Саҥа килиипкэ — Мэҥэ Хаҥалас отчуттара уонна ыанньыксыттара
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун култууратын үлэһиттэрэ сэбиэскэй кэм саҕанааҕы агитбиригээдэ үлэтин сөргүтэн, үлэ дьонун түбүктээх үлэлэрин сэргэхситэ, күннээҕи түбүктэн сынньата сылдьалларын туһунан тиһигин быспакка сырдатабыт.
Бу үлэ биир үтүө түмүгэ — сонун сүүрээн быһыытынан үлэ дьоно кыттыылаах Валерий Ноев «Мин дууһам ыллыыр» ырыатыгар хомуур килиип тахсыыта .
Саха тыллаах кутун туппут, айылҕаттан айдарыылаах ырыаһыт, мелодист Валерий Ноев төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах «Мин дууһам ыллыыр» диэн айар айанынан нэһилиэктэри, сайылыктары кэрийэ сылдьан, үлэ дьонун ынах ыы олордохторуна, оттуу сырыттахтарына тэҥҥэ ыллаппыттара буолла.
«Көрүҥ, сэргээҥ!» диэн суруйар Мэҥэ Хаҥалас пресс-сулууспата дьаһалта телеграм-ханаалыгар. Кырдьык да, бу килииби көрө олорон киһи тыа сирин дьонунан киэн туттар!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: