Кэтэһиилээх хаарбыт түһэн, Саха сирин булчуттарыгар сэргэхсийии буолла. Тыаҕа тахсааччы элбээтэ. Ол эрээри билиҥҥитэ хаар чараас дииллэр. Ойуурбутугар тахсыах иннинэ хайдах күн-дьыл турарын, көтөр-сүүрэр, кыыл-сүөл туһунан ааспыт нэдиэлэҕэ Үөһээ Дьааҥыттан кэлбит РНА СС Ирбэт тоҥ биологическай кыһалҕаларын институтун инженер-чинчийээччитэ Сергей Михайлович Слепцов кэпсээнин истиэҕиҥ:
— Үөһээ Дьааҥыга атырдьах ыйыгар тиийэн баран, бу эргилинним. Айылҕаны, күн-дьыл туругун этэр буоллахха, быйыл кураан дьыл буолбута көстөр. Урукку дьыллар ардахтаах буоллахтарына, быйыл уута аҕыйах. Бэл, сорох күөл уута аҕыйаабыт курдук. Кус уруккутун курдук баар, хата, мороду элбэх этэ. Хаас элбэх айаннаата, балаҕан ыйын 20‑тин кэнниттэн. Хаас сыл аайы элбээн иһэрин олохтоохтор бэлиэтииллэр, айанныыр бириэмэтэ эмиэ уһаабыт курдук. Урут 2–3 хонугунан айаннаан бүтэр буоллаҕына, билигин нэдиэлэ, уон хонук айанныыр буолбут. Мин сылдьыбыт сирбэр — Адыаччыга куобах баар курдук. Алтынньыга суолун көрдөххө, орохтоох эҥин. Дьон этэринэн, куобах туруга эмис дииллэр. Ахсаанын соччо элбэх диэбэккин. Саһыл суола элбэх, онон куобах оҕотун аҕыйатар быһыылаах. Бу алтынньыга күн-дьыл сылыйан, Адыаччы өрүс турбутун кэннэ — алтынньы 12 күнүгэр ардах түһэн соһутта. Муус үрдүгэр түспүт хаар ууллуор диэри күнү-түүнү быһа түстэ. Онтон иккис күнүгэр тымныйан, дьэ тоҥорон, ардах хаарга кубулуйан, хаар анныгар илийбит от хаалла. Ол куобахха, атын кыылларга да хайдах буолара буолла. Мас көтөрө куруук көстөр. Куруппааскы айанныыр, сугун суох буолан, тохтообот быһыылаах. Улар аҕыйах.
Түөрт сыллааҕыта улахан баһаар буолбута, итинтэн сылтаан улар сирин уларытта быһыылаах. Тайах син баар дииллэр. Тыатааҕылар балаҕан ыйа бүтүөр диэри көстөллөрө. Кутуйах суола элбэх, кырынаас да баар. Тииҥ быйыл көстүбэт, эмиэ ити баһаар кэнниттэн аҕыйаата быһыылаах. Куобах быйыл кыһын үчүгэйдик кыстаатаҕына, эһиил баар буолууһу курдук. Ол эрээри бу Үөһээ Дьааҥыга сорох сиргэ куобах төрүт суох дииллэр. Урукку дьылларга куобах 10–12 сылынан элбиирэ. 2008–2009 сс. кэнниттэн куобах сүппүтэ уонна уруккутун курдук хойдо илик. Күөл мууһа үчүгэйдик турда, хаар чараас буолан, тааҥнаабата.
Ыраах суоллаах-иистээх хоту дойду олохтоохторугар тыаҕа, сиргэ-уокка айаннара куруук уустук буолар. Буурҕалыын-тыаллыын тэҥҥэ сырсаллар. Айаннара да үгүс ороскуоту эрэйэр. “Түөһү чэбдик салгын дьэгдитэ толорор, дууһаны үлүскэн үөрүү тиэрэ киэптиир. Тыа суолун кылбаа маҥан хаарын устун “буран” бугуһуйа бирдьигинээн, таһаҕастаах сыарҕатын ыарырҕаппакка элээрдэн иһэр. Бултуур үүтээммитигэр диэри үс аҥаар көһү барыахтаахпыт, тардылыга суох бардахха, боруҥуйа илигинэ тиийиэхтээхпит, онон үөрбүччэ, муннум анныгар Геннадий Семенов “Урааҥхайдарын” ыллыы иһэбин диэн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит Максим Ксенофонтов суруйарын курдук, Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Юрий Владиславович Дьяконов бу күннэргэ тапталлаах көлөтүгэр — “бураныгар” олорон, бултуур сиригэр баран иһэр хаартыскатын ыыттылар. Киһи интэриэһиргиирэ диэн, аныгы үүтээн буолан, сайын оҕурсу, хортуоппуй кытта үүннэрэр буолбут. Сибиэһэй ас кырыымчык сиригэр булчут бэркэ дьаһаммыт.
Оттон илин эҥээр куобах син үөскүөх курдугун саһыллар сиэн кэбиһэллэр дэһэллэр. Майа олохтооҕо, хомунаалынай хаһаайыстыба филиалын үлэһитэ, “Сонор суолугар” балаһабыт көхтөөх көмөлөһөөччүтэ Иннокентий Неустроев этэринэн, кэтээн көрүүтүнэн, биир саһыл сылга сүүрбэччэ куобаҕы тутуон сөп эбит. Кини Майа сэлиэнньэтин таһынааҕы тыалары кэрийэн, иллэҥ кэмигэр бултуур, саһылы эккирэтэр. “Быйыл хаар олус чараас буолан, бу саанан ытан ыллым”, — диэн ыыппыт хаартыскатын туһунан кэпсиир. Туохтааҕар да хапкаанынан бултуурун ордорор.
— Хапкааны хайаан да оргутуохтааххын. Мин мас хатырыгын уонна харыйа лабаатын ууга кутан, ол уутугар оргутабын. Оччоҕо собуокка оҥоһуллубут сыта-сымара олоччу суох буолар. Оргутан таһааран баран сөрүүн сиргэ туруорабын. Аны иитэргэр хапкааны тутар бэрчээккэҥ олох ыраас буолуохтаах. Таҥаһыҥ-сабыҥ эмиэ. Бэл, саһыл куоска да сытын ончу ылыа суохтаах. Ылла да, ытыс соттоҕун эбээт, — диэн сүбэлиир.
Иннокентий Валерианович биирдэ кэргэниниин хапкааннарын көрө сылдьан (иккиэн итинник сылдьалларын сөбүлүүллэр), туох да омуна суох, ырыаһыт саһылга түбэһэн турардаахтар. “Ньаах да ньаах” диэбитэ биһигини көрө-көрө. Быһата, саҥалаах саһыл этэ, ол иһин таптаан “ырыаһыт саһыл “диэн ааттаабыппыт, — диир саһыллар туох уратылаахтарын өрүү кэтиир-маныыр булчут.
Кини ииппит хапкааныгар чугаһаатаҕына, тиит мас төбөтүгэр олорор суордар хааҕырҕаһалларыттан тута саһыл иҥнибитин сэрэйэр. Ол курдук, бу көтөрдөр кинини арыаллыы көтө сылдьар буолаллар. Атын да булчуттары кытта суор аргыстаһан эрдэҕэ.
Мэҥэ Хаҥалас Хочо сэлиэнньэтин сылааһынан хааччыйар тутаах үлэһит Николай Соловьев булт абылаҥар ылларан эрэр, былырыын аан бастаан Байанайа мичик гынан, бөрөнү бултаабыта. Быйыл кини иллэҥ кэмигэр эмиэ Дархан диэн ытын батыһыннаран, тэринэн, тыатыгар таҕыста.
— Былырыын баччаларга хаар элбэх этэ. Бу эргин суолларын көрдөххө, таба, туртас аҕыйаабыт. Бочугурас элбээбит. Бөрө билиҥҥитэ көстүбэт. Кэллэхтэринэ, билиннэхтэринэ, тыа хаһаайыстыбатыгар куттал баар буоллаҕына, бултаһыахпын сөп, — диир Николай Иванович.
Дьокуускайга Гагаринскай уокурукка вандаллар биир күн иһигэр, сэтинньи 20 күнүгэр үс сылаас тохтобулу алдьаппыттар --…
АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарыы көдьүүстээх буоларын уонна үлэлиир усулуобуйа тупсарын туһугар сыыппараҕа көһөрүүгэ (цифровизация) уонна…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Е.М.Примаков аатынан гимназияҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөппүт кэмитиэтин иккис мунньаҕа буолан ааспыт. Тэрээһин кэмигэр төрөппүттэр холбоһуктарын…
Айсен Николаев Москваҕа сылдьан Тырааныспар нэдиэлэтигэр үлэ түмүктэрин таһаарда. Бу Арассыыйаҕа суол-иис салаатыгар сүрүн дьыалабыай…
Айсен Николаев РФ федеральнай суол-иис ааҕыныстыбатын салайааччыта Роман Новиковтыын көрүстэ. Кинилэр өрөспүүбүлүкэ тырааныспарга инфраструктуратын сайдыытын…