Саҥа дьыллааҕы сандалы
Саҥа дьыллааҕы остуол баай, өлгөм астаах буолуута хас биирдии дьиэ кэргэн үтүө үгэһэ буолар. Саҥа дьылга эрэ тумалаах сөбүлүүр салааттарбытын, уустук ырысыаптаах астары кыайа-хото астыахпытын сөп. Тоҕо диэтэххэ, Саҥа дьыл диэн саамай күүтүүлээх, сылы түмүктүүр бырааһынньык буолар. Киһи олоҕор саҥа кэрдиис кэм саҕаланыахтаах, ол да иһин үүнэр сылы баайдык, тоттук көрсөөрү былыр-былыргыттан остуол хотойорунан ас астаан хаһаайкалар түбүгүрэллэр, эрдэттэн маанылаах астарын хаһааналлар, ууруналлар.
Бүгүн эһиэхэ анаан судургу уонна тотоойу ырысыаптары бэлэмнээтибит.
Балыктаах расстегай
Өскөтүн эн сыл ахсын бэрэски буһарартан салҕыбыт буоллаххына,бэрэскини солбуйар балыктаах расстегай саамай сөптөөх быһаарыныы буолар. Бу тотоойу уонна арыылаах аһы аһаабат дьоҥҥо сөптөөх ырысыап буолар.
Эйиэхэ наада:
- 520 г бурдук
- 70 г ынах арыыта
- 250 мл минеральнай уу
- 15 г доруоһа
- 1 ост. ньуоска саахар
- 1 ч. ньуоска туус
- 1 сымыыт.
Начыыныгар:
- 400 г сордоҥ эбэтэр кижуч балык филетэ
- 300 г горбуша балык филетэ
- 50 г ынах арыыта
- Хара биэрэс.
Доруоһаны бурдугу кытта булкуйабыт. Туус, саахар эбэбит. Минеральнай ууну кыратык мүлүтэн баран арыыны кытта булкуйан баран бурдукка кутабыт. Биир тэҥ сымнаҕас илиигэ сыстыбат тиэстэ оҥоробут. Сордоҥ эбэтэр кижуч балык филетин кубиктыы быһабыт, туустуубут, биэрэстиибит. Горбуша балыгы чараас гына бытархай гына эмиэ бысталыыбыт. Балыктар сиикэй буолуохтаахтар. Тиэстэбитин тэнитэбит. 8-10 cм бүлүүһэнэн баттаан төгүрүктэри бэлэмниибит. Хас биирдии төгүрүккэ балыктарбытын үллэрэн уурталыыбыт. Тиэстэбит муннуктарын силимнээн расстегай быһыытын үс муннук гына оҥоробут. Ортото хайаҕастаах буолуохтаах. Духуопкаҕа угуох иннинэ сиикэй сымыыт уоһаҕын биилкэнэн ытыйан бэлэм оҥоһуллубут буһа илик расстегайдары киистэнэн сотобут. Саһарчы 200 кыраадыска буһарабыт.
Креветкэлээх муора салаата
Эйиэхэ наада:
- 500 гр креветкэ
- Биир устуука сибиэһэй оҕурсу
- Икки төгүрүктүү буспут хортуоппуй
- Тууһаммыт семга эбэтэр кета балык
- Крабовай палочка
- Төгүрүк луук
- Биир устуука күөх дьаабылыка.
Балары барыларын креветкэттэн уратыны кыра гына бысталаан улахан нэлэгэр иһиккэ өрөһөлүү кутабыт. Тумалыыбын уонна креветкэлэри үрдүгэр уурталыыбыт.
Балыктаах сокууска
Ыксаллаах кэмҥэ куруук өрүһүйэр түргэн сокууска
Маҥан килиэби эбэтэр саахара суох буулканы чараас гына бысталыыбыт. Киһи айаҕар угарыгар кэбэҕэс гына кыра соҕус гына бысталыыр ордук. Балары бысталаан баран икки мүнүүтэ устата сылаас духуопкаҕа уган хатара түһэбит. Сойутан баран арыынан эбэтэр сымнаҕас сыыры умньаан сотобут, үрдүгэр туустаах балык, сибиэһэй оҕурсу ууран киэргэтиэххэ сөп. Ардыгар кыһыл икра эбэтэр гранат туорахтарын таммалатан киэргэттэххэ, сокууска амтана да, көрүҥэ да олус тупсар.
Кууруссалаах минньигэс салаат
Эйиэхэ наада:
- Ууга буспут эбэтэр ыыһаммыт куурусса буута
- Биир бааҥка ананас хомпуот
- Туус, тума
- Түөрт төгүрүктүү буспут сымыыт
- Түөрт буспут хртуоппуй
- Төгүрүк луук
- Петрушка от.
Хортуоппуйу, сымыыты бытархай гына бысталыыбыт. Кууруссаны саас сааһынан араарабыт уонна ананас хомпуот уутун сүөкээн баран, кыра гына бысталаан салааппытыгар кутабыт. Луук, туус кутабыт. Тумалыыбыт уонна үрдүн петрушка отунан киэргэтэбит. Бу салааты хаттыгас гына эмиэ оҥоруохха сөп.
Тэллэйдээх жульен
Бу судургу уонна бырааһынньыкка тоҕоостоох бүлүүдэ. Тэллэйи хаһаайкалар буһаран, тууһаан хайаан даҕаны хаһааммыт буолуохтааххыт.
Алта киһиэхэ сөптөөҕү бэлэмнииргэ эһиэхэ наада:
- Буспут куурусса буута
- Тэллэй – 700 г
- 22% 300 г cибиэһэй сүөгэй
- Икки утах укуруоп эбэтэр петрушка
- Бурдук – икки ост. ньуоска
- Төгүрүк луук – 2 устуука
- Мас арыыта – 3 ост. ньуоска
- 150 г кытаанах соҕус сыыр
- Туус, хара биэрэс.
Тэллэйтэн жульен соуһун бэлэмнииргэ кыра иһиккэ бурдук кутан араҕас курдук өҥнөнүөр диэри ыһаарылыыбыт. Онтон сүөгэйбитин, укуруоппутун эбэбит, туустуубут, биэрэстиибит. Кыра соҕус уокка туруоран булкуйа туран тэптэрэ түһэбит. Уоттан ылан туспа уурабыт. Луукпутун ыраастаан, бысталаан бэлэмниибит. Тэллэйбитин бысталыыбыт. Луукпутун ыһаарылыыбыт. Онно тэллэйбитин, кууруссабытын эбэбит. Сэттэ мүнүүтэ устата ыһаарылаан сырылатабыт. Бу ыһаарылаабыт тэллэйдээх луукпутун, кууруссабытын эрдэ оҥорбут соуспутугар кутабыт. Булкуйан баран икки мүнүүтэ устата сылытан ылабыт. Духуопканы 180 кыраадыска сылытан баран тэллэйдээх маассабытын кыра-кыра анал иһиттэргэ кутабыт. Үрдүгэр сыр теркалыыбыт, ыһаарыламмыт тэллэй эбиэхпитин сөп. Духуопкаҕа 20 мүнүүтэ устата буһарабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: