Хаартыска: pxhere.com/ru
Саҥа дьыл буолуо сүүрбэччэ эрэ хонук хаалла. Билигин дьон үксэ кыралаан бырааһынньыкка бэлэмнэнэн, сыыйа бэлэх көрдөөн эрдэҕэ. Арассыыйатааҕы ыйытыкка сигэннээххэ, дьон бу курдук бэлэҕи ылыан баҕарар эбит. Тугу?
Rabota.Ru портал ыйытыгар сигэннэххэ, Арассыыйа олохтоохторо маннык бэлэҕи эрэйэллэр эбит:
Онтон SuperJob портал ыйытыгар олоҕурдахха, дьон улахан аҥаара путевка уонна харчы бэлэх тутуон баҕарара биллибит. Эр дьон 55%, дьахталлар 46% тиэхиньикэ, гаджет, бытовой прибор бэлэхтээтэллэр бэрт этэ диэбит. Кэрэ аҥаар 57% — косметика, парфюмерия. Ыйытыкка кыттыбыт дьон 60% баан каартатыгар харчынан ыыталлара, сэртипикээт биэрэллэрэ ордук диэбит.
Итиэннэ Арассыыйа олохтооҕун 1% эрэ арыгыны бэлэх быһыытынан ылыам этэ диэбит. Тоҕо арыгы ылыаххын баҕарбаккын диэн ыйытыыга: “Ыалдьыттар, доҕоттор, кэллиэгэлэр сөбүлээбэт арыгыбын бэлэхтииллэр” — диэн быһаарбыттар. Онон кимиэхэ да буоллун арыгыны бэлэхтииртэн туттунуҥ. Бу туһунан дойду сонуну киэҥник тардатар ситимнэрэ суруйаллар.
Хаҥалас улууһун Мохсоҕоллоох бөһүөлэгэр бойобуой дьайыылар, локальнай сэриилэр, байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр анаммыт стела үөрүүлээх быһыыга-майгыга…
Тымныы түһэрин кытта гараастарга баһаар ахсаана элбиир. Аҥардас алтынньы саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр 16 уот турбута…
2025 сыл үс кыбаарталын түмүгүнэн энергетиктар өрөспүүбүлүкэ Арбитражнай суутугар 662 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суумалаах 502…
Алтынньы 19 күнүгэр Сахабыт сиригэр Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Ийэ күнүн көрсө киин куораппытыгар элбэх кэнсиэртэр…
Өлөөн улууһугар бэҕэһээ бөртөлүөт көтөн, сүппүт табалары булууга көмөлөстө. Бүгүн “Өлөөн” МУП зоотехнига Марина Николаева…
Саха сиригэр дьон үксэ ипэтиэкэ көмөтүнэн дьиэ-уот оҥостор. Соторутааҕыта “Тыа сирин ипэтиэкэтэ” (“Сельская ипотека”) диэн …