Саҥа эрэгийиэннэри чөлүгэр түһэрии тэтимин ылар
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин от ыйын 24 күнүгэр Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэрин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар мунньах ыытта.
Билигин Донецкай, Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожье, Херсон уобаластарын нэһилиэнньэлээх пууннарын чөлүгэр түһэрии, социальнай эбийиэктэри, олорор дьиэлэри саҥардыы күүскэ бара турар. Луганскай, Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэргэ саҥа балыыһалар, Херсон уобалаһыгар суол уонна Запорожьеҕа ыччат үөрэнэр киинэ аһылыннылар.
— Донбаас уонна Новороссия эрэгийиэннэригэр олорор дьиэлэри, социальнай эбийиэктэри тутуу, суолу-ииһи саҥардыы, бу эрэгийиэннэргэ куттал суох буолуутун хааччыйыыны кытары, тэҥ суолталаах. Билигин бу түөрт эрэгийиэҥҥэ барыта 11,2 тыһыынчаттан тахса эбийиэк тутулунна, ол иһигэр 62 элбэх кыбартыыралаах саҥа олорор дьиэ тутулунна, икки тыһыынчаттан тахса дьиэ чөлүгэр түһэрилиннэ, доруобуйа харыстабылын, үөрэх, култуура, спорт эйгэлэригэр 321 эбийиэк саҥардылынна, — диэн бэлиэтээн эттэ мунньах кэмигэр Владимир Путин.
Санатан эттэххэ, бу эрэгийиэннэр экэниэмикэлэрин сайыннарыыларынан 2030 сылга диэри Арассыыйа орто көрдөрүүтүгэр тэҥнэһиэхтээхтэр. Былырыын бу сыалга түөрт эрэгийиэҥҥэ дойду бүддьүөтүттэн 1,2 трлн солкуобай былааннаммытын туһунан бырабыыталыстыба иһитиннэрэн турар. Арассыыйа бырабыыталыстыбатын таһынан хас биирдии эрэгийиэн куораттары, нэһилиэнньэлээх пууннары чөлүгэр түһэриигэ көмөлөһөр. Холобур, Саха сирэ Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэтигэр көмө-тирэх буолар. Кировскай куораты таһынан билигин Докучаевскайга тутуулары ыытыыга көмөлөһөр. Кировскайга Саха сирин көмөтүнэн барыта биэс уонча эбийиэк чөлүгэр түһэрилиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: