Саҥа массыына: “Москвич-3”

Саҥа массыына: “Москвич-3”

Ааптар:
10.12.2022, 14:00
Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа номоххо киирбит “Москвич” массыынаны саҥардан оҥорон атыыга таһаардылар. Саҥа массыына аата “Москвич-3” диэн.

Тимир көлө сыаната төһөнүй? РИА Новости  иһитиннэрбитинэн, массыына сыаната 1,6 мөлүйүөн солкуобайтан 2 мөлүйүөн солкуобайга диэри халбаҥныыр. Дьэ, сыана буолбатах дуо?

«Саҥа тимир көлө сыаната 27-33 тыһыынча дуоллар, ол аата 1,6-2 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэр. Инники өттүгэр  саҥа массыына  чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин бырагырааматыгар киллэрилиннэҕинэ, сыаната өссө түһүө», – диэн иһитиннэрбиттэр.

«Москвич-3» дьоҕус кроссовер,  турбомотуордаах, бэнсиининэн  үлэлиир. Мотуора 150 ат күүстээх.  Коруопката  үгүс өттүгэр автоматическай (вариатор), ол быыһыгар мэхээньикэ да баар. 2022 сыл бүтүөр диэри 400 маннык массыына оҥоһуллан тахсыахтаах.  Сэртипикээккэ сурулларынан, саҥа модель  JAC JS4 диэн Кытай кроссоверын биэрсийэтигэр сөп түбэһэр.

 Санатар буоллахха, быйыл ыам ыйыгар французскай Renault автоконцерн «Рено Россия» диэн собуотун  Арассыыйа Бырабыыталыстыбатыгар биэрбитэ. Арассыыйа Бырабыыталыстыбатыгар бэриллэрин туһунан докумуон оҥоһуллубутун кэнниттэн  собуот аата «Москвич» диэҥҥэ уларытыллыбыт.  Хампаанньа  билиҥҥи былаанынан  түөрт кроссовер оҥоһуллуоҕа, ол иһигэр, биир электрическэй уонна седан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: