Саҥа дьылга тугу бэлэхтиигит?

Саҥа дьылга тугу бэлэхтиигит?

10.12.2024, 18:54
Хаартыска: pxhere.com/ru
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл буолуо сүүрбэччэ эрэ хонук хаалла. Билигин дьон үксэ кыралаан бырааһынньыкка бэлэмнэнэн, сыыйа бэлэх көрдөөн эрдэҕэ. Арассыыйатааҕы ыйытыкка сигэннээххэ, дьон бу курдук бэлэҕи ылыан баҕарар эбит. Тугу?

Rabota.Ru портал ыйытыгар сигэннэххэ, Арассыыйа олохтоохторо маннык бэлэҕи эрэйэллэр эбит:

  • — 53% соһуччу, сюрприз-бэлэҕи ылыан баҕарар,
  • — 32% сири-дойдуну көрүөн, айанныан баҕарар,
  • — 28% тыйаатырга, кэнсиэргэ эбэтэр атын култуурунай тэрээһиҥҥэ билиэттэн үөрүөм этэ диэбит,
  • — 50% тиэхиньикэҕэ наадыйар (23% гаджет, 22% дьиэҕэ-уокка туттуллар тиэхиньикэ),
  • — 20% таҥас ылыахтарын баҕараллар,
  • — 17% хаачыстыбалаах косметиканы эбэтэр парфюмерияны.

Онтон SuperJob портал ыйытыгар олоҕурдахха, дьон улахан аҥаара путевка уонна харчы бэлэх тутуон баҕарара биллибит. Эр дьон 55%, дьахталлар 46% тиэхиньикэ, гаджет, бытовой прибор бэлэхтээтэллэр бэрт этэ диэбит. Кэрэ аҥаар 57% — косметика, парфюмерия.  Ыйытыкка кыттыбыт дьон 60% баан каартатыгар харчынан ыыталлара, сэртипикээт биэрэллэрэ ордук диэбит.

Итиэннэ Арассыыйа олохтооҕун 1% эрэ арыгыны бэлэх быһыытынан ылыам этэ диэбит. Тоҕо арыгы ылыаххын баҕарбаккын диэн ыйытыыга: “Ыалдьыттар, доҕоттор, кэллиэгэлэр сөбүлээбэт арыгыбын бэлэхтииллэр” — диэн быһаарбыттар. Онон кимиэхэ да буоллун арыгыны бэлэхтииртэн туттунуҥ.  Бу туһунан дойду сонуну киэҥник тардатар ситимнэрэ суруйаллар.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5
+1
1
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: