Бу күннэргэ бары социальнай ситимнэр Саҥа дьыллааҕы ырысыаптарынан туоллулар.
Олортон саха дьонугар бырааһынньыктааҕы остуолларыгар ордук чугас ырысыаптары билиһиннэрэбит:
Убаһа этиттэн «Индигирка» салаат
Оҥорорго наада: Сиикэй убаһа этэ; эриэппэ луук; лимон; туус; мас арыыта; укуруоп; чеснок; петрушка. Убаһа этин кыра түөрт муннуктуу кырбыыгын. Эриэппэ луугу, чесногу бытархай гына кырбыыгын. Сөбүгэр көрөн туустуугун, петрушка уонна укуруоп эбэгин (хатарыллыбыт да буолуон сөп). Таптаабыккынан бүтэһигэр лимон уутун кутан биэрэгин.
Хаһалаах эккэ суламмыт быар
Тоҥнуу сиэнэр бүлүүдэ астанар састааба: убаһа этэ — 20%; убаһа быара — 40%; байтаһын биэ хаһата — 40%; туус, тума. Эти, хаһаны кытары холбуу эрийэҕин, ас салапааныгар хаптаччы тэлгэтэҕин, ол үрдүтүгэр быары уһун гына быһан уураҕын, туустуугун, тумалыыгын, халбаһыы курдук төгүрүтэ эрийэҕин уонна салапаанынаан тоҥоро уураҕын. Сииргэр бөһүтэ түһэн бараҥҥын, чараас соҕус гына быһаттыыгын.
Оһуокай салаат
Састааба: 350 гр харта; 1 луук; 1 сибиэһэй оҕурсу; 1 помидор; күөх луук; мас арыыта
Хартаны солуомалы, луугу, оҕурсууну, помидору кубиктыы кырбыыбыт.
Барытын холбуубут, мас арыытынан тумалыыбыт, күөх луук таммалатабыт.
»Дуоһуйуу» салаат
300 гр. убаһа этэ
1 сибиэһэй огурсуу
2 моркуоп
3-4 өлүүскэ чеснок
Эти чараас гына кырбаа, моркуобу, огурсууну кырбаа, чесногу илдьирит. Мас арыытын кутан булкуй. Тымныыга ууран сойутан баран минньигэстик, астына сиэҥ
Быар салаата:
Быары синньигэс гына кырбыыгын, мас арыытыгар ыһаарылыыбыт, онно луук, чеснок, туус, соя туматын кутабыт. Биэрэһи уонна дьаабылыканы туспа ыһаарылыыгын. Онтон барытын бииргэ холбоон булкуйаҕын.
«Анаабырдыы балык бөрүөгэ”
Тиэстэ састааба: 450-500 гр кэпиир, 2 сымыыт, 3 ост.л. арыы, суода, бурдук. Тиэстэҕит хойуу сүөгэй курдук буолуохтаах, алаадьы тиэстэтиттэн эрэ хойуу. “Начинката” — рис, үрүҥ балык, луук, туус.
Минньигэстик аһааҥ!
Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйаҕа успуорт үтүөлээх маастарын Василий Егоровы кытта көрүстэ. 2024 сыл спортсмеҥҥа…
2024 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ ГТО кыһыл көмүс бэлиэтин икки тыһыынчаттан тахса киһи, үрүҥ көмүһү -- 330,…
Быйылгы 2025 сыл -- Иэйиэхсит сыла. Ол аата саха киһитин арчылыыр, араҥаччылыыр сыл. Саҥа сылга…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
2018 сылтан Саха сиригэр успуордунан дьарыктанарга, улахан күрэхтэһиилэри ыытарга анаан 50 эбийиэк тутуллубут. Бу туһунан СӨ…
Тохсунньуга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Тымныы буоллаҕына, сөрүүн буолар. Сылаас буоллаҕына, сайын куйаас буолар. Тохсунньу ыйы…