Саҥа дьыл түүнүгэр 1988 сылга бэлиэтэммит тымныы хатыланыа

Share

Ахсынньы 31 күнүгэр Саха сиригэр тымныы өссө күүһүрүө.

Саҥа дьыллааҕы түүнүгэр ордук тымныы буоларын сылыктыыллар. Дьокуускайга салгын температурата -48С кыраадыска диэри түһүө. Саҥа дьыл өрөбүллэригэр күн-дьыл туругун туһунан СИА-ҕа Саха сиринээҕи УГМС метеорологическай уонна агрометеорологическай отделын начаалынньыга Саргылана Никитина кэпсээтэ.

«Субуотаҕа Саха сирин бүтүннүүтүгэр кэриэтэ биллэрдик тымныйда, оттон соҕуруулуу-арҕаа оройуоннарга Сибииртэн атмосфера фроннарыттан сылаас, хаардаах күннэр тураллар. Кэлэр үс сууккаҕа антициклон күүһүрбүтүнэн -45С… -50 кыраадыска тиийэ тымныы күүһүрэрэ күүтүллэр, сорох сирдэринэн -53С… -58 буолара күүтүллэр», — диэн Саргылаана Никитина кэпсээтэ. Саҥа дьыллааҕы түүнүгэр Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, туманнаах уонна кыра тыаллаах буолара сылыктанар. Саха сиригэр тымныылар 2025 сыл тохсунньу 4 күнүгэр диэри туруохтара.

«Дьокуускайга салгын баттааһына үрдүгүнэн нуорматтан намыһах кыраадыс буолара күүтүллэр. Саҥа дьыл түүнүгэр ордук -46С…-48 кыраадыска тиийэ тымныйыа. Туманнаах, сөҥүүтэ суох уонна кыра тыаллаах буолуоҕа. Маннык тымныы күн-дьыл урут 1998 сыллаахха бэлиэтэммитэ. Оттон50С кыраадыс тымныылар 1988 сыллаахха», — диэн эспиэр санаатын үллэһиннэ.

What’s your Reaction?
+1
14
+1
1
+1
0
+1
0
+1
14
+1
4
+1
5

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыл аккырыыккалара

Саҥа дьылга эҕэрдэлэһэн буостанан аккырыыкка ыытыһар үтүө үгэс баара. Ол аныгы үйэҕэ уларыйан турар. Ол…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Дьокуускай-Жатай-Дьокуускай» хайысханан оптуобус сырыыта

2025 сыл тохсунньу саҥатыттан "Дьокуускай-Жатай-Дьокуускай" хайысханан билигин сылдьар  109, 111  №-дээх оптуобустар оннуларыгар 209 уонна…

36 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Сэрэниҥ! Түөкүттэр араас албастаахтар

Сэрэниҥ!  Түөкүттэр дьон харчытын муҥура суох ыла олорор туһуттан араас албаһы тутталлар. Ол курдук, ааспыт…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Сунтаарга култуура-успуорт комплексын үлэҕэ киллэрдилэр

Сунтаар сэлиэнньэтигэр Абаҕа түөлбэҕэ "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө хамсааһын уонна "Тыа сирин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Владимир Путин быйылгы түмүгү таһаарда

Ахсынньы 19 күнүгэр дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сылы түмүктүүр улахан пресс-кэмпириэнсийэтин уонна нэһилиэнньэни кытары…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: ахсынньы 29 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый?  Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох диэтилэр? Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу…

3 часа ago