“Саллааттар ийэлэрин сүрэҕэ” Саха сиригэр тэбэр

Share

Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, байыаннай сулууспалаахтар ийэлэрэ социальнай ситимҥэ бөлөх тэрийэн, түмсүбүттэрэ. Манна бары улуустартан 70-тан тахса төрөппүт сомоҕолоспута.

Хартыскаҕа: С.Лаврентьева, Н.Хоютанова, М.Федорова-Тимофеева.

2023 сыллаахха “Саллааттар ийэлэрин сүрэҕэ” диэн кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэни тэрийэн, Ил Дархан гранын күрэһэр кыттан, кыайбыттара. Түмсүү сүрүннээн байыастарга гуманитарнай көмөнү хомуйан тиэрдэр уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр уйулҕа өттүнэн көмөнү оҥорор хайысхаларынан үлэлиир.

Актыыпка 7 киһи бэйэлэрин хайысхаларынан күүскэ үлэлииллэр. Холобур, Диодоровтар гуманитарнай көмөнү хомуйан, тиэрдэн биэрэллэр. Тааттаттан Николай Мочкин баһыылкалары хомуйан, бэйэтин таһаҕас массыынатынан илдьэн биэрэр. Аллараа Халыматтан Лена Егорова эмиэ күүскэ үлэлиир. Аркадий Николаев-Эрхаан хаста да таһаҕас хомуйан илдьэн, кэнсиэртээн кэлбитэ.

Ол курдук, барыта 13 туонна гуманитарнай көмөнү хомуйан тиэрдибиттэрэ.

Хаартыска: Н.Хоютанова тиксэриитэ.

Марина Федорова-Тимофеева, “Саллааттар ийэлэрин сүрэҕэ” кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ салайааччыта:

—2023 сыллаахха Ил Дархан граныгар кыайан баран, тыйыс усулуобуйалаах Арктика улуустарыгар олорор эдэр ийэлэргэ уонна 1-кы кылааска киирэр оҕолорго болҕомтобутун уурбуппут. Чуолаан, төрүүр дьиэттэн тахсар ийэлэри көрсөн, үөрүүлээх-быһыыга эҕэрдэлээн, бэлэх туттарар этибит.

1-кы кылааска киирэр оҕолорго эмиэ бэлэх туттарбыппыт. Ол курдук, барыта 30 ийэни, 32 үөрэнээччини эҕэрдэлээбиппит. Биир сылынан грант болдьоҕо бүппүтэ. Билигин бэрэсидьиэн пуондатын граныгар сайаапка биэрбиппит, түмүгүн кэтэһэбит.

Хаартыскаҕа: уҥа Николай Мочкин.

Нюргуяна Хоютанова, түмсүү актыбыыһа:

—Биһиги түмсүүбүтүгэр бары улуустартан 60-тан тахса төрөппүт баар. Биир кыһалҕалаах буолан, бары олус чугаспыт, барыбытын биир үөрүү, биир хомойуу кууһар, саба түһэн, көмөлөһө, өйүү сатыыбыт.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай-социальнай көмө киинин кытта ыкса үлэлэһэбит. Манна психолог көмөтүн сэргэ, араас тэрээһиннэри ыыталлар. Байыастар дьиэ кэргэттэрэ түмсэн, маастар-кылаастарга араас оҥоһуктары оҥорон, алтыһарбыт үгэскэ кубулуйда. Уратыбыт диэн — Арассыыйа волонтердарын кытта эмиэ ыкса сибээстэһэн үлэлиибит.

Олунньу 23 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэҕэ быыстапка тэрийбиппит. Художественнай училище устудьуоннарыгар өлбүт буойуннар мэтириэттэрин уруһуйдаппыппыт, бу патриотическай иитии биир көрүҥэ буолар. Байыастар малларын көрдөрүүгэ туруорбуппут. Быыстапка билигин да үлэлии турар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ХААРТЫСКАЛАР: «Идэһэ» дьаарбаҥкаҕа

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 15 күнүттэн, Дьокуускайга Комсомольскай болуоссакка "Идэһэ" дьаарбаҥка саҕаланна. Атыылаһааччылар ынах, убаһа этин, балык…

26 минут ago
  • Бэрээдэк

Дьааҥыга эдэр киһи массыына уоран баран, бөһүөлэк иһигэр ыыта сылдьыбыт

Дьааҥы оройуонун полициятын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох киһи массыынатын уорбуттарын туһунан иһитиннэрбит. Кини киэһэ элбэх кыбартыыралаах…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев 2030 сылга диэри Мииринэй оройуонун сайдыытын туһунан мунньаҕы ыытта

Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Мииринэй оройуонугар үлэлиир. Манна кини оройуон 2030…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Уус Маайа олохтооҕо кыһыл көмүһүнэн эргинэн сууттанна

Уус Маайа оройуонун 30 саастаах олохтооҕо сиртэн хостонор баайы сокуоннайа суохтук эргинэн сууттанна. ИДьМ Медиа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Аллайыаха улууһун Киин балыыһата аныгы тэриллэринэн хааччыллар

«Аллайыаха улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһата доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын бырагырааматын чэрчитинэн саҥа тиэхиньикэлэринэн…

3 часа ago
  • Сонуннар

Арассыыйа бүддьүөтүн сокуонун барыла иккис ааҕыытын ааста

Судаарыстыбаннай Дуума сэтинньи 14 күнүнээҕи мунньаҕар дьокутааттар дойдубут кэлэр сыллааҕы үбүн сүрүн сокуонун барылын иккис…

3 часа ago