«Саҥа дьылынан, бэтэрээн» аахсыйа саҕаланна

Share

Саха сиригэр «Саҥа дьылынан, бэтэрээн!» диэн аахсыйа саҕаланна. «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа уонна «Кыайыы волонтердара» хамсааһын дойду үрдүнэн бэтэрээннэри эҕэрдэлииллэр. 

«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа эрэгийиэннээҕи салаатын сэкиритээрин солбуйааччы Иван Луцкан Саха сиригэр бу аахсыйаҕа ааны аста уонна Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ Алексей Березкиҥҥэ бэлэҕин илдьэн биэрдэ.

Алексей Николаевич Березкин 100 саастаах, Дьокуускайга олорор. Аҕа дойду Улуу  сэриитин 2-с истиэпэннээх уордьанынан, «Германияны кыайыы иһин», «Японияны кыайыы иһин», «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэринэн, Үрдүкү главнокомандующай И.В. Сталин Махтал суругунан наҕараадаламмыта.

Кини 44 сылы быһа спордунан — сүүрүүнэн, хайыһарынан утумнаахтык дьарыктаммыта, кэккэ ситиһиилэммитэ, Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын саастыылааҕа, спорт бэтэрээнэ буолар. Ол да иһин уһун үйэлэннэҕэ.

Билигин Дьокуускай куоракка 7 сэрии бэтэрээнэ олорор. Улуу Кыайыы 80 сылыгар сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии огдооболоругар, Ленинград блокадатын кыттыылаахтарыгар, концлааҕыр хаайыылаахтарыгар уһулуччу болҕомто ууруллуохтаах.  Аан дойдуну фашизмтан быыһаабыт көлүөнэ, 100 саастарын туолбут ытык дьоммут Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн дьоһуннук көрсүөхтээхтэр.

Бу аахсыйа үүнэр көлүөнэни иитэргэ эмиэ улахан суолталаах. Кинилэргэ Улуу Кыайыы суолтатын, сэбиэскэй норуот кылаатын өйдөтүөххэ, үөрэтиэххэ наада. Ол да иһин дойдуга Аҕа дойдуну көмүскээччилэр, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччилэр сылларын биллэрдилэр.
What’s your Reaction?
+1
5
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга быыһааччы оҕолору ураты эҕэрдэлээтэ

Быыһааччы күнүгэр, ахсынньы 27 күнүгэр,  1 №- дээх педиатрия Национальнай мэдиссиинэ киинигэр «Десант Дедов Морозов»…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Ил Дархан суруналыыстарга тугу кэпсээтэ?

Бу нэдиэлэ саҕаланыыта Ил Дархан Айсен Николаев үгэскэ кубулуйбут улахан пресс-кэмпириэнсийэтигэр суруналыыстары кытары атах тэпсэн…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

2025 сылтан Үөһээ Бүлүүгэ мэдиссиинэ кэллиэһин салаата арыллыаҕа

2025 сылтан Үөһээ Бүлүү улууһугар  «Мэдиссиинэ сиэстэрэтэ» уонна ۫«Биэлсэр дьыалата» идэлэргэ үөрэтиэхтэрэ. Улуус дьаһалтата  мэдиссиинэ…

49 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Горнайга икки дьахтары түҥнэри көппүттэр

Горнай улууһугар Бэрдьигэстээх сэлиэнньэҕэ ахсынньы 26 күнүгэр киэһэ 18.00 чаас саҕана Горнай улууһун ИДьМ дьуһуурунай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Сүрүн

Лев Павлов Дмитрий Миндиашвили аатынан турнирга кыһыл көмүс мэтээли ылла

Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын лидерэ Лев Павлов Красноярскайга Дмитрий Миндиашвили аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирга кыһыл…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Орто Халымаҕа сүппүт эр киһини көрдөөһүн салҕанар

Орто Халымаҕа сүппүт эр киһини көрдөөһүн салҕанар диэн СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр. Ахсынньы 26 күнүгэр…

2 часа ago