Саҥа дьылга эҕэрдэлэһэн буостанан аккырыыкка ыытыһар үтүө үгэс баара. Ол аныгы үйэҕэ бассаабынан солбуллубута. Ити гынаары, ол кэрэ кэмнэри, дьоллоох оҕо сааһы санатар бэртээхэй аккырыыккалары мунньар, уруккулары үтүгүннэрэн хос бэчээттээн таһаарар буолбуттара туһугар эмиэ үөрүүлээх. Маныаха, Саҥа дьыл аккырыыкката, уопсайынан, хаһан баар буолбутуй? Бу туһунан устуоруйаҕа тугу бичийэллэрий? Сэҥээрэн көрөр аккырыыккаларбыт тустарынан сэгэтэн көрүөҕүҥ.
БАСТАКЫ АККЫРЫЫККА
Ороһуоспанан аккырыыкканы өссө 1794 сыллаахха Англия худуоһунньуга Добсон уруһуйдаабытын туһунан устуоруйаҕа суруллар. Кини кыһыҥҥы айылҕаны, харыйаны уонна дьиэ кэргэни оҥорбут, ону доҕоругар ыыппыт. Доҕоро онтон олус үөрбүт, сөбүлээбитин биллэрбит. Итинтэн кынаттанан, талааннаах худуоһунньук эһиилигэр аккырыыккатын элбэтэн, хас да табаарыһыгар ыыппыт. Бу кэнниттэн, аккырыыкка муодаҕа тохтуу түһэн баран, кимиэллээхтик киирбит.
Ол курдук, Ороһуоспанан аккырыыкка Англияҕа 1840 (1843) сыллаахха баар буолбутун туһунан суруллар. Чунуобунньук сэр Генри Коул Джон Хорсли диэн худуоһунньукка үлэһэн уруһуйдаппыт. Аккырыыкка сирэйигэр бырааһынньыктыы олорор Коул дьиэ кэргэнэ ойууламмыт. Оттон икки өттүгэр үтүө санаалаах буолууну көрдөрөр түгэннэр киллэриллибиттэр. Бэһиэлэй Ороһуоспаны уонна дьоллоох Саҥа дьылы баҕарар үтүө тыллар эҕэрдэни ситэрэн-хоторон биэрбиттэр. Аккырыыкканы көрөн сэҥээрээччи элбээбит. Онон дьиэ кэргэн аҕа баһылыга 2000-ны эбии оҥорторон атыыга таһаарбыта хамаҕатык барбыт. Ити кэнниттэн, 20 сыл буолан баран, маассабайдык бэчээттээн барбыттар.
АРАССЫЫЙАҔА
Ороһуоспанан аккырыыккалары Арассыыйаҕа Англияттан аҕалбыттар. Сыаната биир солкуобай эбит. Ол оччотооҕу кэмҥэ балачча ыарахан сыана. Атыыһыттар дэлэччи аҕалан атыылыыр буолбуттар. Сыыйа кинигэ атыылыыр кыра маҕаһыыннар иилэ хабан ылан, үлэһэн ылаллара үксээбит. Оттон Санкт-Петербург, Москва ойуулаах аккырыыккалары Арассыыйаҕа 1895 сылтан бэчээттээн саҕалаабыттар.
Сабаҕалааһынынан, Арассыыйаҕа Ороһуоспа аккырыыккаларын уруһуйдаабыт худуоһунньуктарынан Федор Беренштамы, Николай Каразины (1872) ааттыыллар. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи кэмҥэ уруһуйдаан, оҥорон таһаарарга худуоһунньуктар: Александр Бенуа, Лев Бакст, Константин Маковскай, Николай Рерих, иллюстратор Елизавета Бём үлэлэспиттэрин туһунан ахтыллар. Ити кэмҥэ тыа сирин олоҕо-дьаһаҕа, кыһыҥҥы айылҕа, оҕолор оонньуу сылдьаллара ордук сөбүлээн уруһуйдуур тиэмэлэрэ эбит.
АРАКЫАТА, ТЭЛЭБИИСЭР УОННА ОЙУУЛУК ДЬОРУОЙДАРА
Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн Ороһуоспаны уонна Саҥа дьылы дьон бырааһынньыктаабат буолбут. Биллэн турар, аккырыыкка да ыытыһыы тохтообут. Дьон эппиэтинэскэ тардыллартан куттанан, аккырыыккаланыахтааҕар буолуох, харыйа да туруорар туһунан умнан эрэргэ тиийбиттэр.
Ол гынан баран, Саҥа дьылынан эҕэрдэлэһэр үгэс Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар сөргүтүллүбүт. Оччолордооҕу аккырыыккаларга (карточкаларга) дьоруойдар хаартыскалара баар буолбуттар. Аптамааттаах эбэтэр сиппииринэн фашистары кыйдыыр Тымныы оҕонньор уруһуйданара үксээбит.
Саҥа дьыл аккырыыккалара Арассыыйаҕа 1950-c сыллартан маассабайдык бэчээттэммиттэр. Ордук элбэхтик дьиэ кэргэнинэн бырааһынньыктыы сылдьар дьону, кыһын таһырдьа оонньуу сылдьар үөрбүт оҕолору уруһуйдуур буолбуттар.
Салгыы Тымныы оҕонньор аракыатанан көтөн, массыынанан айаннаан иһэрэ, хаартыскаҕа түһэрэ турара, Хаарчаана ойуур кыылларын кытары оонньуу сылдьара, о.д.а. элбэх, сүргэни көтөҕөр, оҕону-урууну үөрдэр, манньытар ойуулар дэлэйбиттэр. Бэлиэтэнэринэн, 60-70-с сылларга хайыһардыы, катокка хатааһылыы сылдьар спортсменнар, эрэстэрээҥҥэ олорор дьон, оҕо оонньуурдара үксээбиттэр.
1970-с сыллартан, оҕо аймах болҕомтотун тардыбыт ойуулук дьоруойдара сүрүн миэстэни ылбыттар. Ону кытта тэбис-тэҥҥэ олох сайдыытын көрдөрөн тэлэбиисэри уруһуйдуур буолбуттар. 80-с сылларга ордук оонньуурунан симэммит харыйа лабаата үксээбит. 90-с сыллартан урукку ойуулары эргитэн хатылыыр буолбуттар. Оттон билигин аккырыыкка талбыта атыыга дэлэй. Сөбүлээбиккин ыл, таптаабыккын тал.
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…
Булчут Мэхээлискэ туһунан суруйарга сананным. Дьиҥинэн, бука соччо улаатан баран алтыспатах буоламмын, суруйа да сананыам…
Баан счетуттан уоруллубут 64 тыһыынча солкуобайы полиция тута арыйда. ИДьМ-тын Саха сиринээҕи салалтатын полиция 1-кы…