Самаан сайыммыт 75 эрэ күннээх
Саха сирин олохтоохторо хоту олороллорун умна быһыытыйан, кулун тутар 1 күнүттэн саас кэллэ диэн бэлиэр кыһыҥҥы таҥастарын чарааһатан сыыстараллара элбэх. Дьиҥэр, саас кулун тутар ортотуттан эрэ кэлэр. Онтон сайын бэс ыйын 4 күнүттэн саҕаланар.
Аныгы сахалар сылы түөрт кэмҥэ уонна ыйдарынан араара үөрэнэн хаалбыппыт. Өбүгэлэрбит тулалыыр эйгэни кытта ыкса ситимнээхтэрин, айылҕа хаамыытынан олороллорун быһыытынан чопчу араараллара. Чээлэй күөх сайыҥҥа үктэммиччэ, олортон сайын туһунан ылан көрүөҕүҥ.
Үөрэх министиэристибэтэ учууталга көмө быһыытынан “Саха төрүт культурата” диэн 1992 сыллаахха таһаартарбыт кинигэтигэр маннык суруллар:
Сайыҥҥы кэм барыта 75 үтүө күн, түөрт кэрдиис кэмҥэ арахсар.
- Сайын сибикитэ – 11 күн. Бэс ыйын 4 күнүттэн бэс ыйын 15 күнүгэр диэри.
- Сайын саҕаланыыта – 28 күн. Бэс ыйын 15 күнүттэн от ыйын 12 күнүгэр диэри.
- Сайын силигилээһинэ – 21 күн. От ыйын 13 күнүттэн атырдьах ыйын 3 күнүгэр диэри.
- Сайын кэхтиитэ – 15 күн. Атырдьах ыйын 4 күнүттэн атырдьах ыйын 18 күнүгэр диэри. Отон буһар, тэллэй үүнэр”.
Итинтэн көрдөххө, сайын силигилии ситиитэ букатын кылгас эбит. Судургутук өйдөөтөххө, муҥутаан куйааһырар, сөтүө кэмэ.
Аны бэс ыйын Үрүҥ Тунах ыһыах ыйын эрэ быһыытынан ылынабыт. Бу ыйга түөрт туом толоруллара ыйыллар: салама ыйааһын, атыыр оҕуһу алҕааһын, атыыр сылгыны алҕааһын, күөл иччитин, оту-маһы алҕааһын.
3.06. – Саар Көстөкүүн, Анды кэлэр.
7.06. – мүөттээх сиик түһэр. Сүмэһин таһаарар үүнээйи аһылыктаах үөн-көйүүр тиллэр. Ыам кумаара түһэр.
12.06 – саҥа ый үүнэр. Чэмэлкэй, ыраас, куйаас күннэр үүнэллэр.
16.06 – хотугулуу арҕааттан тыалырдаҕына, сайына ардахтаах.
19.06. – мантан ыла биир таһымҥа 7 күн турар.
21.06 – этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүт, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыахтар буолаллар.
22.06 – саамай уһун күн.
27.06. – ый туолуута. Ый бүтэригэр мас “мас кэхтэр” тыала түһэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: