Саҥа дьиэ сирин-уотун оҥорууга болҕомтону эрэйэллэр

Саҥа дьиэ сирин-уотун оҥорууга болҕомтону эрэйэллэр

Ааптар:
25.04.2024, 21:29
Хаартыска: быһа эпииртэн --скрин.
Бөлөххө киир:

Бүгүн, муус устар 25 күнүгэр,  Ил Дархан Айсен Николаевы кытта “Быһа эпиир” буола турар.

Дьон-сэргэ көхтөөхтүк кыттар, ыйытыы киирэ турар. Ордук суол-иис оҥоһуутун, дьиэ-уот, социальнай көмөнү оҥоруу, ОДьКХ, үөрэх, тыа хаһаайыстыбатын тиэмэтигэр ыйытыылары биэрэллэр. Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү боппуруоһа эмиэ таарылынна.

Өлүөхүмэттэн Ольга Побежимова Ил Дархаҥҥа махтанна.

—«Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагыраамата баара, биһиэхэ үлэлиирэ олус үчүгэй. Биһиги саҥа дьиэҕэ көһөммүт үөрүүбүт муҥура суох. Саҥа дьиэбит киэҥ-куоҥ, сырдык, сылаас. Онон улахан дьиэ кэргэн аатыттан Ил Дархаҥҥа махтанабыт, — диэтэ кини. Итиэннэ бу саҥа дьиэлэрин сирэ-уота тупсарылларыгар баҕа санаатын биллэрдэ. Манна элбэх оҕолоох ыаллар, кырдьаҕастар олороллор диэн эттэ.

Кини көрдөһүүтүгэр Ил Дархан «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагыраамата тиһиктээхтик салҕанарын эттэ:

— Бу бырагыраама улахан куораттарга эрэ буолбакка, ыраах сытар нэһилиэктэргэ эмиэ үлэлиир. Өссө да элбэх оҥоһуллуоҕа. Кылаабынайа, саҥа дьиэлэр болдьоммут кэмнэригэр тутуллан олоххо киирэллэрэ уонна хаачыстыбалаах буолаллара наада/ Эһиги көрдөһүүгүтүн иһиттим. Улуус, нэһилиэк баһылыктара уонна тутааччылар манна болҕомтолорун биир сүбэнэн ууруохтара, — диэн хоруйдаата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: