Саҥа дьыл иннинэ алта күннээх үлэ нэдиэлэтэ күүтэр

Share

Госдуумаҕа Саҥа дьыл иннинээҕи алта үлэ күннээх нэдиэлэ оннунан хаалар диэн иһитиннэрдилэр. Бу иннинэ ахсынньы 28 күнүн, субуотаны, өрөбүл күн оҥорор туһунан этиини дьокутааттар киллэрэ сылдьыбыттара. 

Саҥа дьыл иннинээҕи субуота күн өрөбүл буолар кыаҕа суох, тоҕо диэтэр, 2024 сыллаах үлэ халандаарыгар субуота күн өрөбүлэ бэнидиэнньиккэ, ахсынньы 30 күнүгэр көһөрүллүбүтэ. Бэнидиэнньик — өрөбүл күн. Онон үлэһиттэр ахсынньы 29 күнүттэн, баскыһыанньаттан саҕалаан, тохсунньу 8 күнүгэр диэри өрүүллэр. Бу иннинээҕи нэдиэлэҕэ — ахсынньы 23 күнүттэн 28 күнүгэр — алта күннээх үлэ нэдиэлэтэ буолар.

Маны тэҥэ, Госдуума үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтин чилиэнэ Светлана Бессараб этэринэн, маннык көҕүлээһини олох эрдэттэн, үлэ халандаара оҥоһулла илигиттэн киллэриэххэ наада. Тоҕо диэтэр, экэнэмиичэскэй өрүтүн эмиэ ырытан көрүөххэ наада.

Саҥа дьыл иннинээҕи алта күннээх үлэ нэдиэлэтин көҕүрэтэр туһунан көҕүлээһини дьокутааттар РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Григоренкоҕа сэтинньи 12 күнүгэр киллэрбиттэрэ.

Чэ, ол да буоллар, Саҥа дьыл иннинэ 3 күннээх өрөбүл баар, онон бырааһынньыкка үчүгэйдик бэлэмнэниэххэ сөп. Урукку дьылларга, сороҕор ахсынньы 31 күнүгэр үлэ күнэ түбэһэр этэ. 

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

44 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

54 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өбүгэ үгэһигэр — уһуйаантан

Бу күннэргэ Нам улууһун Партизан нэһилиэгин “Кустук” уһуйааныгар Байанай ыйыгар анаммыт тэрээһини ыыттылар. Бу туһунан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Русскай Устье олоҕор үс араас көрүү баар

Сэтинньи 21 күнүгэр РНА СС Гуманитарнай чинчийиилэр уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын проблемаларыгар институкка…

2 часа ago