Кэтэһиилээх Саҥа дьылбыт бырааһынньыктара тигинээн тиийэн кэллилэр. Бу алыптаах бырааһынньыгы оҕолуун-уруулуун, улахан дьоннуун бары кэтэһэбит. Дьиэни кэргэтии, харыйа туруоруу, бэлэх көрдөөн маҕаһыыннары кэрийии, ас астааһын түбүктэрэ – бу барыта Саҥа дьыл тыынын киллэрэллэр. Уонна, биллэн туран, Саҥа дьыл киэһэтин хайаан да бэһиэлэйдик, эгэлгэ астаах, араас бүлүүдэлээх баай остуоллаах көрсөргө кыһаллабыт.
Үгүс киһи сыл ахсын Саҥа дьыллааҕы биэчэргэ кэрэ көстүүлээх, кыраһыабай буолар туһуттан, икки-үс нэдиэлэ инниттэн кытаанах диетаны тутуһар. Ол эрээри, бу бириэмэ иһигэр түһэрбит үс-түөрт киилэ ыйааһыннарын Саҥа дьыл түүнүгэр төттөрү төнүннэрэллэр. Саҥа дьыллааҕы баай остуолга олороот, сатаан туттуммака, остуолга баар аһы ыгыччы олорон барытын аһыыбыт. Бу кэннэ доруобуйабыт мөлтүүр, санаабыт түһэр.
Бу маннык түбэлтэ суох буоларын туһугар Ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин быраастара эһиэхэ анаан тэттик сүбэлэрин үллэстэллэр.
Бу сүбэлэри тутуһан бырааһынньыктааҕы остуолгутун киэргэтэн, сөптөөх астары астанан Саҥа дьылы көрүстэххитинэ, эбии ыйааһыны эбиэххит суоҕа, доруобайдык, үөрэ-көтө көрсүөххүт диэн сүбэлиибит! Чэгиэн сылдьыҥ!
Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар улуустарга уонна нэһилиэктэргэ Бэтэрээннэр искибиэрдэрин саҥардан оҥордулар, Кыайыы болуоссаттарыгар…
Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр Кыайыы 80 сылын көрсөр тэрээһин үрдүк…
Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ууну-уоту ортотунан ааһан, Улуу Кыайыыны…
Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду Үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцовы кытта Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа…
Сунтаарбыт саамай элбэх үөрэнээччилээх, улахан кээмэйдээх оскуолатыгар быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. "Модернизация школьных систем"…
Дьокуускай куорат аҕам саастаах олохтоохторо түөкүттэргэ итэҕэйэн 23 мөлүйүөн солкуобайы уордарбыттарын туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…