Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны туолар диэн ааттыыллар. Итэҕэйбэт дьон аахайбакка ааһар, ылынааччы – ылынар.
– Өскөтүн Саҥа дьыл үүммүт түүнүгэр таһырдьа бастакынан көрсүбүт киһигит эбэтэр бастакы ыалдьыккыт эр киһи буоллаҕына – дьол күүтэр;
– суолга ыты көрүстэххитинэ – тус олоххут табыллар;
– килиэп бытархайа тоҕуннаҕына – дьиэлээх дьону сыбаайба күүтэр;
– Саҥа дьылы суолга айанныы сылдьан көрүстэххитинэ – кэлэр сылгыт үгүс сырыылаах буолуо эбэтэр инникитин билсиһии күүтэр.
Аны кэккэ үгэстэргэ тохтоон ааһыаҕыҥ:
– баҕа санааҕыт түргэнник туоларын туһугар ыра санааҕытын кыһыл кумааҕыга суруйан баран, тэтэркэй лиэнтэнэн баайан Саҥа дьыллааҕы харыйа саамай үөһэ өттүгэр ыйааҥ;
– хас биирдии дьиэ кэргэн дьонун кумааһынньыгар эбэтэр бырааһынньык сандалытын хас биирдии муннугар (ыскаатар анныгар) улахан күпүүрэлэри уурталааҥ;
– Саҥа дьыл иннинэ иэскитин төнүннэрэргэ дьулуһуҥ;
– Саҥа дьыллааҕы харыйаҕа эбэтэр кумааһынньыкка кыра күлүүс тылын угуннаххытына, кэлэр сылга саҥа кыахтар арыллыахтара, баҕа санааҕыт туолуо;
— Моҕой бэлиэтин кытта ситимнээх тааһы (нефрит, изумруд, змеевик, яшма, малахит) укта сырыттахытына, куһаҕантан харыстыаҕа.
Кэлэр сыл санаа хоту салалларын туһугар бырааһынньык күн тугу тутуһар, туохтан туттунар ирдэнэр?
– Саҥа сыл үүнэр түүнүгэр түннүккүтүн тэлэччи аһан үүммүт сыл дьолун дьиэҕитигэр киллэриҥ;
– Ааҥҥытын уонна түннүктэргитин умайар банаардарынан, чүмэчинэн, лаапмаларынан киэргэтиҥ. Сырдык уонна сылаас дьолу тардар диэн этэллэр;
– алҕас тууһу тоҕуу – дьолго. Куһаҕан тыын киирэриттэн харыстаан тохтор диэн этэллэр;
– тохсунньу 1 күнүгэр күнүскэ диэри дьиэҕититтэн бөҕү таһаарымаҥ, дьолгут тахсыһан хаалыан сөп дииллэр;
– өскөтүн харыйа оонньуура алдьаннаҕына, хомуйан ылан баран кытаанах кумааҕыга эбэтэр таҥаска суулааҥ итиэннэ тохсунньу 1 күнүгэр көмөн кэбиһиҥ;
– өскөтүн бырааһынньык иннинэ иһит алдьаннаҕына, тугунан эмэ туора бүөлүү ууран кэбиһиҥ уонна сарсыныгар биирдэ хомуйан дьиэттэн таһаарыҥ.
Биллэн турар, баҕа санаа аптаах палочканан таҕайдахха туолан хаалбата биллэр. Ол эрээри, бу үгэс сылга биирдэ тосхойор бырааһынньык тыынын өссө тупсарар, үөрүүнү үксэтэр, киһини кынаттыыр.
Бастакы, саамай тарҕаммыт көрүҥ – кумааҕыга баҕа санааны суруйан баран уматан, күлүн бокалга кутан кураан тыаһын кэмигэр иһии.
Иккис көрүҥ – кураан тыаһын кэмигэр хараҕы симэн туран баҕа санаа туолбутун курдук оҥорон көрүү. Харах көрбүтүн санаа ситиһэр диэн этэллэр, онон киһи хараҕар оҥорон көрбүтүн олоххо киллэрэргэ дьулуһар.
Үһүс көрүҥ – чугас дьон, аймахтар, ыалдьыттар баҕа санааларын илиискэ суруйтаран баран кураанах бытыылкаҕа уган ууруу, эһиилги Саҥа дьылга таһааран ким баҕа санаата туолбутун ааҕыы. Бу көрүҥ чугас дьон бэйэтин икки ардыгар куоталаһыыны үөскэтэр буолан, киһи бэйэтэ туруулаһарыгар сирдиир.
Төрдүс көрүҥ – бенгальскай уот умайан бүтүөр диэри баҕа санааны этии.
Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата биллэрбитинэн, 2025 с. тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэни уонна босуобуйаны түҥэтии болдьоҕо…
Кэлэн иһэр 2025-с Моҕой сыла, астрологтар этэллэринэн, икки өрүттээх буолуоҕа: сорохторго ситиһии, үтүө уларыйыылар тосхойуохтара,…
Олохпун, үлэбин кэрэ абылаҥнаах үҥкүүгэ анаабыт кэрэ кэмнэрим дьонугар уонна кэнники аттыбар буолан олохпун күн…
Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…
Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…
Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…