Салгыы
Саҥа кинигэ: “Суоһалдьыйа Толбонноох” айымньытын суруллубут историятын сэгэттэххэ” 

Саҥа кинигэ: “Суоһалдьыйа Толбонноох” айымньытын суруллубут историятын сэгэттэххэ” 

Ааптар:
19.11.2024, 09:00
Хаартысканы Анетта Егорова тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ “Возрождение Саха” кинигэ кыһатыгар “Суоһалдьыйа Толбонноох” айымньытын суруллубут историятын сэгэттэххэ”  диэн ааттаах кинигэ таҕыста.

Кинигэ ааптарынан “Возрождение Саха” кинигэ кыһатын редактора, хас да кинигэ ааптара, Сунтаар улууһуттан төрүттээх Анетта Андреевна Егорова буолар.

Сэтинньи 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка,  Саха тыйаатырын “Алампа” саалатыгар Анетта Егорова “Суоһалдьыйа Толбонноох” айымньытын суруллубут историятын сэгэттэххэ” диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолуоҕа.  

Анетта Егорова хомуйан таһаарбыт кинигэтигэр суруйааччы Иван Алексеев  тус архыыбын матырыйааллара, ол иһигэр  ааптар бэйэтин быһаарыылара, радио-туруоруу тиэкиһэ, 1965-1974 сылларга суруллубут барыйааннар, радио истээччилэрин суруктара, боротокуоллар, кириитикэ, айымньыттан быһа тардыылар, о.д.а.олус интэриэһинэй суруйуулар киирдилэр.

Саҥа кинигэ Гагарин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи типографиҕа 1000 экзамплярынан таҕыста.

50 сыл анараа өттүгэр, ахсынньыга,  суруйааччы Иван Алексеев “Суоһалдьыйа Толбонноох” айымньытынан  Саха тыйаатырын сыанатыгар  бастакы испэктээх туруоруллубута. Онон, туһааннаах испэктээх Саха тыйаатырын сыанатыгар туруоруллубута  50 сылыгар анаан, “Суоһалдьыйа Толбонноох” айымньытын суруллубут историятын сэгэттэххэ”  кинигэни таһаардыбыт.

Суруйааччы Иван Алексеев тус архыыбыгар «История создания трагедии «Суоһалдьыйа Толбонноох» (1965-1974) диэн ааптар бэйэтэ паапкалаан айымньы тиэкиһин 3 барыйаанын уура сылдьыбыт эбит. «Суоһалдьыйа Толбонноох» айымньы тиэкиһэ 1978 сыллаахха эрэ туспа кинигэнэн бэчээттэнэн тахсыбыт. Иван Алексеев айымньытын 1966 сыл инниттэн саҕалаан баран, 1978 сыллаахха бүтэһиктээхтик түмүктээн айымньы быһыытынан бэчээттэппит, — диэн ааптар Анетта Егорова sakha-sire.ru саайтка иһитиннэрдэ.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр “Суоһалдьыйа Толбонноох” бастакы испэктээгин, араадьыйа композицияны аахпыт  артыыстара кыттыахтара.

Бэйиэт, драматург, суруналыыс, тылбаасчыт Иван Гаврильевич Алексеев  1933 сыллаахха балаҕан ыйын 26 күнүгэр Сунтаар улууһун Хаҥалас нэһилиэгэр колхуостаах ыалыгар бастакы оҕонон төрөөбүтэ. 1961 сыллааххануучча тыла уонна литературата учуутала идэлээх Саха судаарыстыбаннай  университетын бүтэрбитэ. Телевидение уонна радио комитетыгар 32 сыл редакторынан үлэлээбитэ.  Иван Алексеев хас да кинигэ ааптара. Ол иһигэр “Суоһалдьыйа Толбонноох” диэн кинигэтэ 1978 сыллаахха тахсыбыта. Маны таһынан “Күн ортото”, “Көмүс чүмэчи”, “Ытык буор”  уонна да атын кинигэлэрдээх.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: