Саҥа мэхэньиисим – саҥа сүүрээн
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аһын-үөлүн бэлиитикэтин министиэристибэтэ “СӨ муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын олохтоох салайыныыга уорганнарыгар судаарыстыба тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйүүр сорох боломуочуйалары биэрэр туһунан” сокуоҥҥа уларытыы киллэрбитин быйыл сэтинньигэ Ил Түмэн дьокутааттара ылынаннар, бу саҥа үүммүт 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирдэ. Онон судаарыстыба өйөбүлүн саҥа мэхэньиисимэ улуустары сайыннарыаҕа диэн бу саҥа сүүрээни тыа сирин олохтоохторо эрэнэ истибиттэрэ.
СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев бу күүһүгэр киирбит сокуону: “Дьиҥнээх өрөбөлүссүйүөннэй бырайыак, дьиҥнээх саҥа мэхэньиисим”, – диэн ааттаабыта. Кырдьык, муниципалитеттарга тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар судаарыстыба боломуочуйатын биэрдилэр.
Билигин бу боломуочуйанан улуустарга үөрэтии ыытыллыа дииллэр. Саҥа дьыл иннинэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аһын-үөлүн бэлиитикэтин министиэристибэтэ салайааччылары түмэн, манна үөрэтии тэрийбит.
Биллибитинэн, киирбит уларытыынан улуустарга уонна куораттааҕы уокуруктарга саҥа үүммүт сылга 8,8 млрд солк. үп көрүлүннэ. Бүддьүөт үбэ-харчыта 14 хайысханан тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйөөһүҥҥэ, дьоҕус эбийиэктэри тутууга уонна улуустарга, куораттарга баар тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын (департаменнарын) үбүлүүргэ ыытыллыаҕа. Онон бу үбүнэн уруккулуу үөһэттэн дьаһаллыбакка, улуустар бэйэлэрин кыахтарын-күүстэрин түмэн, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыахтаахтар. Субвенция 34 улууска, 2 куорат уокуругар, 14 хайысханан ыытыллыахтаах. Судургутук эттэххэ, үүт уонна сүөһү харчыта, хотону, 200 т диэри харайар кыахтаах овощехранилищелары тутууга харчы көрүллэр.
Сорох дьон улуустар бу харчыны-үбү, дьэ, хайдах дьаһайаллар диэн сэрэхэдийэр курдуктара иһиллэр. Үп-харчы хаамыыта, ону хонтуруоллааһын, отчуота электроннай бүддьүөтүнэн барыахтаах эбит.
Туһааннаах тиэмэҕэ туох хамсааһын тахсан эрэрин ырытыахха дии санаабытым даҕаны, билиҥҥитэ хамсааһын саҕаланыыта эрэ буолан, тэрээһин өттө эрэ бара турар курдук. Улуустар, толкуйдуу сылдьабыт дэһэллэр. Хата, Бүлүү улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Павел Иннокентьев: “Үүт хайысхатын тумус тутуохпут, онон өйдөтүү-быһаарсыы үлэтэ бара турар”, – диэтэ чопчу.
Онон сиэттэрдэхпинэ, быйылгы Бырабыыталыстыба отчуотугар тыа сирдэригэр муниципальнай оройуоннарга уонна куораттааҕы уокуруктарга бэриллибит тыа хаһаайыстыбатын өйүүр сорох боломуочуйалар тустарынан киирбит уларыйыынан, арааһа, кытаанах дьүүллэһии буолара эрэбил.
“Бэйэбитин олохтоох аһынан хааччыйдарбыт”
“Чурапчы” кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ Николай Петров санаатын маннык үллэһиннэ:
– Улуус таһымыгар боломуочуйа биэрэн эрэллэриттэн үөрэбин, ол эрээри улуустар эбии туох да уларытыы киллэрэр кыахтара суоҕа хомолтолоох. Дьиҥинэн, үбүлээһини бородууксуйаны оҥоруу түмүгүнэн биэрэллэрэ эбитэ буоллар диирбитигэр эрэ тиийэбит. Билигин наар сүөһү ахсаанын эккирэтэн, бааһынаҕа ыһыы иэнин ахсаанын сырсан кэллибит. Ол сыыһа. Сүөһү төбөтүгэр биэрии түмүгэр үрүҥ аһы оҥоруу 36 % аччаата. Бааһынаны айылҕа илиитигэр биэрэммит, сөҥүүлээх эрэ сылга үүнүүнү ылабыт. Онон ылыллыбыт түмүгүнэн, ол эбэтэр оҥоһуллубут бородууксуйаҕа харчыны биэрэ иликпитинэ, көрдөрүүбүт тупсуо суоҕа. Оҥорон таһаарыы (переработка) салаата мөлтөөн турар кэмэ. Оборудование, дьиэ-уот, тиэхиньикэ – кырата 70 % эргэрдэ. Үүт туттарбыт дьоҥҥо 3 570,1 млрд солк. тиийэн турар. Дьиҥинэн, дьоҥҥо талларыы баар буолуохтаах. Төбөҕө дуу, үүккэ дуу диэн.
Сүрүн кыһалҕабытынан бородууксуйаны батарыы буолар. Төһө да бородууксуйаны оҥорон таһаардахпытына, болдьоҕо үксэ 10 күннээх буолан, батарыыга кыһалҕаны көрсөбүт. Бүддьүөт тэрилтэлэригэр, чуолаан, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин (араас балыыһаларга) олохтоох аһынан хааччыйыы быһаарыллара буоллар, ыарыһахтар түргэнник үтүөрүөхтэрэ да этэ. Билигин балыыһаҕа кэнсиэрбэ, маргарин эрэ баар. Эт диэни көрөрүҥ ахсааннаах. Маргарины үксэ пальмовай арыыны буккуйан оҥороллоро кистэл буолбатах. Төһөнөн ас атын булкадаһыга суох буолар да, кини болдьоҕо кылгас буолар.
Аны нолуок өттүгэр чэпчэтии суоҕа охсор, Холобур, үс сылга “каникул” биэрэн, түһээнтэн босхолонон, ол үбү материальнай-тиэхиньиичэскэй бааза сайдыытыгар угарбыт буоллар, биһиги субсидия да туруорсуо суоҕа этибит. Билигин дохуоппут
20 % түһээн төлүүбүт, ол наһаа охсуулаах. Ону таһынан, чэпчэтиилээх кирэдьиит суоҕа сайдарбытыгар мэһэйдиир. Билигин 25-30%-наах кирэдьиити ылан, хайдах да сайдыыга угар кыахпыт суох. Түмүктээн эттэхпинэ, сөптөөх каадырынан хааччылыннахпытына эрэ сайдар кыахтаахпыт. Бу каадырдар тыа сиригэр тахсан олорор усулуобуйалара суох буолан, эдэр исписэлиистэр тыа сиригэр тахсыылара суоҕун кэриэтэ. Онон бу кыһалҕаны кэлимсэтик быһаара иликпитинэ, сайдарбыт уустук буолуоҕа. Муҥ саатар, бэйэбитин олохтоох аһынан 50 быр. хааччыйарбыт буоллар. Ону тэҥэ балыыһаҕа сытар дьону, оскуола оҕолорун, уһуйаан иитиллээччилэрин, бастатан туран, 100% олохтоох бородууксуйанан хаачыйар киһи улахан ситиһии буолуо этэ.
Станислав Андреев, Горнай улууһун Аһыма с. тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ:
– Бу нэдиэлэҕэ туһааннаах тиэмэнэн салайааччыларбыт кэпсии-ырыта кэлиэхтээхтэр. Саҥа тутуулары хайысхатын бэйэбит таларбыт курдук өйдөөбүтүм. Ол үчүгэй. Үүт харчытын кээмэйин эбиэххэ сөп этэ. Сэлээркэ сыаната эҥин аһары барда дии.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: