Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар сөптөөх аһылыгы тутуһарга тэттик сүбэлэр
Кэтэһиилээх Саҥа дьылбыт бырааһынньыктара тигинээн тиийэн кэллилэр. Бу алыптаах бырааһынньыгы оҕолуун-уруулуун, улахан дьоннуун бары кэтэһэбит. Дьиэни кэргэтии, харыйа туруоруу, бэлэх көрдөөн маҕаһыыннары кэрийии, ас астааһын түбүктэрэ – бу барыта Саҥа дьыл тыынын киллэрэллэр. Уонна, биллэн туран, Саҥа дьыл киэһэтин хайаан да бэһиэлэйдик, эгэлгэ астаах, араас бүлүүдэлээх баай остуоллаах көрсөргө кыһаллабыт.
Үгүс киһи сыл ахсын Саҥа дьыллааҕы биэчэргэ кэрэ көстүүлээх, кыраһыабай буолар туһуттан, икки-үс нэдиэлэ инниттэн кытаанах диетаны тутуһар. Ол эрээри, бу бириэмэ иһигэр түһэрбит үс-түөрт киилэ ыйааһыннарын Саҥа дьыл түүнүгэр төттөрү төнүннэрэллэр. Саҥа дьыллааҕы баай остуолга олороот, сатаан туттуммака, остуолга баар аһы ыгыччы олорон барытын аһыыбыт. Бу кэннэ доруобуйабыт мөлтүүр, санаабыт түһэр.
Бу маннык түбэлтэ суох буоларын туһугар Ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин быраастара эһиэхэ анаан тэттик сүбэлэрин үллэстэллэр.
- Бырааһынньыктааҕы остуолга олоруох иннинэ аччык сылдьымаҥ. Күн устата кыра-кыралаан аһыы сылдьыҥ. Элбэхтик уута иһиҥ. Доруобай аһылыгы тутуһуҥ.
- Бырааһынньыктааҕы остуолгутун тупсаҕай гына киэргэтиҥ. Кыраһыабай иһиттэри сервировкалаан ууруҥ. Оҕуруот аһын, фруктаны араастык быһан бүлүүдэлэргэ эбэн, остуолгутугар тупсаҕай гына ууруҥ. Бу туһалаах эрэ буолбакка, бырааһынньык остуолун киэргэтэр.
- Аскытын кыра иһиттэргэ уураргыт ордук. Оччоҕуна аһыыр өлүүгүт кыччыыр, бэйэҕит миэрэҕитинэн сөпкө аһыыгыт. Куйаар ситимиттэн араас табыгастаах идиэйэлэри көрөн үтүктүҥ. Салфетканан, оҕуруонан, бантиктарынан тупсаҕайдык киэргэтэн биэриҥ.
- Сөптөөх аһылыгы тутуһуҥ. Ол курдук, кыра сыалаах үрүҥ ас, ууга буспут эт, балык, муора бородуукталара, сыр, эриэхэ, оҕуруот аһа, фрукта, куурусса этэ о.д.а бородуукталар эһиги бырааһынньыктааҕы остуолгутугар хайаан да баар буолуохтаахтарын ситиһиҥ. Арыылаах-сыалаах бүлүүдэттэн аккаастаныҥ. Кыһыл балыктан, оҕуруот аһыттан араас канапелары, фруктаттан салааттары оҥоруҥ. Майонез оннугар оливка арыытын, сүөгэйи туттуҥ.
Бу сүбэлэри тутуһан бырааһынньыктааҕы остуолгутун киэргэтэн, сөптөөх астары астанан Саҥа дьылы көрүстэххитинэ, эбии ыйааһыны эбиэххит суоҕа, доруобайдык, үөрэ-көтө көрсүөххүт диэн сүбэлиибит! Чэгиэн сылдьыҥ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: