Саҥа дьыллааҕы харыйа хаһан атыыга тахсар?

Share

Саамай күүтүүлээх Саҥа дьылбыт бырааһынньыга чугаһаан, аны аҕыйах хонугунан  «Якутлесресурс» тэрилтэҕэ харыйа уонна бэс атыыга тахсыаҕа.

Сорох ыаллар искусственнай харыйалары номнуо симээн, киэргэтэн эрэллэр. «Столичнай» ырыынакка, хаһаайыстыбаннай маҕаһыыннарга, атыы-эргиэн кииннэригэр дьуолка арааһа атыыланар. Ол эрээри, үгүс дьон дьиҥнээх харыйаны ордорор.

Ол гынан баран, дьиҥнээх харыйаны, бэһи ыллыҥ да кэрдибэккин. Холобур, киин куорат олохтоохторо  “Якутское лесничество” ГКУ (Курашов, 46) пааспардаах тиийэн, атыы-тутуу дуогабарын түһэрсиэхтээхтэр. Биир мас сыаната 150 солк.
Оттон ахсынньы ортотуттан «Якутлесресурс» Саҥа дьыллааҕы харыйаны, бэһи атыыга таһаарыахтаах. 1,5 м диэри уһуннаах харыйа сыаната 1200 солк., 2 м диэри 1400 солк., оттон 2 м үрдүк уһуннаах мас 1500 солк. быһыллыбыт.

Бэс сыаната арыый да чэпчэки. Холобур, 1,5 м диэри – 1000 солк., 2 м диэри – 1300 солк., 2 м үрдүк – 1600 солк.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри оройуонугар суол саахалыгар суоппар эчэйбит

Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

16 часов ago