Саҥа испэктээк. Көрөөччү Маһарылыын ыраахтааҕыга «айаннаата» (ВИДЕО)
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра быйылгы 118-с сезонун «Маһары. Ыраахтааҕыга айан» диэн саҥа испэктээгинэн дьоһуннаахтык түмүктээтэ. От ыйыгар үс күн устата көрдөрүллүбүт испэктээккэ билиэт эрдэттэн бүтэн, хомойбут-хоргуппут, кыһыйбыт-абарбыт да аҕыйаҕа суоҕа…
Устуоруйаҕа тирэҕирэн
Саха сирин аҕа уустарын баһылыктара Күн ыраахтааҕыга тиийэн көрсүһэр туһунан XVII үйэ маҥнайгы аҥаарыттан саҕалаан, хаста да көрдөһүү суруйбуттара. Бастакы көрдөһүүттэн 40 сыл кэнниттэн, 1676 сыллаахха ыраахтааҕы ыҥырыытын туппуттара. Ити сыл сайыныгар Күн ыраахтааҕыны, Бүөтүр I убайа Феодор Алексеевич Романовы (артыыс Павел Ченянов) кытары көрсөөрү Хаҥаластан Тыгын сиэнэ, Бөдьөкө Бөҕө уола Маһары (Петр Макаров), Намтан Мыымах сиэнэ, Ньыыкка уола Нохто (Петр Баснаев), Мэҥэттэн Быйаҥ Төҥүлү сиэнэ, Өрсүкэй уола Тирэх (Николай Протасов) кинээстэр Саха сирин бэрэстэбиитэллэринэн талыллан, ыраах айаҥҥа аттаммыттара.
Испэктээккэ көстөрүнэн, алта ыйдаах уһун унньуктаах улуу суол харгыстарын дьулуур, тулуур, сахаларын норуотун туһугар күүстээх санааларын көмөтүнэн Москуба куоракка этэҥҥэ тиийэллэр. Төһө өр айаннаан тиийэллэрэ испэктээккэ кэпсэтиилэригэр тыктарыллан ылар. Ол да үрдүнэн сценография, уот-күөс сотору-сотору уларыйан, хаардаах, хахсааттаах сыана киирэн биэрэрэ уонна Маһары дьонун сирдээн, иннин диэки дьулуурдаахтык айанныыр көстүүтэ сахалар дьулуурдарын, тулуурдарын өссө бигэргэтэн биэрэр. Ол киһи эрэ долгуйар сыаната буолан таҕыста.
Кириэмилгэ тиийэн, эдэр ыраахтааҕы Феодор Алексеевиһы көрсөн саха омук аатыттан көрдөһүүлэрин, туруорсууларын тириэрдэллэр, ытык иэстэрин толороллор (устуоруйаҕа биллэринэн, Маһары ыраахтааҕыга иккитэ тиийэ сылдьар, оттон испэктээккэ икки сырыытын түмэн көрдөрөллөр). Ити көрсүһүүлэртэн ыла түһээн төлөбүрэ ыраахтааҕы ыйааҕынан аан бастаан бэрээдэктэнэн, саха тойотторо олохтоох уустары салайсар бырааптанан, нуучча омугун кытары улуу ил-эйэ түстэнэригэр олук ууруллубута.
Испэктээк өбүгэлэрбит ити саҕана хайдахтаах курдук баттанан, атаҕастанан олорбуттарыттан саҕаланар. Эдэркээн сүрэхтэр бэрт эйэҕэстик таптаһар сыаналара көстөр. Ол эрээри, кинилэр тапталларын, инникигэ эрэллэрин сиргэ-буорга тэпсэллэр. Бу көстүүттэн ыла туруоруу ис хоһооно, көрөөччүгэ тугу тириэрдэр соруга сиэллэнэн-кутуруктанан, сюжета тыҥаан, ол аайы артыыстар оонньууллара тыыллан-хабыллан иһэр. Онуоха айан устатын тухары кинилэр бэйэлэрин истэригэр мөккүөрдэрэ, эдэр эрчимнээх уолаттар (үс кинээс уолаттара) хабырыйсан да ылыылара саха киһитин төрүт майгытын, бэл, «алаастаһан» да ылыыны санатан ылар, билигин туох-туох буолар диэн көрөөччүнү иҥнэ үүтүгэр олордор. Ол эрэн, кинилэр салайааччыларын, ытык кырдьаҕастарын мындыр өйдөрүнэн, сүбэлэринэн биир санааҕа кэлэллэрэ, ардыгар киһини күллэрэр да саҥалара-иҥэлэрэ испэктээккэ киллэриллибит тыҥааһыннаах дьайыылары сымнатан биэрэр. Биир бэйэм ити оруоллар киирэн биэрэннэр, сахалар ханна да атаҕастанар-баттанар курдук санаммакка, үйэлэри уҥуордуур дьылҕалаахпытын кэнэҕэски ыччаттарынан көрдөрдүлэр дии санаатым.
Сүрүн оруолга — Маһары биир дойдулааҕа
Сүрүн оруолу, Хаҥалас кинээһэ Маһары Бозековы биир дойдулааҕа, тыйаатыр дириэктэрэ, артыыс Петр Макаров оонньообута испэктээги олус күүркэттэ. Арай, кини сүрүн оруолга буолбакка, атын да уобараска ылсыбыта буоллар, олус итэҕэтиилээхтик, күүстээхтик арыйыа эбит. Аҥаардас тас көстүүтэ, ис туруга, өйө-санаата, сыанаҕа тутта-хапта сылдьара, бэйэтигэр эрэллээҕэ көстөр. Маһарыны устуоруйа докумуоннарыттан уонна түмэллэргэ уруһуй хартыыналарынан эрэ билэр көрөөччү, ол кэмнээҕи сахалар утарсыыларын, мөккүөрдэрин нохтолоох тойон сүрэҕин ортотунан аһаран, соргулаах олох туһун тутуспут Маһары уобараһа маннык эбит диэн тыйаатыртан бигэ эрэллээх тахсар. Аны биир дойдулаахтарын өйүү, эҕэрдэлии Хаҥаластан тоҕо анньан кэлбиттэрэ, испэктээк кэнниттэн уруй-айхал түһэрэн, өргө диэри күүстээх ытыс тыаһа турбута кинилэр тустарыгар киэн туттууну үөскэттэ. Оттон Петр Макаров: «Маһары оруола — дьонум-сэргэм иннигэр икки бүк эппиэтинэс…» диэн мээнэҕэ эппэтэҕин уобараһын арыйыытынан итэҕэттэ.
Петр Макаров:
«Испэктээк «саха – кыра норуот» диэн санааны кыйдаан, аҕыйах ахсааннаах эрээри, эр санаабытынан, мындыр толкуйбутунан улахан омук эбиппит диэн өйгө-санааҕа сирдиэхтээх. Ыччат «биһиги өбүгэлэрбит туохтан да толлубакка, норуот инникитин туруорсар модун кыахтаахтара, кинилэртэн холобур ылан, өссө да элбэҕи оҥоруохпутун сөп эбит» диэн толкуйга кэлиэхтээх».
Саҥа туруоруу туох эрэ уратылаах буолар
Саха тыйаатыра Арассыыйа тыйаатырдарыттан, национальнай тыйаатырдартан исписэлиистэри саҥа испэктээк туруоруллуутугар ыҥырар үгэстээх. Бу сырыыга уот-күөс үлэтин сүрүннүүргэ Красноярскай кыраай Минусинскай куоратыттан Сергей Гаевой диэн уот-күөс худуоһунньуга ыҥырыллан үлэлээтэ. Саха тыйаатырын режиссера Сергей Потапов кинини кытары Минусинскайга М.Булгаков “Последние дни” уонна Юджин О’Нил “Любовь под вязами” испэктээктэрин бииргэ туруорбут үөрүйэхтээхтэр, онон «Маһары. Ыраахтааҕыга айан» — кинилэр үһүс үлэлэрэ.
“Маһары. Ыраахтааҕыга айан” испэктээк өссө биир уратытынан үгүс нууччалыы тыл-өс киирэн биэрэрэ уонна дьоруойдарбыт нууччалыы тылынан кэпсэтэллэрэ буолла.
«Ааттыын да Утум»
Утум Захаров Саха тыйаатырыгар аныгы драматургияҕа хайыы үйэ иккис үлэтэ буолла. Бары биһирии, сэргии, баҕар, мөккүһэ да көрбүт «Коркин. Андаҕар» испэктээк — эдэр драматург Утум Захаров бастакы үлэтэ. Кини Маһарыны дойдутугар Тааттаҕа олорон 4 ый устата учуонай Андриан Борисов монографиятыгар уо.д.а. үлэлэри сирдэтинэн суруйда.
Бу испэктээги драматург бэйэтин дьүһүйүүтүн эбэн-сабан, тыйаатыр көрүүтүнэн суруйбутун, а.э. устуоруйа чахчыларыгар олоҕурбутун да иһин, уус-уран айымньы буоларын көрөөччүлэр өйдүөхтэрин наадатын эрдэттэн сэрэппиттэрэ. Онтон сиэттэрэн, испэктээк хаамыытын, ис тутулун уларытан кэбиспэтэллэр, эдэрдэр үлэлэрин хайдах баарынан сыаналааталлар диэн баҕара саныыгын (эдэр режиссер Эр Санаа Ох-Хотор «Хапсыһыы» киинэтин тула тахсыбыт мөккүөрү, санаа хайдыһыытын өйдөөн кэлэҕин).
Археолог Александра Прокопьева пресс-кэмпириэнсийэҕэ эппитинии: «Маһары устуоруйа лиичинэһэ буоларынан, кини туһунан элбэх чахчы биллэринэн тыйаатырга улахан эппиэтинэс сүктэриллэр. Тоҕо диэтэххэ, көрөөччүлэр өйдөрүгэр тыйаатыр оҥорбут уобараһа хатанан хаалыаҕа уонна төһө да инникитин үөрэтиллибитин иһин, дьон-сэргэ бу уобараһынан ситимнээн өйүгэр-санаатыгар илдьэ сылдьыаҕа».
Тыйаатыр көрөөччүгэ, ол иһигэр эдэр көрөөччүгэ, саха норуотун былыргы олоҕун уонна Маһарыны устуоруйа лиичинэһин быһыытынан санатар соругу туруорбута. Испэктээккэ түҥ былыргы кэми түһэрэн ылбакка, бүгүҥҥү күҥҥэ чугаһатан көрдөрбүттэрэ көрөөччүгэ ордук чугас буолла.
Тыйаатыр үлэһиттэрэ Утум Захаровы ытык киһилэрэ, тыйаатыр драматура Баһылай Харысхал суолун салҕааччы, ааттыын да Утум тыйаатырга кэлбититтэн үөрбүттэрин, кэнэҕэһин улахан драматург буола үүнэн, улаатан тахсарыгар эрэллэрин биллэрэллэр.
Санаалар:
Утум Захаров, драматург:
— Быйыл олунньу саҥатыгар Андриан Борисов икки сыл устата анаан, ыраата көрдөөн суруйбут монографията күн сиригэр тахсыахтааҕын кэтэһэн, ону ааҕан баран суруйан саҕалаабытым. Былыргыны суруйар тыл-өс өттүнэн уонна оччотооҕу үйэни, дьону, кэми сэгэтэн көрөөрү матырыйаалы хасыһыы сүрдээх дьикти, балай да ыарырҕаттым.
Сергей Потапов, режиссер:
-Бүөтүр I Арассыыйаҕа Европаны арыйбыта, оттон Маһары илдьэ барбыт кинээстэрин кытары сахаларга Арассыыйаны арыйбыттар.
Андриан Борисов, устуоруйа наукатын дуоктара:
-Маннык хайысхалаах испэктээк Саха тыйаатырын устуоруйатыгар, арааһа, аан бастаан туран эрэр быһыылаах. Тыгын Дархан төһө да устуоруйа лиичинэһэ буолбутун иһин, устуоруйа докумуоннарыгар сэдэхтик ахтыллар, ол иһин сэһэн-номох киһитин быһыытынан сыаналанар. Оттон Маһарыны биһиги, устуоруктар, быһа холоон 1630-с сыллар саҕаланыыларыгар төрөөбүт диэн быһааран турабыт. Иккиһинэн, Маһары Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйа устуоруйатыгар биллэр улахан түгэннэргэ, тэрээһиннэргэ кыттыбыта устуоруйаҕа да, култуураҕа да улахан суолталаах. Үсүһүнэн, Маһары таһыгар олоро сылдьыбыт дьон: сахалар да, нууччалар да, баайдар-дьадаҥылар да уобарастара көстөр».
Сергей Гаевой, уот-күөс худуоһунньуга:
-Хас биирдии үлэ миигин уларытар. Ол курдук бу испэктээк хайыы үйэ миигин уларытта, бэйэбин атын киһилии сананабын. Онон Сергейгэ, Саха тыйаатырыгар ыҥырыыгыт иһин махталбын биллэрэбин.
ххх
Испэктээк сүрэхтэннэ, аныгыс сезоҥҥа өссө да элбэхтик көрдөрүллүөҕэ. Төһөнөн элбэх киһи көрөр да, оччонон элбэх санаа этиллиэҕэ. Чахчыта да, Маһары Бозеков курдук киһи туһунан улахан испэктээги хаһыат биир балаһатыгар хайдах да сырдаппаккын. Итэҕэс-быһаҕас, өйдөөбөтөх да түгэннэр син көстөн ааһаллар буоллаҕа. Холобур, испэктээк устатын тухары биирдэ да «сырдык тыкпатаҕын» дьиибэргии көрөҕүн, тоҕо эрэ наар хараҥа, уот-күөс кэтэхтэн эрэ тыгарын курдук. Артыыстартан туоһуласпытым: уот-күөс исписэлииһин толкуйа, аныгылыы ханнык эрэ ньыма эбит…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: