Саҥа дьыллааҕы ас-үөл сыаната

Share

Росстат дааннайынан, Арассыыйаҕа 2023 сыл тохсунньу-сэтинньи ыйдарыгар сыана үрдээһинэ, ортотунан, 6,64%-ҥа тэҥнэспит. Ол эрээри, сэтинньигэ инфляция 7,48%-ҥа тиийбит. Бу сыл тохсунньу-олунньу ыйдарыгар уонна былырыын ахсынньыга инфляция 10,99% уонна 11,94%-ҥа тиийэ сылдьыбыт эбит.

Национальнай баан Саха сиринээҕи салаатын даанна­йынан, 2023 сыл алтынньытыгар инфляция 7,74%-ҥа диэри үрдээбит. Күһүҥҥү ыйдартан инфляция үрдээн иһэр уонна Уһук Илин, Арассыыйа да көрдөрүүлэрин куоһарбыт. Уһук Илиҥҥэ алтынньыга инфляция 7,67%, Арассыыйаҕа 6,7%-ҥа тэҥнэспитэ.

Ким хонтуруоллууруй?

СӨ сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтэ аска-үөлгэ уонна табаарга сыаналар уларыйыыларын кэтээн көрөр.

Алтынньы ыйга кэмитиэт оҕо аһылыга уонна дьаабылыка, мандарин сыаната 1%-нан, ынах, куурусса этэ, ынах арыыта – 2%-нан, апельсин – 4%-нан, сымыыт – 5%-нан, банаан – 6%-нан, оҕурсу, биэ­рэс – 10%-нан, помидор 16%-нан үрдээбитин бэлиэтээбитэ.

Оттон хаһаайыстыбаннай малларга: оҕо мыылата – 1%, таҥас сууйар бороһуок – 2%-нан, туалетнай кумааҕы, чүмэчи 3%-нан үрдээбит. Бу биир эрэ ый иһигэр үрдээһин буолар.

18 бородууктаҕа сыана, ортотунан, 5-7% намтаабыта бэлиэтэммит – подсолнечник арыыта, лапса, саахар, хара чэй, рис, хортуоппуй, хаппыыс­та, о.д.а.

Балаҕан ыйынааҕы сыана үрдээбэккэ, оннунан хаалбыт: ынах, бараан этигэр, үүккэ, үрүҥ килиэпкэ, хара килиэпкэ, тушенкаҕа уонна испиискэҕэ, тиис суунар паастаҕа.

Социальнай суолталаах бородуукталар

Судаарыстыба социальнай суолталаах бородуукталар испииһэктэрин оҥорор. Бу бородуукталар сыаналара улаханнык үрдүө суохтаах, онон кэмитиэт сыанаҕа эргиэн эбилигин (надбавка) хонтуруоллуур. Эбиликтэр бырыһыаннарыгар бородуукта тиэллэн кэлиитэ, хараллыыта, уот сыаната, үлэһиттэр хамнастара, о.д.а. ааҕыллар. Онтон уратытын урбаанньыт халлаантан ылан эбэр бырааба суох.

Саха сиригэр урут социальнай суолталаах бородуукталар ахсааннара улуустарга 10-тан 29-ка тиийэ халбаҥныыр буоллаҕына, кэмитиэт бары улуустарга биир испииһэги олохтообута. Онон 11 бородуукталаах испииһэк, суола-ииһэ суох сирдэргэ 17 бородуукталаах испииһэк олохтоммута.

Социальнай суолталаах бородуукталарга бурдук, саахар, куруппалар, килиэп, чэй, үүнээйи арыыта, о.д.а. бородуукталар киирэллэр.

Бу бородуукталарга сыананы олус үрдэппэт туһуттан, суола-ииһэ суох сирдэргэ табаары тиэйиигэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүнэн көмө оҥоһуллар.

“Оливье” салаат сыаната төһөнүй?

Саҥа дьыл чугаһаабытынан, Саха сирин олохтоохторо бырааһынньыктааҕы ос­­туолга төһө сууманы барыахтарай? Маҕаһыыннарга сыана үрдүү турар, хайдах уонна төһө бүлүүдэ астанарыттан тутулуктанан, дьиэ кэргэн бүддьүөтэ, дьэ, биллэ чарааһыыр турук­таах. Манна өссө чугас дьоҥҥо бэлэхтэри эбэн кэбис.

Саха сирин олохтоохторо ороскуоттаах соҕус бүлүүдэлэри – тоҥ балыгы, убаһа этин, быарын эрдэттэн ылан, хаһааммыт буолуохтаахтар. Ырыынакка бу бородуукталар бас быстар сыаналаахтар. Ол эрээри, тыа сиригэр син удамыр сыанаҕа: уомул балыгы киилэтин 500 солк., убаһа этин – 700 солк. булуохха сөп.

Оттон билигин Саҥа дьыллааҕы остуол саамай тарҕаммыт бүлүүдэтин – “Оливье” салаат сыанатын ырытан көрүөххэ. Росстат дааннайынан, 2022 сыллаахха Арассыыйаҕа бу салаат сыаната 8,53% үрдээн, 8 буорсуйата 480 солк. тэҥнэспит (былырыыҥҥы сыллааҕы инфляция 11,98% этэ).

Быйыл сыана хайдаҕын билээри, улахан маҕаһыыннарга сырыттым.

“Токко” маҕаһыыннарыгар:

Күөх горох 425 мл бааҥката – 111-128 солк.;

Кэнсиэрбэлэммит оҕурсу “Дядя Ваня” 480 мл бааҥката – 233 солк., “Золотая долина” 500 мл бааҥката – 184 солк., корнишон 700 мл бааҥката – 189 солк., “Главпродукт” 680 гр – 210 солк.

Сымыыт 10 устууката – 122 солк.

Хортуоппуй – 90 солк.

Сүөгэй 0,5 л – 250 солк.

Майонез – 50-70 солк.

Ынах этэ – киилэтэ 650-750 солк.

Маны тэҥэ, “Токкоҕо” мандарин киилэтэ 299 солк.га, кыһыл балык искэҕэ 95 гр – 779 солк., 140 гр бааҥка – 1109 солк., семга балык быһыллыбыта 530 солк. атыыланар. Аахсыйанан “Санни Голд” үүнээйи арыыта 112 солк., “Милора” арыы 92 солк. атыылана турар.

“Народный” маҕаһыыҥ­ҥа:

Горох 425 гр бааҥката – 88 солк., “Главпродукт” 425 гр бааҥката – 115 солк.;

Оҕурсу 860 гр бааҥката – 283 солк., “Дядя Ваня” 950 гр бааҥката – 268 солк.

Сымыыт 10 уст. – 130 солк.;

Хортуоппуй – киилэтэ 85 солк.;

Сүөгэй 0,5 л – 280 солк.

Ынах этэ – 700 солк.

Манна “Санни Голд” арыыны 113 солк., 488 гр “Лагуна” креветкэни 450 солк. булуох­ха сөп.

Онон дьиэ кэргэн биир көстүрүүлэ “Оливье” салааты оҥороругар ортотунан 1300-1400 солк. барыыр. Биллэн турар, эт оннугар халбаһыны, сүөгэй оннугар майонеһы тутуннахтарына, сыаната чэпчиир – ортотунан 1000-1100 солк. буолар.

“Сыана халбаҥныыра үксүн суол туругуттан тутулуктаах”

СӨ сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Бочков:

– Сыананы уонна тарыыптары хонтуруоллааһын үс таһымнаах – федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна оройуоннааҕы. Кэмитиэт өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымҥа ордук киэҥ боломуочуйалаах. Сүрүннээн, энэргиэтикэ уонна ОДьКХ салааларыгар – манна элэктэриичистибэ тарыыптарын олохтуубут. Дьиэни ититиигэ, итии, тымныы ууга тарыыптар хонтуруолланаллар.

2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн эргиэн эбиликтэрэ саҥаттан ааҕыллан киириэхтэрэ. Бу саҥа эбиликтэр улуустар аһынан-үөлүнэн хааччыллыыларыгар охсуута суох уонна нэһилиэнньэҕэ табыгастаах буолуохтаахтар.

Биһиги тарыып ааҕыныстыбатын тэрийбиппит, ол бары улуустарга үлэлиир. Кинилэр сыананы ый аайы кэтээн көрөллөр. Сүрүннээн, ортотунан 45 бородуукта сыанатын кэтииллэр.

Сыана сыл устата халбаҥныыр, ол үксүн суол туругуттан, өрүс туруутуттан, хаайтарыыттан, кыһыҥҥы суол аһыллыытыттан, быйылгы үүнүү өлгөмүттэн, о.д.а. тутулуктаах.

Сорох хаһаайкалар номнуо менюларын оҥорон, бородуукталарын атыылаһа, бэлэхтэрин ыла сылдьар буолуохтаахтар. Сөп ээ, Саҥа дьыл чугаһыгар маҕаһыыннарга уочараттар үөскүөхтэрэ, бириэмэ да тиийбэт буолуо. Төһө да сыана сыыйа үрдээтэр, хас биирдии ыалга Саҥа дьыллааҕы сандалы өлгөм, байылыат буоллун!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Сунтаардар олоҥхолоруттан сылаас иэйиигэ куустардым

Олонхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыларынан билиниллибитэ номнуо 20-чэ сыл ааста. Ол…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тохсунньуттан Роскомнадзорга бэлиэтэниини ааспатах блог, канаал бас билээччилэрин ыстарааптыахтара

Бу сыл сэтинньиттэн 10 тыһ. тахса сурутааччылаах блог уонна канаал бас билээччилэрэ Роскомнадзорга бэлиэтэниэхтээхтэр (регистарция).…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Папа-предприниматель» үөрэтэр грант кыайыылааҕын быһаардылар

«Мой бизнес» кииҥҥэ «Папа-предприниматель» үөрэтэр грант түмүгүн таһаардылар. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан түөрт оҕо аҕата, ювелирнай…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хатас-Павловскай хайысханан өрүс суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, Өлүөнэ өрүскэ кыһыҥҥы бастакы суол аһылынна. Хатас-Павловскай хайысханан айан-сырыы көҥүллэммитин туһунан…

50 минут ago
  • Сонуннар

Үбүлүөй собото

Хас да сыллаах үөрэтии, архыып докумуоннарын хасыһыы түмүгэр, Үгүлээт нэһилиэгин туһунан аан-бастаан сурукка киирбит, ол…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан истипиэндьийэлэрин туттардылар

Сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнүгэр, Ил Дархан анал истипиэндьийэлэрин Туоһу суруктарын туттарыы үөрүүлээх…

1 час ago