Салгыы
Саҥа кинигэ туһунан санаа үллэстиитэ

Саҥа кинигэ туһунан санаа үллэстиитэ

26.11.2023, 13:00
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

“Ааспыты, урут буолбуту ахсарбат, төрүттэрин үөрэппэт киһи инники кэскилэ татым буолар” диэн өйдөбүлтэн сиэттэрэн, кэлиҥҥи кэмҥэ төрүччүлэри оҥоруу, төрүттэри чинчийии олус элбээбитэ хайҕаллаах дии саныыбын.

Элбэх ахсааннаах омуктар бэйэлэрин төрүттэрин-уустарын отуттан тахса көлүөнэҕэ диэри лабырҕаччы билэллэрин истэбит. Ол да буоллар, кэриэлийэр сыыһа буолуо. Дэлэҕэ даҕаны, саха киһитэ аан бастаан билсиһэригэр ээр-сэмээр киһитэ кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын туоһулаһыа дуо?
«Чыычаахаптар төрүччүлэрэ. Стаханов аатынан холкуос» диэн 2021 сыллаахха Дьокуускай куоракка “Сайдам” кинигэ таһаарар кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэни сэргээн ааҕан баран, санаабын үллэстиэхпин баҕардым.
Кинигэ ааптара Онотуолуй Дьэримиэйэбис Чыычаахап – Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тараҕай нэһилиэгиттэн Уччус аҕатын ууһуттан төрүттээх, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларын оҕото, үөрэҕинэн устуорук, педагогическай үлэ, коммунистическай баартыйа бэтэрээнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх, Тараҕай нэһилиэктэрин, Майа сэлиэнньэтин бочуоттаах гражданина, ССРС ГО туйгуна, баартыйаҕа килбиэннээх үлэтин иһин уордьан кавалера, С.Киров, М.Лермонтов мэтээллэрдээх, суруналыыс, бэйиэт, хомусчут, коммунистическай баартыйа эрэллээх байыаһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах кырдьаҕаһа, Майа сэлиэнньэтин Ытык Сүбэтин чилиэнэ. Бэйэтин төрдүн- ууһун түөрт сыл устата архыып докумуоннарын элбэхтик сыралаһан хасыһан, элбэх саха учуонайдарын, суруйааччыларын Саха сирин устуоруйатын туһунан үлэлэрин үөрэтэн, тэҥнии тутан, саха норуотун уоһун номоҕор сүппэккэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибит кэрэхсэллээх үһүйээн буолбут номохтору булан ааҕан, ол билиитин барытын холбоон ырыппытын түмүгэр Чыычаахаптар төрүттэрин кэпсиир суруйуута киһини тардар. Саха дьоно былыр былыргыттан олохторо хайдах сайдан кэлбит устуоруйатыттан, биир аҕа ууһун олоҕун холобурунан элбэҕи билэҕин. Боростуой, үлэни өрө туппут саха дьоно олорбут олохторун, үлэлэрин-хамнастарын туһунан кырдьыктаах кэпсээн, кэлэр көлүөнэ ыччаттар кимтэн кииннээхтэрин, хантан хааннаахтарын билэллэригэр анаммыт дьоһун бэлэх буолара саарбаҕа суох.
Кэпсээнин бастаан саҕалыырыгар Мэҥэ улууһун уонна Тараҕай нэһилиэгин үөскээһиннэрин туһунан Попов Г.В., Апросимов А.М. үлэлэригэр олоҕуран, Тараҕай нэһилиэгин төрдүнэн Тараҕай Билэ – булчут, балыксыт, үтүөкэннээх дойдуга Лампаҕа олохсуйан, байан-тайан, тулатынааҕы алаастары бас билэн олорбутун ырыппыт, Тараҕай нэһилиэгэр баар үс аҕа ууһун (Сээһик, Уччус, Ньургу) таблицаларын быһаарыы оҥорон суруйбут. Чыычаахаптар тустарынан 1816 сыллааҕы ревизскэй сказкаҕа киирбит испииһэккэ олоҕуран төрдүлэрин быһаарбыт. Чыычаах Баһылай, уола Бүөтүр (оҕолоро, сиэннэрэ), сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ол испииһэктэн чуолкайдаммыттар. Ити ревизскэй сказкаҕа киирбит испииһэги ааҕыы, ырытыы түмүгэр билиҥҥи Чыычаахаптар хос-хос эһэлэрэ Чыычаах Баһылай үһүс уола Бүөтүр буоларын дакаастаан баран, салгыы 1926-27 сыллааҕы посемейнай испииһэк сэбиэскэй былаас саҕанааҕыга оҥоһуллубут биэрэпис көрдөрөрүнэн Чыычаахаптар аҕа уустарын испииһэгин оҥорбут. Бүтэйдээх таҥаратын дьиэтин метрическэй кинигэтин испииһэктэринэн 1851, 1852, 1853, 1857 сыллардааҕы нэһилиэнньэ ахсаана хамсааһынын көрдөрбүт. Судаарыстыбаннай архыыптан 1927, 1928 сыллардааҕы испииһэктэртэн Чыычаахаптар дьиэ кэргэттэрин булан көрдөрбүт. Үөһээ этиллибит ревизскэй сказкаларга киирбит испииһэктэр дьаһаах хомуурун ыыта сылдьан оҥороллорун быһыытынан, дьаһаах хомуура хайдах барарын арыйбыт. Судаарыстыбаннай архыыпка булбутунан, 1720-30 сыллардаахха оҥоһуллубут дьаһаах испииһэгэр Чыычааха, Чыычаахи, Чаах диэн араспаанньанан киирэ сылдьалларын булан, онтон салгыы Чаах Баһылай биэс уолуттан бэйэтин хос-хос эһэтин сыдьааннарын үөрэтэн барар.
Чыычаахаптар төрүттэрэ — Уччус аҕатын ууһа ханнык алаастарынан хайдах дьаһанан олорбуттарын сиһилии кэпсээбит. Кинилэр улахан баайа суох, олус кыанар, сэниэ ыаллар буолбатах буолан, ардыгар инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, үлэнэн сыралаһан, уҥа-хаҥас дайбаһан элбэх сылы туораабыттар. Бастаан Уччус табаарыстыба тэриллэр. Онтон Синньигэс артыал, салгыы холкуос тэриллибитигэр онно киирбиттэр. Кэлин ол Синньигэс холкуоһугар Мэҥэ Хаҥалас оройуонун бастыҥ холкуоһунан билинэннэр, сойууска аатырбыт новатор-шахтер Алексей Стаханов аатын 1940 сыллаахха иҥэрбиттэр. Итини барытын кинилэр кырдьаҕас убайдара Чычаахап Степан Егорович тэрийбит эбит. Чыычаахаптар аймах олус табыллан олорбут сирдэринэн быыкаайык, туруйа хараҕын саҕа, улахан оттуур ходуһата суох, Кыра Хомустаах диэн ааттаах алаас эбит. Дьэ, бу кырачаан алаас тула алта ыал Чыычаахаптар ньиргиһэн дьоллоохтук олорбуттар: Лэгэнтэй оҕонньор, Халҕаанча Борокуоппай, Муҥхаал Бүөтүр, Степан Егорович, Хоччур Бүөтүр, Кыбырыкы Баһылай дьоннорун өтөхтөрүн сиһилии кэпсиир.
Кэм кэрдии баран иһэр. Уларыта тутуу бөҕөтө буола турар. Чыычаахаптар аймахтарын олоҕо ол кэмҥэ хайдах туох олорон кэлбиттэрин кэпсиир наадаттан ол саҕанааҕы былаас уларыйыыта хайдах туох барбытын устуорук Онотуолуй Дьэримиэйэбис саас сааһынан: Колчак былааһа, гражданскай сэрии, холкуостар тэриллиилэрэ, Синньигэс холкуоһу хайдах таарыйбытын кырдьыгы кэпсиир архыып докумуоннарыгар, таблицаларыгар олоҕуран туран кэпсиир. Онно көстөрүнэн, 1949 сыллаахха Стаханов холкуос Табаҕаҕа холбоһор. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар доруобуйа харыстабылын сайдыытын кэрдиис кэмнэрэ сырдатыллаллар. Алексей Стаханов холкуос олоҕо сылларынан олус чуолкайдык, ким бэрэссэдээтэллээбитэ, хайдах үлэлэр барбыттара, үлэ түмүктэрэ, хаамыыта барыта көрдөрүллэн туран кэпсэнэр. Сэрии бириэмэтигэр Чыычаахаптары өрүһүйбүт, тыыннаах хаалалларын ситиспит кинилэр кыра убайдара Чыычаахап Дмитрий Иннокентьевич-Массаан, атаҕын малатыылкаҕа эрийтэрэн атаҕа суох буолан, сэриигэ барбакка уонна эдьийдэрэ аатырбыт үлэһит Охсуулаах (Ударник) Маайа уонна ийэтэ Прасковья Петровна, кырдьаҕас эбэлэрэ Оппуруоһа эмээхсин бары бииргэ бөрөһөн, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн, тыыннаах ордубуттара, оҕолорун-сиэннэрин киһи оҥорбуттара. Кинилэр Алексей Стаханов холкуос төһүү үлэһиттэрэ этилэр.
«Олоҕум кэрчиктэрэ”, “Партия эрэллээх саллаата” диэн кинигэ түһүмэхтэрэ ааптар оҕо сааһын, оскуоланы бүтэрэн баран, үрдүк үөрэххэ үөрэниитин, ылбыт идэтинэн үлэтин, хомсомуол, баартыйа кэккэтигэр киирэн актыыбынай үлэтин, бииргэ үлэлээбит, алтыспыт доҕотторун, дьонун кэпсиир, киһини тардар, интэриэһиргэтэр түһүмэхтэрэ кэлэллэр.
Онотуолуй Дьэримиэйэбис – киэҥ, дириҥ билиилээх устуорук, кыраайы үөрэтээччи, марксизм-ленинизм дьыалатыгар бэриниилээх, актыыбынай, кыраны- кыамматы харыстыыр, сырдык олоххо сирдиир кыахтаах чаҕылхай хомуньуус буоларын таһынан, айар үлэҕэ талаана эмиэ киһини сөхтөрөр. Били талааннаах киһи эргиччи талааннаах буолар дииллэрэ, кини туһунан этэллэр дии саныыгын. Бэйиэт-хомуньуус айбыт хомоҕой тыллаах, баартыйатын айхаллыыр, хомуньуус баартыйа идеяларын иҥэриммит хоһоонноро киһини олох үрдүкү эйгэҕэ тиэрдэллэр, дьон барыта дьоллоох олоҕор тиийэрбитигэр эрэли угаллар.
Кыраайы үөрэтээччи быһыытынан төрөөбүт дойдутун – Сахатын сирин, Мэҥэ Хаҥалаһын сайдан кэлбит устуоруйатын дьэҥкэтик билэрэ айар, хоһуйар үлэлэригэр сүрдээх чаҕылхайдык көстөллөр. Сирин-уотун ойуулааһына, дьонун-сэргэтин төрдүн ырытааһына, нэһилиэнньэ туораан кэлбит кэрчик кэмнэрин чуолкайдааһына барыта кини дириҥ научнай хабааннаах билиитин, сиппит-хоппут устуорук, хомуньуус, суруйааччы быһыытынан туоһулууллар.
Түмүгэр, мин кини суруйууларыттан элбэҕи иҥэринним, билиим дириҥээтэ, оннооҕор төрдүн ырытыыларыттан, Стаханов холкуоһу кэпсээһиниттэн аймахтарбын булан үөрдүм. Ол курдук, кини үлэтэ атын да дьоҥҥо билиилэрэ кэҥииригэр, инники олоххо дьулуурдаах, үлэһит, сиэрдээх-туомнаах буолалларыгар ыҥырарыгар эрэнэбин.
Өссө да элбэх суруйуулары биһиэхэ бэлэхтииригэр баҕа санаабын этэбин.

Зинаида ИГНАТЬЕВА, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,

Мэҥэ Хаҥалас ,Хаптаҕай.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: