САЛЛААТ ИККИС ИЙЭТЭ
(М.Е.Емельяноваҕа ананар)
Элбэх саллаат Ийэтэ!
Элбэх саллаат эрэлэ!
Кэтэһиилээх, күүтүүлээх
Күндү киһи Мария!
Дойду сытын, салгынын
Саха аһын, кэһиитин
Кэтэһиилээх суругу
Тиэрдэр кини саллаакка!
Үөрэ көрбүт харахтар
Көрсүһэллэр кинини!
Кууһуохтарын баҕаран
Кэмчиэрийэ сөҥөллөр!
Тоҕо баҕас түргэнэй
Ааһа охсон хаалбыта
Бээһэ эрэ тиэргэҥҥэ
Оҕо буолан сүүрбүтэ!
Эп-эдэркээн уолаттар
Оҕолорбут саллааттар!
Саха чиэһин түспэттэр!
Сөхтөрөллөр ханна да!
Саха уола саа тутан
Аттаммыта былыр да!
Аптамааттаах сиэннэрэ
Ону түһэн биэрбэттэр!
Онно тирэх Мария
Саллаат иккис Ийэтэ!
Махтал буоллун киниэхэ
Бүтүн саха дьонуттан!
Полина Победа,
олунньу 1 күнэ, 2023 с.
Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр бырамыысыланнас салаатын тэрилтэлэрэ социальнай…
Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Дархан СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр …
Сахабыт сирин араас улуустарыттан төрүттээх үлэһит дьон, кинилэр байыаннай дьайыыга ураты хорсун уонна дьоруойдуу быһыыны…
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр 2026 сылга балтараа…
Сааҥсыйалар күүһүрбүт кэмнэригэр даҕаны өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ туруктаах диэн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар…
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Ил Түмэҥҥэ этиитигэр аҕа көлүөнэ бойобуой үгэстэрин байыаннай дьайыыга сылдьар…