Саҥа билсибит киһититтэн суотабайын уорбут
Бу күннэргэ Дьокуускай куорат 3-с нүөмэрдээх полиция отделыгар суотабай төлөпүөнүн уордарбыт куорат олохтооҕуттан сайабылыанньа киирбит.
Суһал-ирдиир үлэ кэмигэр холуобунай ирдэбил сотрудниктара уоруйах ким буоларын быһаараннар, 32 саастаах Орто Халыматтан төрүттээх эр киһини туппуттар.
Ол курдук эмсэҕэлээччи дьиэтин таһыгар Курнатовскай уулуссаҕа уорбаланааччыны кытта билсибит. Кэпсэтэн-ипсэтэн, билсэн баран, эр киһи саҥа «доҕорун» арыгы иһэр сыаллаах дьиэтигэр ыҥырбыт. «Бырааһынньыктыы» олорон хаһаайын утуйан хаалбыт. Ону туһанан уорбаланааччы эр киһи суотабай төлөпүөнүн уорбут уонна дьиэттэн тахсан барбыт. Итиэннэ комиссионнай маҕаһыыҥҥа төлөпүөнү 3500 солкуобайга туттарбыт.
Билигин эр киһиэхэ РФ Холуобунай кодексын 158 ыст. 2 чааһынан холуобунай дьыала көбүтүллүбүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: