Салгыы
“Саҥа кэм күүстээх идиэйэлэрэ” пуорум иитинэн Арассыыйаны сайыннарар идиэйэлэри хомуйуу сайаапкатын ылыы аһылынна

“Саҥа кэм күүстээх идиэйэлэрэ” пуорум иитинэн Арассыыйаны сайыннарар идиэйэлэри хомуйуу сайаапкатын ылыы аһылынна

18.01.2024, 16:23
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

“Саҥа кэм күүстээх идиэйэлэрэ” пуорум Москваҕа олунньу 26-27 күннэригэр буолар. Арассыыйа хас биирдии олохтооҕо дойдуну сайыннарарга туһаайыллыбыт уопсастыбаннай суолталаах көҕүлээһиннэрин уонна бырайыактарын идиэйэлэрин сүүмэрдээһиҥҥэ тохсунньу 31 күнүгэр диэри сайаапкатын ыытыан сөп. Тэрээһин РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ыйааҕынан барар.

“Бу пуорум – аһаҕас уонна улахан ис хоһоонноох кэпсэтиигэ сүрүн былаһаакка. Пуорум чахчы таһыччы уларыйыылар улааттар улаатан, күүһүрэн иһэр кэмнэригэр биһиги ис сайдыыбыт уонна кэрдиис кэммит соруктарын кытта толору сөп түбэһэр”, — диэн РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтиир.

Пуорум маннык идиэйэлэрин уонна бырайыактары киэҥник ырытыһыыга экэниэмикэ, технологическай уонна социальнай сайдыы, НКО, үөрэх, куорат эйгэтин лидердэрин уонна эспиэртэрин, судаарыстыба бэрэстэбиитэллэрин уонна кыттыһан бырайыакааһыҥҥа, түмсүүнү сэҥээрэр дьону түмэр. Бу дойду сайдыытыгар уонна 2030 сылга диэри национальнай сыалы ситиһэргэ биллэр кылааты киллэрэр көхтөөх дьону уонна 100 күүстээх идиэйэни сомоҕолуур соруктаах тэриллэр киэҥ далааһыннаах тэрээһин.

Идиэйэ лидердэрэ интэриэстээх бииргэ үлэлэһэр дьонтон эспиэр санаатын истиэхтэрэ, акселерационнай бырагыраамаларга кыттыахтара, бырайыактары биирдиилээн арыаллыахтара, өрө тахсарга сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ сырдатыахтара, хайысхаларынан үлэлэһэр дьон, эрэгийиэннээҕи уонна судаарыстыбаннай былаас идиэйэлэри билиһиннэрэр кыаҕы тэрийиэхтэрэ, административнай харгыһы туоратыыга көмөлөһүөхтэрэ. Бастыҥ идиэйэлэри дойду баһылыгар билиһиннэриэхтэрэ.

Бэйэтин идиэйэтин ким баҕарар киллэрэр кыахтаах. Үлэ истиэпэнэ араас буолуон сөп – көннөрү идиэйэттэн олоххо киллэрэр былааннаах бэлэм быһаарыыга тиийэ.

Номинациялар:

— качество жизни населения;

— развитие экономики и предпринимательства;

— пространство для жизни;

— экономика данных и цифровые решения;

— эффективный труд и образование;

— технологическое развитие;

— эффективное государство.

Хайа баҕарар хайысхаҕа идиэйэ ыытарга тиэкистээх муусуканан (сквозные треки) доҕуһуоллуохха сөп: сыыппара быһаарыыта, ыччат көҕүлээһинэ уонна норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһин.

Сайаапканы ыытарга ыйыллыбыт сигэнэн киир: https://vk.cc/ctkO08

Пуоруму Стратегическай көҕүлээһин агенствота уонна Росконгресс пуонда тэрийэллэр.

Санатан эттэххэ, 2023 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ пуорумҥа идиэйэ ыытыытын ахсаанынан Уһук Илиҥҥи уокурукка бастаабыта. Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэртэн барыта 851 идиэйэ киирбитэ, итинтэн 233 – Саха сириттэн. Өрөспүүбүлүкэттэн 1000 бастыҥ идиэйэҕэ национальнай социальнай көҕүлээһин хайысхатыгар 8 бырайыак хапсыбыта.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: