Саҥа дьылга дьон туох бэлэҕи ылыан баҕарар эбитий?
30.12.2022, 16:00
Бөлөххө киир:
Сарсын номнуо Саҥа сылы көрсөр үөрүүлээх бырааһынньыкпыт үүнүө, тыл этиитэ, бэлэх бэрсиитэ тосхойуо. Быйыл дьон туох бэлэҕи тутуон баҕарар эбитий?
Дьонтон туоһулаһан көрдөрбүтүнэн, Арассыыйа олохтооҕун 48,5 % харчынан ылыан баҕарара биллибит. Дьиэҕэ туһалаах бытовой малы бэлэх ылыам этэ диэн 21,4 % киһи хоруйдаабыт. Ыйытыкка кыттыбыттартан 17,6 % көмүс киэргэл, 15 % гаджет, 10 % путевка, туристческай айан диэн эппит. Итинтэн арыый аҕыйах бырыһыана таҥас-сап, хоббига сыһыаннаах табаар, үөрэх өҥөтө уонна аралдьытар-сынньатар билиэт, сибэкки, арыгы диэн ыйбыт.
Элбэх киһи Саҥа дьылга таҥас уонна сувенир бэлэҕи тутуохпун баҕарбаппын, ол оннугар бэлэхтээбэтэхтэрэ ордук диэн хоруйдаабыттар.
Хаартыска: СИА.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: