээһиннэр, дьиэ кэргэн сыаннастарын, о.д.а. туһунан кэпсэттилэр.
«Саллаат аҕата» диэн наҕараада дойду патриотическай күүстэрэ түмсэллэрин, Ийэ дойду сыаннастарын харыстааһын бэлиэтэ буолар диэн уопсастыбанньыктар этэллэр. Хас биирдии дьоруой кэннигэр кинини иитэн-такайан таһаарбыт төрөппүттэрэ тураллар, патриотическай иитиигэ кинилэр кылааттара кырата суох. Онон бу мэтээлинэн анал байыаннай дьайыыга ураты хорсун быһыыны көрдөрбүт оҕолоох аҕа наҕараадаланар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ 300-тэн тахса «Саллаат аҕата» диэн мэтээл туттарылынна. Ону тэҥэ, «Аҕа дойду көмүскээччитин иитии иһин» мэтээлинэн байыаннай дьайыыга судаарыстыбаннай наҕараадалары ылбыт уолаттардаах аҕалар, «Аҕа дойду көмүскээччитин иитии уонна тус холобур иһин» мэтээлинэн байыаннай дьайыыга уолаттарын кытта тэҥҥэ сэриилэһэр аҕалар наҕараадаланаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: