Саҥа национальнай бырайыактарга Уһук Илини сайыннарыыга
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин балаҕан ыйын 5 күнүгэр буолан ааспыт Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум улахан мунньаҕын түмүгүнэн сорудахтар испииһэктэригэр илии баттаата.
РФ Бырабыыталыстыбата «Инфраструктура для жизни», «Эффективная транспортная система», «Семья», «Продолжительная и активная жизнь», «Молодежь и дети» национальнай бырайыактары бигэргэтэригэр, Уһук Илин федеральнай уокуруктар сайдыыларын маастар-былааннарын уонна РФ Арктика зонатын тирэх нэһилиэнньэлээх пууннарын олоххо киллэриигэ, үбүлээһин кээмэйин уонна төрүөтүн ыйан туран туспа араартааһыны көрөр туһунан сорудах бэрилиннэ.
Ону таһынан, Уһук Илин федеральнай уокурук иһигэр көтүүнү сайыннарыы комплекснай былаанын бигэргэтиини түргэтэтиҥ диэн сорук туруорда.
Бырабыыталыстыбаҕа “Уһук Илиҥҥи уонна Арктика ипэтиэкэтэ” бырагырааманан 2 бырыһыаннаах ставканы оннунан хааллаларарга сорудахтаата.
Сорудахтар толоруллууларын иитинэн 2025 сылтан “Култуура земскэй үлэһитэ” бырагыраама үлэтин саҕалыаҕа. Онно олоҕуран Уһук Илин федеральнай уокурукка көһөн барар култуура үлэһиттэригэр 2 мөл. солк. биир кэмнээх төлөбүр көрүллүөҕэ, ону тэҥэ, Уһук Илин ипэтиэкэтинэн туһаныахтара.
Санатан эттэххэ, ВЭФ-2024 түмүгүнэн Саха сирэ 25 саҥа сөбүлэҥҥэ илии баттаспыта. Итинтэн сүрүннэрэ – Найба муора пуордун, Тиихэй акыйааннааҕы тимир суолу тутуу, Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэр ититэр ситими саҥардыы, “Синергия Арктики” бырайыагы кэҥэтии, Дьокуускай маастар-былаанын бырайыактарын үбүлээһинэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ туһаныллар саҥа инвестициялааһын уопсай суумата 163 млрд. солк. тэҥнэстэ. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: