Саҥа дьыл билгэлэрэ
Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр оҕолуун-уруулуун бары туох эмит дьиктини, уратыны, аптааҕы күүтэбит. Чаһы кураана охсорун кытта баҕа санаабытын испитигэр саныахтаахпыт, саҥа сылтан тугу күүтэрбитин былаанныахтаахпыт, хайаан да үөрүөхтээхпит-көтүөхтээхпит, чугас дьоммутун эҕэрдэлиэхтээхпит диэн олохсуйбут өйдөбүллэри бары бэркэ билэбит.
Ону кытта араас биккэ-билгэҕэ итэҕэйэн, “оннук гыныахха”, “маннык гыныахха” бөҕөтө буолабыт. Бу билгэлэрбит хантан кэлбит эбиттэрий? Киһи итэҕэйэрэ төһө оруннааҕый? Ол туһунан кэпсэтиэххэ.
Кураан охсорун күүтүөхтээххин…
Атын бырааһынньыктартан уратыта диэн, холобура Ороһуоспатааҕар, Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр хайаан даҕаны кураан охсорун күүтүөхтээххин, ахсынньы 31 күнүттэн тохсунньу 1 күнэ үүнэрин бэлиэтээн, дьылы көрсүөхтээххин диэн.
Бу үгэс Великобританияттан тарҕаммыт диэн сабаҕалыыллар. Тоҕо диэтэр, бу диэки 15-с, 16-с үйэлэргэ билигин хас дьиэ аайы ыйанан турар курдук аныгылыы оҥоһуулаах – стрелкалардаах чаһылар тарҕаммыттар. Чаһы 12 чааһы охсоотун кытта саҥа сылга бастакынан көрсүбүт киһилэринэн сылы билгэлииллэрэ. Хараҥа баттахтаах эр киһини көрсүү үрдүк дьолго тэҥнэһэрэ. Оттон кытархай, араҕас баттахтаах дьахтар сору-муҥу аҕалар диэн, бу маннык баттахтаах дьахталлар барахсаттартан тэйэ тутталлара.
Чаһы айылла илигинэ дьылы күн киирэринэн атаараллара, тахсарынан көрсөллөрө.
Тапталга угуттаныы уонна соҕотохсуйуу
Биир билэр кыыһым соторутааҕыта: “Мин таптыыр уолбун кытта Саҥа дьылы көрсүөм дии санаабытым. Бэл диэтэр, алтынньыттан бырааһынньыктыыр былааччыйабын атыылаһан, тугу астыырбын былааннаан ырааппытым. Онтон бу Саҥа дьылбыт тигинээн кэлбитигэр уолум “мин төрөппүттэрбин кытта бэлиэтиир буоллум, улууска тахсабын” диэн аккаастаата. Оттон таптыыр киһигин кытта сылы көрүстэххинэ, сылы быһа тапталга угуттана сылдьаҕын диэн өйдөбүл баар дии. Ол аата, мин кэлэр сылы быһа соҕотохсуйабын дуо?” – диэн мунааран турардаах.
Кырдьык даҕаны, үгүс дойдуларга саҥа сылы таптыыр киһигин кытта көрүстэххинэ, сылы быһа ол киһигин кытта дьоллоохтук, эйэлээхтик олороргун хааччыйаҕын диэн үгэс баар.
Киһи айарыгар-тутарыгар, аан дойдуну көрөрүгэр, атын дьону кытта билсэригэр, саҥа дьарыкка ылсарыгар, атын аһы амсайарыгар, бэйэтигэр талааны арыйыытыгар сыалай биир сыл бэриллэр. Онон ол биир сыллаһыыттан-уураһыыттан туох даҕаны улахан уларыйбат буоллаҕа.
Суунабыт, хомунабыт дуу, суох дуу?
Саҥа сылы көрсөөрү хаһаайкалар дьиэлэрин истэри-тастарын хомуйуу, сууйуу-сотуу бөҕөтө буолаллар. Мунньуллубут бөҕү-саҕы, наадата суох кумааҕылары, кэппэт таҥаһы быраҕаллар, дьиэлэрин үрдүн-аннын быыллыыллар, эргэрбити саҥардаллар. Бырааһынньык иннинэ сууналлар-тарааналлар, мааны таҥастарын кэтэллэр.
Оттон аны төттөрүтүн олох хомуммат, туохха да наадыйбат буолан хаалар дьон эмиэ баар эбит. Тоҕо диэ? Тоҕо диэххэ, сылы быһа муспут баайдарын бөҕү кытта тэбээбэт туһуттан. Бостуой сууйан-сотон дьиэҕэ аны харчы иҥмэт буолан хаалыа, быылы кытта эйэ дэмнээх олох көтөн хаалыа диэн дьаһаммат үгэстэрдээх дьиэ кэргэттэр баалларын соһуйа да, сонургуу да истибитим.
Кэтээн көрөөччүлэр үөрэппиттэринэн, норуокка кири-хоҕу кытта ыарыы, куһаҕан тыын баар диэн өйдөбүл быдан баһыйар эбит. Онон саҥа сылы туох да кэтэх санаата суох көрсөр туһуттан дьиэни-уоту сууйар-сотор, наадата суоҕу харыһыйбакка быраҕар сөп эбит.
Моҕойу моойго иилинэн…
Үүнэр сылбыт Күөх Мас Моҕой сылынан буолар. Бу сылга ханна эмит көһөр, үлэни уларытар, дьиэ кэргэни тэринии, оҕо төрөтүү — барыта табыллар. Ситиһиини, табыллыыны өссө күүскэ тардар туһуттан астрологтар Моҕой статуэткатын дьиэҕэ саамай көстөр сиргэ уурарга сүбэлииллэр. Итиэннэ кэлэр сыл устата моҕой быһыылаах моойго иилинэр киэргэллэри, ытарҕалары кэтэр биһирэнэр үһү.
Оттон биһиэхэ?
Саха сиригэр Саҥа дьыллааҕы ханнык үгэстэри дьон тутуһар эбитий? Саамай тарҕаммыттары бэчээттиибит:
- Бырааһынньыктааҕы остуолга төһөнөн элбэх бүлүүдэ баар да, соччонон үүнэр сылга баай-дуол олох күүтэр диэн билгэни бары тутуһаллар эбит.
- Саҥа таҥаһы кэтиҥ, саҥа таҥаска утуйуҥ, саҥа иһиттэн аһааҥ. Оччотугар кэлэр сылга үлэҕэ, үөрэххэ, тус олоххо саҥа суоллар, саҥа ситиһиилэр баар буолуохтара.
- Кэлэр сылы быһа үөрэ-көтө, бэйэҕэ эрэллээх сылдьар туһуттан, ахсынньы 31 күнүгэр ытаамаҥ-соҥоомоҥ, хомойумаҥ, кимҥэ да өһүргэнимэҥ.
- Саҥа дьыл иннинэ иэстэргитин төнүннэриҥ, ахсынньы 31 күнүгэр кимҥэ даҕаны иэс биэримэҥ. Маны тутуспатаххытына, кэлэр сылга харчыга эрэйдэниэххит.
- Кэлэр сылтан тугу күүтэргитин харыйаҕытыгар ыйааҥ: ыал буолуон баҕарааччылар – биһилэҕи, оҕолонуон баҕарар дьон – оҕо таҥаһын, оонньуурун, дьиэлэниэн баҕарар ыал – дьиэ, күлүүс быһыылаах оонньууру уо.д.а.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: