Саҥа онкодиспансер сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх

Share

Саха сиригэр онкологическай диспансер бэйэтин үлэтин 1950 сылтан саҕалаабыта. Ол кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ киин балыыһатыгар мас дьиэҕэ сүүрбэ куойкалаах туспа салаа арыллыбыта.

1989 сыллаахха саҥа таас дьиэҕэ (Свердлов уулуссатын 3/2) көспүтэ. Бу кэнниттэн онкодиспансер 2018 сылга диэри биэс этээстээх, лиип көрүллүбэтэх, үгүс өттүнэн ыарахан ыарыылаах дьону эмтииргэ анамматах дьиэҕэ үлэлээбитэ. Дьэ онтон диспансер Саха сирин килиниичэскэй балыыһатыгар көспүтэ. Саҥа сиргэ 6 операционнай блок, 90 хирургия, 70 химиотерапевтическай куойкаларга ыарыһахтар киирэн эмтэнэр кыахтаммыттара. Ааспыт сыл онкодиспансерга 7 тыһыынчаттан тахса киһи эмтэммитэ. 2023 сылтан ыла онкология ыарыыларын эмтээһин Саха сиригэр саҥа таһымҥа тахсыаҕа – Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, сүүнэ улахан, 26 тыһ. кв  миэтэрэ иэннээх саҥа онкодиспансер бу сылга тутуллан бүтүөхтээх. Саҥа дьиэҕэ билим тиһэх ситиһиилэригэр эппиэттиир саҥа аппаратуура үлэлиэҕэ, ыарыһахтары көрүү-истии өссө кичэллээх буолуоҕа.

“Ыарыыны эрдэ булуу – үтүөрүү мэктиэтэ”

Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер кы­­лаабынай бырааһа Татьяна Ивановна Николаева этэринэн, Саха сиригэр искэн ыарыы Арассыыйа орто таһымыттан лаппа намыһах. Саамай үгүстүк бу дьулаан ыарыы тыҥаҕа, эмиийгэ уонна быарга үөскүүр. Урут Саха сиригэр куолай искэнэ элбэхтэ көстөр эбит, кэнники кэмҥэ аҕыйахта көстөр көрүҥ буолбут. Кэнники уон сылга искэн ыарыы элбии турара бэлиэтэнэр. Ол ыарыыны саҥа үөскээн эрдэҕинэ аныгы ньымаларынан диаг­нозтааһын, нэһилиэнньэни чинчийии үлэтин эрдэттэн ыытары кытары сибээстээх.

Искэн – үксүн кырдьаҕас дьон ыарыылара. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 13 тыһыынча киһи кутталлаах искэннээх буолан учуокка турар.

Аныгы эмтиир аппаратуура элбээбит

Аныгы онкодиспансер комплексын тутуу бастакы түһүмэҕэр Феликс Кон аатынан уулуссаҕа радиотерапевтическай куорпус үлэҕэ киирбитэ. Манна баар стационарга ыарыһахтар сардаҥанан эмтээһини ааһаллар, сытар ыарыһахтарга анаммыт 15 палаата­лаах. Сабыс-саҥа аппарааттар харахха көстүбэт искэни булар кыахтаахтар, өлүөр килиэккэлэри улаханнык эчэппэккэ эм­­тиир ньымалар сайдан иһэллэр. 2021 сылтан Philips хампаанньа аныгы МРТ аппараата үлэлиир. Бу тэрил Уһук Илин эрэги­йиэнигэр биир-икки эрэ баар, олус чопчу көрдөрүүлэри биэрэр. Эрдэ диагноз ту­­руорарга уустук ыарыһахтары атын эрэги­йиэҥҥэ ыытар эбит буоллахтарына, билигин Саха сирин онкологтара диагноһы үксүн бэйэлэрэ туруорар кыахтаахтар. Маны таһынан, КТ-томограф, маммограф курдук аныгы аппарааттар ра­­диотерапевтическай куорпуска үлэлии тураллар.

“Саҥа онкодиспансер үлэни саҥа таһымҥа таһаарыа”

Саҥа онкодиспансер ­дьиэ­тин тутуута 2019 сыллаахха саҕаламмыта, тутуу бы­­лаан хоту баран – билигин  83,5% ситэн турар. 2023 сыл 4-с кы­­баарталыгар үлэҕэ киириэхтээх. Бу дьиэҕэ по­­ликлиника, 180 куойкалаах стационар, лаборатория үлэ­лиэхтэрэ.

Саха сирин доруобуйа харыс­табылын миниистирэ Лена Афанасьева бу эбийиэк үлэҕэ киириитэ Саха сиригэр сүүнэ оруоллаах диэн сыаналыыр.

– Бу эбийиэк “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутулла турар, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олус күүтүүлээх, өр сыллардаах туруорсуу түмүгэр саҕаламмыта. 2018 сылга диэри искэн ыарыылаах дьону оннук үлэҕэ анамматах балыыһаҕа эмтиир этибит. Онтон Ил Дархан быһаарыытынан онкодиспансер саҥа сиргэ көһөн, сайдан барбыта. Оттон бу тутуу түмүктэннэҕинэ, Саха сиригэр искэн ыарыыларын эмтээһин саҥа таһымҥа тахсыаҕа. Бу хайысхаҕа сайдыы саҥа дьиэ тутуутунан эрэ муҥурдаммат, биһиги исписэлиистэрбит аан дойду онкологияны эм­­тиир бастыҥ кииннэригэр баран үлэлээбиттэрэ, билиилэрин хаҥаппыттара.

Сыыппаралар

Саҥа тутуллар дьиэ уопсай иэнэ  25 670 м2, түөрт этээстээх. Стационарга 180 киһи сытан эрэ эмтэниэн сөп, күҥҥэ 210 ыарыһах көрдөрүөн сөп.

Билигин онкодиспансерга 500 киһи үлэлиир, саҥа кииҥҥэ 1100 үлэһит ирдэнэрэ былааннанар. Бу эмтиир үлэһиттэри кытта киин үлэтин хааччыйар үлэһит уопсай ахсаана.

2019-22 сылларга тутулла турар эбийиэк үлэҕэ киирэригэр былаанын чэрчитинэн 124 тус сыаллаах дуогабарга илии баттаммыт, олортон үрдүк үөрэх кыһаларын кытта – 78,

орто үөрэх кыһаларын кытта – 46. 2024 сылга диэри өссө 170 мэдиссиинэ исписэлииһин кытта илии баттаһыы былааннанар.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago