Арассыыйаҕа номоххо киирбит “Москвич” массыынаны саҥардан оҥорон атыыга таһаардылар. Саҥа массыына аата “Москвич-3” диэн.
Тимир көлө сыаната төһөнүй? РИА Новости иһитиннэрбитинэн, массыына сыаната 1,6 мөлүйүөн солкуобайтан 2 мөлүйүөн солкуобайга диэри халбаҥныыр. Дьэ, сыана буолбатах дуо?
«Саҥа тимир көлө сыаната 27-33 тыһыынча дуоллар, ол аата 1,6-2 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэр. Инники өттүгэр саҥа массыына чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин бырагырааматыгар киллэрилиннэҕинэ, сыаната өссө түһүө», – диэн иһитиннэрбиттэр.
«Москвич-3» дьоҕус кроссовер, турбомотуордаах, бэнсиининэн үлэлиир. Мотуора 150 ат күүстээх. Коруопката үгүс өттүгэр автоматическай (вариатор), ол быыһыгар мэхээньикэ да баар. 2022 сыл бүтүөр диэри 400 маннык массыына оҥоһуллан тахсыахтаах. Сэртипикээккэ сурулларынан, саҥа модель JAC JS4 диэн Кытай кроссоверын биэрсийэтигэр сөп түбэһэр.
Санатар буоллахха, быйыл ыам ыйыгар французскай Renault автоконцерн «Рено Россия» диэн собуотун Арассыыйа Бырабыыталыстыбатыгар биэрбитэ. Арассыыйа Бырабыыталыстыбатыгар бэриллэрин туһунан докумуон оҥоһуллубутун кэнниттэн собуот аата «Москвич» диэҥҥэ уларытыллыбыт. Хампаанньа билиҥҥи былаанынан түөрт кроссовер оҥоһуллуоҕа, ол иһигэр, биир электрическэй уонна седан.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…