Салгыы
Саллааттар ийэлэригэр Мария Емельяноваҕа хоһоон ананна

Саллааттар ийэлэригэр Мария Емельяноваҕа хоһоон ананна

Ааптар:
01.02.2023, 16:00
Бөлөххө киир:

САЛЛААТ ИККИС ИЙЭТЭ
(М.Е.Емельяноваҕа ананар)

Элбэх саллаат Ийэтэ!
Элбэх саллаат эрэлэ!
Кэтэһиилээх, күүтүүлээх
Күндү киһи Мария!

Дойду сытын, салгынын
Саха аһын, кэһиитин
Кэтэһиилээх суругу
Тиэрдэр кини саллаакка!

Үөрэ көрбүт харахтар
Көрсүһэллэр кинини!
Кууһуохтарын баҕаран
Кэмчиэрийэ сөҥөллөр!

Тоҕо баҕас түргэнэй
Ааһа охсон хаалбыта
Бээһэ эрэ тиэргэҥҥэ
Оҕо буолан сүүрбүтэ!

Эп-эдэркээн уолаттар
Оҕолорбут саллааттар!
Саха чиэһин түспэттэр!
Сөхтөрөллөр ханна да!

Саха уола саа тутан
Аттаммыта былыр да!
Аптамааттаах сиэннэрэ
Ону түһэн биэрбэттэр!

Онно тирэх Мария
Саллаат иккис Ийэтэ!
Махтал буоллун киниэхэ
Бүтүн саха дьонуттан!

Полина Победа,

олунньу 1 күнэ, 2023 с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 апреля
  • -7°C
  • Ощущается: -11°Влажность: 79% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: