САЛЛААТ ИККИС ИЙЭТЭ
(М.Е.Емельяноваҕа ананар)
Элбэх саллаат Ийэтэ!
Элбэх саллаат эрэлэ!
Кэтэһиилээх, күүтүүлээх
Күндү киһи Мария!
Дойду сытын, салгынын
Саха аһын, кэһиитин
Кэтэһиилээх суругу
Тиэрдэр кини саллаакка!
Үөрэ көрбүт харахтар
Көрсүһэллэр кинини!
Кууһуохтарын баҕаран
Кэмчиэрийэ сөҥөллөр!
Тоҕо баҕас түргэнэй
Ааһа охсон хаалбыта
Бээһэ эрэ тиэргэҥҥэ
Оҕо буолан сүүрбүтэ!
Эп-эдэркээн уолаттар
Оҕолорбут саллааттар!
Саха чиэһин түспэттэр!
Сөхтөрөллөр ханна да!
Саха уола саа тутан
Аттаммыта былыр да!
Аптамааттаах сиэннэрэ
Ону түһэн биэрбэттэр!
Онно тирэх Мария
Саллаат иккис Ийэтэ!
Махтал буоллун киниэхэ
Бүтүн саха дьонуттан!
Полина Победа,
олунньу 1 күнэ, 2023 с.
П.Х.Староватов аатынан Элгээйи оскуолата быйыл 150 сыла. Бу саас "Пеший поход: родные просторы" барылынан Арассыыйатааҕы…
Элгээйи олохтоохторо өр кэтэспит саҥа таас балыыһалара быйыл үлэҕэ киирбитэ. Балыыһа уон киһи сытан эмтэнэр…
ИДьМ Мииринэй оройуонунааҕы полиция салаатыгар түөкүттэргэ албыннатан 1 140 000 солк. суйдаппыт 39 саастаах Айхал…
Лабыктаны аска-үөлгэ кутан сиир, оргуйбут итии ууга көйөрөн иһэр туһалаах дииллэр... Тумуу, кириип, сөтөл ыарыыта…
Василий Галузаны баһылыгынан талыы олохтоохтор байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүллэрин туоһулуур. Кинилэр бүгүн лидердар, салайааччылар. …
"ОДьКХ" ГУП 23 тыһыынча дьиэҕэ ититиини киллэрбит. Маны таһынан тыһыынчаттан тахса социальнай эбийиэктэр, олор истэригэр оскуолалар,…