«Саҥа кэм күүстээх идиэйэлэрэ» пуоруму Ил Дархан кэрэхсээтэ
Бүгүн, бэс ыйын 1 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев «Саҥа кэм күүстээх идиэйэлэрэ» пуорумҥа өрөспүүбүлүкэттэн талыллыбыт уон идиэйэни уонна көҕүлээһини кытта билистэ.
— Биһиги бу пуорумҥа өрүү көхтөөхтүк кыттабыт — былырыын өрөспүүбүлүкэтһэн 146 идиэйэ барбыта. Онтон 7 көҕүлээһин дойду 1000 бастыҥ идиэйэлэрин ахсааныгар киирбитэ. Ирбэт тоҥ туһунан идиэйэ 200 иһигэр ааҕыллыбыта, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан сонун сүүрээннэри кытта билсэригэр.
Уһук Илин уокурук Стратегическай көҕүлээһин ааҕыныстыбатын бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта Ольга Курилова «Саха сирэ IТ креативнай индустрията, социальнай бырайыактарга инники күөҥҥэ сылдьарын бэлиэтээтэ. бу ыытыллар пуорум өрөспүүбүлүкэ үһүс сылын идиэйэтэ элбэҕинэн тэҥнээҕин булбат. Ол аата дьон кинилэри өйдүүллэрин билэн, кыттыыны ылар буоллахтара» диэн бэлиэтээтэ.
Ыччат миниистирэ Петр Шамаев Уһук Илин эрэгийиэннэриттэн 851 идиэйэ киирбит буллаҕына, онтон 233 – Саха сиритттэн. Иккис миэстэ — Хабаровский, үһүскэ — Приморскай кыраайдар таҕыстылар.
Быйыл пуорум кыттааччыларын 5-тии мөл. солк., 50 финалиһы – 1-дии мөл. солкуобай үбүнэн өйөөтүлэр. Бириис уопсай пуондата — 100 мөл. солкуобай.
Салгыы кыттааччылар Ил Дархаҥҥа бэйэлэрин идиэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Куонкурус саамай эдэр кыттааччыта, Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ветеринарнай мэдиссиинэ 3 кууруһун усутудьуонката Виктория Шамаева MicroVetLab мобильнай микролабораторияны, Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин үлэһитэ Ольга Степанова дьиэ кэргэттэргэ социальнай өйөбүл калькуляторын, Дьокуускайдааҕы Мэдисиинэ киинин тэрээһин үлэҕэ кылаабынай бырааһа Артем Тимофеев оператор быраас дуоһунаһын олоххо киллэрии, С.Н. Донской-II аатынан педпагогическай үлэһиттэр идэлэрин үрдэтэр институт дириэктэрэ Ньургун Павлов элбэх предмети үөрэтэр учуутал бэлэмниир уо.д.а. бэрт кэрэхсэбиллээх бырайыактары кэпсээтилэр.
Ил Дархан бары идиэйэлэри биһирээтэ уонна тустаах министиэристибэлэргэ бу бырайыактары сайыннаран, олоххо киллэрэргэ сүбэлээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: