Саҥа исписэлиистэр баар буолуохтара

Share

Киһи элбэҕи билэр, таһымын үрдэтэ турар буоллаҕына, айылҕа кистэлэҥнэрин баһылаатаҕына — оччоҕо кини өссө күүһүрэр, дьоло өссө толору барҕарар. М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка быйылгыттан саҥа үөрэхтэр үлэлэрин тигинэччи саҕалаатылар.

ХИФУ Уһук Илиҥҥэ биир бастыҥ үрдүк үөрэх кыһатын быһыытынан биллэр. Бу маны саҥа үөрэхтэр, бырагыраамалар, куурустар аһыллаллара туоһулуур. Холобур, психология институтун ылыахха. Манна саҥа бырагыраамалар бааллар: “Психология служебной деятельности” (түөрт бырагыраамалаах) бакалавриат уонна “Конфликтология” (үс хайысхалаах) магистратура.

«Психология служебной деятельности» — психологтары бэлэмниир саҥа үөрэх бырагыраамата буолар. Бу сылга «Психология менеджмента и организационная консультация» идэ аһыллыбыта. Үөрэх бырагырааматын салайааччыта, ХИФУ психология институтун дассыана Ксения Ким этэринэн, ыксаллаах быһыы-майгы сулууспаларын, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэригэр психологическай өйөбүл оҥорор сыаллаах үөрэх буолар.

“Бу этиллибит идэлэр экстремальнай хараахтардаах буоланнар, бу маннык идэлээх дьон өрүүтүн психологическай арыаллааһыҥҥа наадыйаллар. Оннук көмө чөлгө түһэрэр, эбэтэр сэрэтэр, харыс-тыыр быһыылаахтык ыытыллар. Биһиги выпускниктарбыт манна бэлэмнээх буолуохтаахтар”, — диэн кэпсээтэ.

Ону таһынан, институкка «Психология (Психологическая консультация)», «Социальная работа (Психосоциальная работа с населением)», «Педагогика и психология девиантного поведения (Психолого-педагогическая профилактика»)» бакалавриат хайысхалара үлэлииллэр. Барыта 95 бүддьүөт миэстэтэ баарыгар устудьуоннар үөрэнэ киирдилэр.

ИИРСЭЭННЭРИ БЫҺААРАР УЙУЛҔА ХАЙЫСХАТА

“Психолог биир сүрүн хаачыстыбатынан стреһи, үрдүк ирдэбили тулуйуута, дьону өйдүүр, аһынар сатабыла буолаллар. Психолог ханнык баҕарар соруга, консультация биэриитэ буоллун, психодиагностика, эбэтэр реабилитация да буоллун, тута быһаарыыта суох хараахтардааҕа буолар уонна, саамай сүрүнэ, исписэлиис килийиэнин иннигэр үрдүк эппиэтинэһи сүгэр. Уйулҕа — динамичнай наука буолар. Манна куруутун саҥа соруктар, ньымалар үөскүү тураллар. Онон исписэлиис үөрэххэ, билиигэ тардыһыылаах буолуохтаах”, — диэн сүбэлиир Ксения Ким.

Институт магистратурата үс хайысханан ыытыллар: «Социальная работа (Социально-психологические основы здоровья и активного долголетия)», «Психолого- педагогическое образование (Психология и педагогика образования одаренных детей) уонна саҥа «Конфликтология («Психология конфликта») бырагыраамалар.

«Выпускник ханнык баҕарар тэрилтэҕэ иирсээннэри быһаарар исписэлиис буолуон сөп. Билэрбит курдук, атааннаһыылар, дьон тапсыбат буолуута барытыгар баар көстүү. Билигин медиация кииннэрэ тэриллэн эрэллэр. Кинилэр иирсээннэри быһаарарга, эйэни олохтуурга, дьон бигэ туругун хааччыйарга күүстээх көмө буолаллар”, — диэн бэлиэтиир Ксения Ким. Ону таһынан, конфликтологтар, идэтийбит исписэлиистэр, билим өттүнэн ыллахха, билиини, араас сатабылы, ньыманы сатаан туһаналлар диэн эттэ. Бу иирсээни хаачыстыбалаахтык быһаарарга олук буолар.

Былдьаһыктаах идэ

Омук филологиятын уонна регионоведение институтугар саҥа “Медиакоммуникации (Иностранные языки в креативной индустрии)” диэн бакалавриат үөрэх бырагыраамата айар-тутар, көхтөөх, аныгы көрүүлээх, ырытар, анаарар сатабыллаах, билиэн-көрүөн баҕарар ыччакка ананан аһыллыбыта.

Бу хайысха үлэ ырыынагар былдьаһыкка сылдьар.

Бырагыраама сүрүн уратыта — нуучча, аангылыйа уонна кытай тылларынан уопсастыбаҕа уонна индустрияҕа наадалаах медиа-тиэкистэри айааһын уонна онно лингвистическай билиини туһаныы буолар.

Бырагыраама оҥорооччуларынан тыл билимин хандьыдаата Марина Кысылбаикова, педагогика билимин дуоктара Галина Парникова уонна старшай преподаватель Маргарита Егорова буолаллар. Быйылгыттан устудьуоннар түөрт бүддьүөт миэстэтигэр уонна 16 миэстэҕэ төлөөн үөрэнэ сылдьаллар.

Эльдар Садовников

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

4 часа ago
  • Сонуннар

Дьокуускай 39-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…

5 часов ago
  • Сонуннар

СҮБЭҺИТ: Баҕа санаа хаартата

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа ­хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа са­нааҕын барытын толорор үһү диэн…

5 часов ago
  • Сонуннар

Орто Халымаҕа сүппүт ыал этэҥҥэ дьиэтин булла

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээҥҥэ Дьокуускайтан хочуолунай саппаас чаастарын илдьэ сөмөлүөт көтүөҕэ

Дьокуускайтан Эдьигээҥҥэ АН-26 сөмөлүөт хочуолунай үлэтин сөргүтэргэ саппаас чаастары илдьэ көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын…

7 часов ago