“Саҥа массыыналарынан ыарыһахтарга түргэнник тиийиэхпит”
Бүгүн, муус устар 1 күнүгэр, Дьокуускай куоракка Комсомольскай болуоссакка үөрүүлээх түгэн буолла. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев саҥа массыыналар күлүүстэрин мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр туттарда.
Александр Елисеев, П.А.Петров аатынан Бүлүүтээҕи киин балыыһа «суһал көмө» биэлсэрэ:
— Мин 2014 сылтан «суһал көмө» биэлсэринэн үлэлиибин. Бу саҥа массыынаны ыламмыт суоппарбыт Георгий Раевтыын, кэлэктииппит бары даҕаны үөрдүбүт. Бу бэһис «суһал көмө» массыынабыт буолар. Өссө ити турар Нива-Трэвэл массыына тыаҕа Хампаҕа барыаҕа диэтилэр салайааччыларбыт. Саҥа массыыналарбыт ыарыһахтарга түргэнник көмөҕө тиийэрбитигэр көмөлөһүөхтэрэ. Георгий Васильевичтыын саҥа массыына төһө тупсарыллан оҥоһуллубутуй диэн көрө-истэ турабыт.
Светлана Куц, Ленскэй улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа:
— Бу биһиги улууспутугар анаммыт Лада-Нива Трэвэл массыыналары оҕо поликлиникатыгар, Орто Наахара балыыһатыгар, Витим куораттааҕы поликлиникатыгар илдьээри, саҥа массыыналар күлүүстэрин Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаевтан ылаары турабыт. Биһиги элбэх нэһилиэнньэлээх улууспутугар олус көмөлөөх тырааныспардарынан буолуохтара. Онон гарааһым начаалынньыга Владимир Гебель икки суоппары илдьэ кэллэ.
Владимир Александрович Ленскэйгэ диэри саҥа массыыналарынан 1500 км 26 чаас кэриҥэ айаннаан тиийиэхпит диэн эрэнэр уонна саҥа массыыналары биэрбиттэрин иһин өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыгар А.Николаевка, СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр эмиэ махталын тириэрдэр.
Хаартыска: ааптар
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: