Саҥа онкодиспансер сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх
Саха сиригэр онкологическай диспансер бэйэтин үлэтин 1950 сылтан саҕалаабыта. Ол кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ киин балыыһатыгар мас дьиэҕэ сүүрбэ куойкалаах туспа салаа арыллыбыта.
1989 сыллаахха саҥа таас дьиэҕэ (Свердлов уулуссатын 3/2) көспүтэ. Бу кэнниттэн онкодиспансер 2018 сылга диэри биэс этээстээх, лиип көрүллүбэтэх, үгүс өттүнэн ыарахан ыарыылаах дьону эмтииргэ анамматах дьиэҕэ үлэлээбитэ. Дьэ онтон диспансер Саха сирин килиниичэскэй балыыһатыгар көспүтэ. Саҥа сиргэ 6 операционнай блок, 90 хирургия, 70 химиотерапевтическай куойкаларга ыарыһахтар киирэн эмтэнэр кыахтаммыттара. Ааспыт сыл онкодиспансерга 7 тыһыынчаттан тахса киһи эмтэммитэ. 2023 сылтан ыла онкология ыарыыларын эмтээһин Саха сиригэр саҥа таһымҥа тахсыаҕа – Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, сүүнэ улахан, 26 тыһ. кв миэтэрэ иэннээх саҥа онкодиспансер бу сылга тутуллан бүтүөхтээх. Саҥа дьиэҕэ билим тиһэх ситиһиилэригэр эппиэттиир саҥа аппаратуура үлэлиэҕэ, ыарыһахтары көрүү-истии өссө кичэллээх буолуоҕа.
“Ыарыыны эрдэ булуу – үтүөрүү мэктиэтэ”
Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер кылаабынай бырааһа Татьяна Ивановна Николаева этэринэн, Саха сиригэр искэн ыарыы Арассыыйа орто таһымыттан лаппа намыһах. Саамай үгүстүк бу дьулаан ыарыы тыҥаҕа, эмиийгэ уонна быарга үөскүүр. Урут Саха сиригэр куолай искэнэ элбэхтэ көстөр эбит, кэнники кэмҥэ аҕыйахта көстөр көрүҥ буолбут. Кэнники уон сылга искэн ыарыы элбии турара бэлиэтэнэр. Ол ыарыыны саҥа үөскээн эрдэҕинэ аныгы ньымаларынан диагнозтааһын, нэһилиэнньэни чинчийии үлэтин эрдэттэн ыытары кытары сибээстээх.
Искэн – үксүн кырдьаҕас дьон ыарыылара. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 13 тыһыынча киһи кутталлаах искэннээх буолан учуокка турар.
Аныгы эмтиир аппаратуура элбээбит
Аныгы онкодиспансер комплексын тутуу бастакы түһүмэҕэр Феликс Кон аатынан уулуссаҕа радиотерапевтическай куорпус үлэҕэ киирбитэ. Манна баар стационарга ыарыһахтар сардаҥанан эмтээһини ааһаллар, сытар ыарыһахтарга анаммыт 15 палааталаах. Сабыс-саҥа аппарааттар харахха көстүбэт искэни булар кыахтаахтар, өлүөр килиэккэлэри улаханнык эчэппэккэ эмтиир ньымалар сайдан иһэллэр. 2021 сылтан Philips хампаанньа аныгы МРТ аппараата үлэлиир. Бу тэрил Уһук Илин эрэгийиэнигэр биир-икки эрэ баар, олус чопчу көрдөрүүлэри биэрэр. Эрдэ диагноз туруорарга уустук ыарыһахтары атын эрэгийиэҥҥэ ыытар эбит буоллахтарына, билигин Саха сирин онкологтара диагноһы үксүн бэйэлэрэ туруорар кыахтаахтар. Маны таһынан, КТ-томограф, маммограф курдук аныгы аппарааттар радиотерапевтическай куорпуска үлэлии тураллар.
“Саҥа онкодиспансер үлэни саҥа таһымҥа таһаарыа”
Саҥа онкодиспансер дьиэтин тутуута 2019 сыллаахха саҕаламмыта, тутуу былаан хоту баран – билигин 83,5% ситэн турар. 2023 сыл 4-с кыбаарталыгар үлэҕэ киириэхтээх. Бу дьиэҕэ поликлиника, 180 куойкалаах стационар, лаборатория үлэлиэхтэрэ.
Саха сирин доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева бу эбийиэк үлэҕэ киириитэ Саха сиригэр сүүнэ оруоллаах диэн сыаналыыр.
– Бу эбийиэк “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутулла турар, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олус күүтүүлээх, өр сыллардаах туруорсуу түмүгэр саҕаламмыта. 2018 сылга диэри искэн ыарыылаах дьону оннук үлэҕэ анамматах балыыһаҕа эмтиир этибит. Онтон Ил Дархан быһаарыытынан онкодиспансер саҥа сиргэ көһөн, сайдан барбыта. Оттон бу тутуу түмүктэннэҕинэ, Саха сиригэр искэн ыарыыларын эмтээһин саҥа таһымҥа тахсыаҕа. Бу хайысхаҕа сайдыы саҥа дьиэ тутуутунан эрэ муҥурдаммат, биһиги исписэлиистэрбит аан дойду онкологияны эмтиир бастыҥ кииннэригэр баран үлэлээбиттэрэ, билиилэрин хаҥаппыттара.
Сыыппаралар
Саҥа тутуллар дьиэ уопсай иэнэ 25 670 м2, түөрт этээстээх. Стационарга 180 киһи сытан эрэ эмтэниэн сөп, күҥҥэ 210 ыарыһах көрдөрүөн сөп.
Билигин онкодиспансерга 500 киһи үлэлиир, саҥа кииҥҥэ 1100 үлэһит ирдэнэрэ былааннанар. Бу эмтиир үлэһиттэри кытта киин үлэтин хааччыйар үлэһит уопсай ахсаана.
2019-22 сылларга тутулла турар эбийиэк үлэҕэ киирэригэр былаанын чэрчитинэн 124 тус сыаллаах дуогабарга илии баттаммыт, олортон үрдүк үөрэх кыһаларын кытта – 78,
орто үөрэх кыһаларын кытта – 46. 2024 сылга диэри өссө 170 мэдиссиинэ исписэлииһин кытта илии баттаһыы былааннанар.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: