Саҥа дьыллааҕы бит-билгэ

Саҥа дьыллааҕы бит-билгэ

22.12.2024, 16:55
Хаартыска: sakha-sire.ru
Бөлөххө киир:

Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны туолар диэн ааттыыллар. Итэҕэйбэт дьон аахайбакка ааһар, ылынааччы – ылынар.  

– Өскөтүн Саҥа дьыл үүм­мүт түүнүгэр таһырдьа бастакынан көрсүбүт киһигит эбэтэр бастакы ыалдьыккыт эр киһи буоллаҕына – дьол күүтэр;

– суолга ыты көрүстэххитинэ – тус олоххут табыллар;

– килиэп бытархайа тоҕуннаҕына – дьиэлээх дьону сыбаай­ба күүтэр;

– Саҥа дьылы суолга айанныы сылдьан көрүстэххитинэ – кэлэр сылгыт үгүс сырыылаах буолуо эбэтэр инникитин билсиһии күүтэр.

Саҥа дьыллааҕы үгэстэр

Аны кэккэ үгэстэргэ тох­тоон ааһыаҕыҥ:

– баҕа санааҕыт түргэнник туоларын туһугар ыра санааҕытын кыһыл кумааҕыга суру­йан баран, тэтэркэй лиэнтэнэн баайан Саҥа дьыллааҕы харыйа саамай үөһэ өттүгэр ыйааҥ;

– хас биирдии дьиэ кэргэн дьонун кумааһынньыгар эбэтэр бырааһынньык сандалытын хас биирдии муннугар (ыскаатар анныгар)  улахан күпүүрэлэри уурталааҥ;

– Саҥа дьыл иннинэ иэскитин төнүннэрэргэ дьулуһуҥ;

– Саҥа дьыллааҕы хары­йаҕа эбэтэр кумааһынньыкка кыра күлүүс тылын угуннаххытына, кэлэр сылга саҥа кыахтар арыллыахтара, баҕа санаа­ҕыт туолуо;

— Моҕой бэлиэтин кытта ситимнээх тааһы (нефрит, изумруд, змеевик, яшма, малахит) укта сырыттахытына, куһаҕантан харыстыаҕа.

Туох көҥүллэнэр, бобуллар?

Кэлэр сыл санаа хоту салалларын туһугар бырааһынньык күн тугу тутуһар, туохтан туттунар ирдэнэр?

– Саҥа сыл үүнэр түүнүгэр түннүккүтүн тэлэччи аһан үүммүт сыл дьолун дьиэҕитигэр киллэриҥ;

– Ааҥҥытын уонна түннүктэргитин умайар банаардарынан, чүмэчинэн, лаапмаларынан киэргэтиҥ. Сырдык уонна сылаас дьолу тардар диэн этэллэр;

– алҕас тууһу тоҕуу – дьолго. Куһаҕан тыын киирэриттэн харыстаан тохтор диэн этэллэр;

– тохсунньу 1 күнүгэр күнүскэ диэри дьиэҕититтэн бөҕү таһаарымаҥ, дьолгут тахсыһан хаалыан сөп дииллэр;

– өскөтүн харыйа оонньуура алдьаннаҕына, хомуйан ылан баран кытаанах кумааҕыга эбэтэр таҥаска суулааҥ итиэннэ тохсунньу 1 күнүгэр көмөн кэбиһиҥ;

– өскөтүн бырааһынньык иннинэ иһит алдьаннаҕына, тугунан эмэ туора бүөлүү ууран кэбиһиҥ уонна сарсыныгар биирдэ хомуйан дьиэттэн таһаарыҥ.

Баҕа санааны этиэххэ

Биллэн турар, баҕа санаа аптаах палочканан таҕайдахха туолан хаалбата биллэр. Ол эрээри, бу үгэс сылга биирдэ тосхойор бырааһынньык тыынын өссө тупсарар, үөрүүнү үксэтэр, киһини кынаттыыр.

Бастакы, саамай тарҕаммыт көрүҥ – кумааҕыга баҕа санааны суруйан баран уматан, күлүн бокалга кутан ку­­раан тыаһын кэмигэр иһии.

Иккис көрүҥ – кураан тыаһын кэмигэр хараҕы симэн туран баҕа санаа туолбутун курдук оҥорон көрүү. Харах көрбүтүн санаа ситиһэр диэн этэл­лэр, онон киһи хараҕар оҥорон көрбүтүн олоххо киллэрэргэ дьулуһар.

Үһүс көрүҥ – чугас дьон, аймахтар, ыалдьыттар баҕа санааларын илиискэ суруйтаран баран кураанах бытыылкаҕа уган ууруу, эһиилги Саҥа дьылга таһааран ким баҕа санаата туолбутун ааҕыы. Бу көрүҥ чугас дьон бэйэтин икки ардыгар куоталаһыыны үөскэтэр буолан, киһи бэйэтэ туруулаһарыгар сирдиир.

Төрдүс көрүҥ – бенгальскай уот умайан бүтүөр диэри баҕа санааны этии.

+1
24
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: