Салгыы
Саҥа кыбартыыра сыаната түһүө. Тоҕо?

Саҥа кыбартыыра сыаната түһүө. Тоҕо?

Ааптар:
15.09.2023, 16:00
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Ый аҥаарынан быысаһан Дьокуускайга кыбартыыра сыаната эмискэ үрдээтэ диэн социальнай ситимҥэ кытта араастаан суруйан ыллылар. Бу эмискэ уларыйыыны үгүстэр Киин баан сүрүн ыстаапкатын үрдэппитин кытта ситимнээтилэр. Маны ис дьиҥин билээри, бу боппуруоһу хасыһан көрдүбүт. Маны быһаарарга хамсаабат баай-дуол эспиэрэ Аркадий Назаров көмөлөстө.

САҤА КЫБАРТЫЫРАЛАР СЫАНАЛАРА

Биллэрин курдук, ырыынакка үс көрүҥ баар: иккис ырыынак, саҥа тутуллар кыбартыыралар уонна кэтэх дьиэни туттуу (сир учаастага).

Саҥа кыбартыыралартан саҕалыахха. Хамсаабат баай-дуол эспиэрэ Аркадий Назаров маннык быһаарда. Санатар буоллахха, саҥа кыбартыыраларга сыана 2019 сылтан үрдээн саҕалаабыта. Бу – бааннарга эскроу-счет диэн киириитин кытта ыкса сибээс­тээх. Мантан сылтаан тутар хампаанньалар икки ардыларыгар күрэстии түспүт. 150-нуу кыбартыыралаах дьиэни тутан бүтэрдэхтэринэ эрэ харчыны баантан ылар кыахтаммыттара. Ол иһин тутар хампаанньалар көхтөрө уҕарыы быһыытыйбыта. Итинтэн сылтаан сыана биир тэҥ буолбута. Бу иннинэ чэпчэки сыанаҕа атыылаһан баран ыарахаҥҥа атыылыыр кыахтаах этилэрэ. Ол аата, кэлэр сылга үлэҕэ киириэхтээх дьиэ, былырыын үлэҕэ киирбит дьиэ сыанатын кытта тэҥнэһэн иһэрэ. Иккиһинэн, 2019 сыл ахсынньытыттан Уһук Илиннээҕи чэпчэтиилээх ипотека олоххо киириитэ улахан оруолу ылбыта. Кирэдьиит бырыһыана аһара түһэн, дьон атыылаһыыта үрдээн, наады­йыы (спрос) биирдэ уһулу ойон тахсыбыта. Тутар хампаанньалар маны хайдах да мүччү туппаттара өйдөнөр. Сыананы тута үрдэппиттэрэ. Салгыы коронавирустан сыл­таан араас сааҥсы­йалар киирэн тутуу матырыйаалын сыаната үрдээбитэ эмиэ оруолламмыта. Үсүһүнэн, били, массыынаны чэпчэки сыанаҕа атыылаһан баран, эбэн атыылыыр перекупщиктар курдук риэлтордар олус элбээбиттэрэ. Бу дьон саҥа кыбартыыралар атыыга таҕыстылар да итии бэрэс­кини курдук тута ылан иһэллэрэ. Биир хостоох кыбартыыралары үксүн атыылаһаллара. Балар суоттарыгар тутар хампаанньалар былааннарын толороллоро. Хаалбыт икки хос­тоох кыбартыыраларын ыксаабакка аа-дьуо атыылыыллара. Онон сүрүннээн бу үс төрүөттэн сыл­таан кыбартыыра сыаната биллэрдик үрдээбитэ. Ити кэнниттэн улаханнык түһэ да, үрдүү да илик.

2020-2021 сылларга тутар хампаанньалар ахсааннара биллэрдик аҕыйах этилэр. Ол иһин саҥа дьиэ тутуллан үлэҕэ киириитэ итиннэ эмиэ эппиэттэһэрэ. Бу түмүгэр Уһук Илиннээҕи чэпчэтиилээх ипотекаҕа хапсыбыт дьон ылбыт эрэ киһи диэн хайа баҕарар кыбартыыраны атыылаһарга күһэллибиттэрэ.

ИККИС ЫРЫЫНАККА

Оттон иккис ырыынак сыаната быдан көһүүннүк хамсыыр. Тута уларыйбат. Бастаан утаа саҥа дьиэлэр кыбартыыраларын сыаналара түһэр-үрдүүр. Холобур, саҥа кыбартыыралар сыаналара үрдээбитин кэнниттэн ол иккис ырыынакка икки-үс ыйынан биирдэ биллэр. Тоҕо оннугуй? Холобур, 2020-2021 сылларга саҥа кыбартыыраны атыыласпыттар барытын өрөмүөннээн, миэбэлинэн хааччы­йан баран, онтуктарын хайдах да кыра сыанаҕа ол эбэтэр эрдэтээҥҥи сыананан хайдах да батарбаттар. Манна биири өйдүөххэ наада. Ити ыйыллыбыт кэмнэрдээҕи (2020-2021 сс.) кыбартыыралар аттыларыгар 10-ча сыллааҕыта тутуллубут кыбартыыралар улахан уратылара суохтарыттан сылтаан ол дьиэлэр сыаналара эмиэ үрдээбитинэн барар. Итинник бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса ситимнээхтэр.

Билиҥҥи туругунан иккис ырыынак сыаната биллэрдик үрдээтэ. Өссө даҕаны үрдүөҕэ диэн эспиэртэр этэллэр. Саҥа кыбартыыра сыаната хайа диэки иэҕиллэриттэн олус тутулуктаах. Иккис ырыынак дьиэлэрин сыаналара саҥалары сырсан тэҥнэһэн биэрэр аналлаах.

СИР УЧААСТАГЫН СЫАНАТА

Кэлиҥҥи кэмҥэ кэтэх дьиэ­ни туттуу элбээтэ. Тоҕо? Бу сүрүннээн саҥа кыбартыыралар сыаналара үрдээбитин кытта сибээстээх. Ону тэҥэ, Уһук Илиҥҥи чэпчэтиилээх ипотеканан учууталлар, бы­­раастар кэтэх дьиэни тутталларыгар көҥүллээбиттэрэ эмиэ улахан оруолу ылла. Билигин инвестиция быһыытынан саҥа кыбартыыраны биир кв. м 140-150 тыһ. солк. атыылаһыы улахан барыһа суох. Аны туран, бу кыбартыыралар “черновойунан” көрөн тураллар. Өрөмүөҥҥэ, ортотунан, эбии 800 тыһ саҕалаан 1,5 мөл. солк наада. Ол иһин дьон чэпчэки ипотеканы туһанар сыалтан чааһынай дьиэни туттар. Холобур, билигин 150-200 кв м иэннээх чааһынай дьиэни 6 мөл. солк. аа-дьуо туттарыахха сөп. Бу суотугар сир ­учаастагын сыаната үрдүү турар. Билигин гаастаах-таймалаах үчүгэй учаастак сыаната 2 мөл. солк. атыыланар. Оннооҕор Покровскайдыыр суолга “Кустук” микро-оро­йуоҥҥа гааһа суох 10 суотай­даах учаас­тактар 2 мөл. солк. тураллар.

КИИН БААН ЫСТААПКАТЫН ТУҺУНАН ӨССӨ БИИРДЭ

Киин баан сүрүн ыстаапканы үрдэтиитэ сүрүн оруолу ылбат. Ырыынакка ол хайдах да дьайбат. Ипотека бырыһыана үрдээтэҕинэ, наадыйыы кыччыы түһэр. Ол эрээри, түстэҕинэ, дьэ төттөрүтүн дьайар. Ол эбэтэр ипотека бырыһыана түһэр, онтон сылтаан наадыйыы үрдээн, тутар хампаанньалар сыананы таһаа­рарга күһэллэллэр. Онон ыс­­таапка үрдүүрэ төттөрүтүн сыананы биир кэмҥэ тутар.

Холобур, атырдьах ыйын 29 күнүгэр Киин баан сүрүн ыстаапкатын үрдэппитигэр, Сбербаан атырдьах ыйын 22 күнүгэр диэри сайаапканы биэрбиттэргэ ыстаапка бырыһыанын оннунан хаалларбыта. Бу кэмҥэ ыксал буол­бута. Ол курдук, 15-20 күннээҕитэ сорох кыбартыыралар сыаналара 800 тыһ. солк үрдээн соһуппуттара. Бу былырыыҥҥы түгэн хатыланан ылла быһыылаах. Былырыын ба­­йыаннай дьайыы буолбутугар сүрүн ыстаапка тута үрдээбитигэр курдук бырыһыаннарын хаалларар инниттэн дьон ­дьиэни атыылаһар түбүгэр түспүттэрэ, сыана эмискэ үрдээбитэ. Онон ыс­­таапка эмискэ үрдээбитин түмүгэр, кыбартыыра сыаната куорат сорох кыбартаалларыгар 800 тыһ. солк үрдээн ылбыт буо­луон эмиэ сөп.

Хаартыска: Аркадий Назаров тиксэриитэ.

Аркадий Назаров, хамсаабат баай-дуол эспиэрэ:

– Бары билэрбит курдук, соторутааҕыта Киин баан сүрүн ыстаапка бырыһыанын үрдэппитэ. Үгүс дьон бу үрдээһин улахан оруолу оҥорор диэн тойоннууллар, ол эрээри, оннук буолбатах.

Сүрүн ыстаапка бырыһыана түстэ даҕаны иккис ырыынак сыаната үрдүүр. Тоҕо? Наадыйыы үрдүүр. Билигин иккис ырыынактан кыбартыыраны ипотека көмөтүнэн ылбаттар. Тоҕо диэтэххэ, ыйдааҕы төлөбүрэ үрдүгэ бэрт. Дьон бааҥҥа хабалаҕа киирэртэн туттуналлар. Хаһан баҕарар күһүн дьиэ сыаната үрдүүр. Атырдьах ыйын ортотуттан иккис ырыынакка сыана, ортотунан, 300-400 тыһ. солк. үрдээтэ.

СЫАНА ХАЛБАҤНЫЫ ТУРАР

Саҥа кыбартыыраларга сыана быйыл үрдүө суоҕа. Тоҕо оннугун хамсаабат баай-дуол эспиэрэ Аркадий Назаров: “Бу сыл ахсынньытыгар диэри киин куорат үрдүнэн элбэх кыбартыыралардаах 35 саҥа дьиэ үлэҕэ киирээри турар. Аҥаардас Бүлүүлүүр суолга 10 дьиэ быйыл үлэҕэ киирэр. Ол аата, ортотунан, 4500 саҥа кыбартыыра атыыга тахсыаҕа. Дьэ маны кимнээх атыылаһаллар? Онон тутар хампаанньалар аны кыһын саҥа кыбартыыраларын атыылыыр сыалтан араас хабаан­наах аахсыйалары толкуйдаан сыананы түһэрэр буолуох­таахтар. Иккис ырыынакка сыана алтынньы, сэтинньи, ахсынньы ыйдарга куруук үрдүк буолар. Уоппускаттан тахсаллар, көһөллөр, бараллар-кэлэллэр. Ол эрээри, билиҥҥи буола турар балаһыанньа уларыйан, Киин баан сүрүн ыстаапканы түһэрэр түгэнигэр, сыана үрдүөн сөп», – диэн быһаарар.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: