Саҥа онкологическай киин: кэннибитин хайыһан көрдөххө….

Share

Дьокуускайга Онкология саҥа киинин тутуу үлэтэ  бүтэн, бэҕэһээ аһылынна. Саха сирин олохтоохторо  үөрэ иһиттилэр. 

Кэннибитин хайыһан көрдөххө…

Саха сиригэр искэн ыарыылаах дьоҥҥо анал көмөнү 1946 сылтан Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиникатын иһинэн онкология кэбиниэтэ аһыллыаҕыттан оҥорон барбыттара.

1947 сыл сэтинньитигэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа хирургияҕа отделениетын баазатыгар 10 куойкалаах стационар  аһыллыбыта. Онтон маннык ыарыһахтарга туспа структураны тэрийэр туһунан  ССРС Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин  “Дьокуускай куоракка онкология диспансерын арыйыыны былааннааһын туһунан” 1948 сыл от ыйын 17 күнүнээҕи ыйаа­ҕа бүтүн Саха сиригэр дьоһуннаах быһаарыынан буолбута. Бу бирикээскэ олоҕуран, САССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ 25 куойкаҕа суоттанан,  штаттары бигэргэппитэ.

Ол гынан баран, Саха сиригэр онкология сулууспатын тэрийии күнүнэн-дьылынан 1950 сыл тохсунньу 10 күнүн ааҕаллар. Бу күн САССР доруо­буйа харыстабылын миниис­тирэ Павел Васильевч Любимов 31 №-дээх бирикээһэ тахсан, 25 сытар куойкаҕа олоҕуран, үлэһиттэр штаттара бигэргэммитэ.

Сайдыы саҕахтара

2018 сыллаахха Дьокуус­кайга 30 куойкалаах радиология отделениета аһыллыбыта. Радиология отделениетын  саҥардан оҥоруу онкология саҥа киинин  тутуу бастакы түһүмэҕэ этэ. Онон, отделение олох саҥаттан кэриэтэ тутуллан, урукку дьиэттэн 2,5 төгүл улахан иэннээх буолан тахсыбыта.

Бу отделение аһыллыыта өрөспүүбүлүкэ  онкологияҕа сулууспатын сайдыытыгар – бастакы улахан хардыы.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев быһаарыытынан, ыарыһахтарга хаачыстыбалаах көмөнү оҥорор туһуттан ыарыһахтар сытар отделениелара саҥа киин тутуллуор диэри быстах кэмҥэ 5 мэндиэмэннээх таас дьиэҕэ көһөрүллүбүтэ.

Билигин онкология сулууспата доруобуйа харыстабылын аныгы ирдэбиллэринэн сайдар. Ыарыһахтары  эмтииргэ хирургия, эминэн терапия, радиотерапия көрүҥнэрэ туһаныллаллар. Онкологтар Арассыыйа сүрүн кииннэрин баазатыгар  уонна омук сирдэригэр идэлэрин үрдэтэллэр. Араас сылларга үлэлээбит хас да көлүөнэ уһулуччулаах эмчиттэрин кыһамньыларынан, онкология диспансера Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка сүрүн эмтиир тэрилтэнэн буолла.

Эмтээһин саҥа ньымалара туһаныллаллар, өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк технологиялаах эпэрээссийэлэр аан бастаан оҥоһулуннулар.

Мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтө  искэн ыарыытын эрдэ буларга уонна көдьүүстээхтик эмтииргэ көмөлөһөр.  Эмтиир тэрилтэлэргэ каадырдар толору баалларынан,  Саха сирэ Уһук Илин эрэгийиэннэргэ  саамай үрдүк көрдөрүүлээх.

Доруобуйа харыстабылын өҥөтүн хаачыстыбатын үрдэтиигэ уонна табыгастаах оҥорууга соруктары толоруу түмүгүнэн, 2023 сылга  Саха сиригэр олох орто уһуна 73 сааска тиийдэ (Арассыыйа орто көрдөрүүтүттэн үрдүк).

Саха сиригэр доруобуйа харыстабылыгар сыыппараҕа көһүү бырайыактара:  «Sciberia» көрдөрүүлэрин анаа­лыстыырга бырагыраамалаах комплекс уонна нэһилиэнньэҕэ «Онкопоисксаха» онлайн-диспансеризация бырайыага сайдаллар.

Билигин сүрүн болҕомто  “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр онкология ыарыытын утары охсуһуу” эрэгийиэннээҕи бырайыагы олоххо киллэриигэ ууруллар.  2019-2024 сылларга Онкология диспансерын мэдиссиинэ аныгы тэриллэринэн сэбилээһин, онкология 18 амбулаторнай киинин ары­йыы,  каадырдары тус сыаллаах бэлэмнээһини салгыы ыытыы былааннаналлар.

Элбэҕи эрэннэрэр саҥа киин

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагын чэрчитинэн, кэнники 5 сылга мэдиссиинэ элбэх эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ.

Татьяна Николаева, онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын кылаабынай бырааһа:

– 26 тыһыынча квадратнай миэтэрэттэн тахса иэннээх, 210 куойкаҕа радиология отделениелаах уонна хаһаайыстыбаннай блоктаах Онкология киинин  тутуу “Онкология ыарыыларын утары охсуһуу” федеральнай бырайыак,  “2020-2024 сылларга СӨ доруобуйа харыс­табылын сайыннарыы” судаа­рыстыбаннай бырагыраа­ма чэрчилэринэн уонна  СӨ бырабыыталыстыбатын улахан өйөбүлүнэн тутуллар.

Онкология килииникэтин киинигэр хирургия ха­­йысхалаах 4 отделение аһыллыаҕа, манна мэдиссии­нэ үрдүк технологиялаах көмөтүн киллэрэн туран, сылга 4 тыһыынчаҕа тиийэ эпэрээс­сийэни оҥоруу былааннанар (билигин – 2 тыһыынча). Видеоэндоскопическай суһал орооһуулар 4К уонна 3D визуализациянан оҥоһуллуохтара, бу аныгы хирургияҕа  көмүс стандартынан ааҕыллар.

Биллэн турар, поликлиника отделениетыгар амбулатория көмөтүн оҥоруу кээмэйэ улаа­тыаҕа. Билигин поликлиника симиэнэҕэ 144 киһи сылдьарыгар суоттаныллар буоллаҕына, саҥа Кииҥҥэ поликлиника 210 эмтэнээччини көрүөҕэ. Саҥа дьиэҕэ сылга 18 тыһыынчаттан тахса киһини көрөргө былааннанабыт.

Онкология киинэ эс­­пиэр-кылаастаах диагностика тэриллэрин пааркатынан хааччыллыаҕа. Онкология киинин базатыгар саамай уустук малоинвазивнай суһал орооһуулары оҥорорго  аныгы ангиографическай комплекс аан бастакытын баар буолуоҕа.

Биһиги Онкология саҥа киинэ аһыллыытыгар улахан эрэлбитин уурабыт. Киин биһиги өрөспүүбүлүкэбит онкологиятын сулууспата сайдарыгар сүрүн оруолу ылыаҕа.

Владимир Данилов, эмтэ­нээччи:

– Бу уодаһыннаах ыарыы  (ыарыы аатын да ааттыахпын туттунарым) миигин эмиэ буулаабыта. Ол эрэн, санаабын бөҕөргөтө сатыыбын, ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэбитигэр күүтүүлээх саҥа киин үлэҕэ киирэн уонна мэдиссиинэ саҥа технологиялара туһаныллан, төһөлөөх киһи абыраныай, эмтээһин хаачыс­тыбата тупсуой, олохторо уһуой? Билигин да көрө-истэ сырыттахпына, быраас­тар барахсаттар билиҥҥи да усулуобуйабытыгар олус кыһаллан үлэлииллэр.

Урут да бу ыарыыттан өлүү-сүтүү ханна барыай? Ыарыыны кыайан быһаарбакка, кэмигэр эмтэммэккэ, төһөлөөх дьоммут бараах­таабыттарай? Билиҥҥи курдук мэдиссиинэ сайдыы­лаах кэмэ эбитэ буоллар, арааһа кинилэртэн аҥаар­дара да син быыһаныа этэ дии саныыбын… Онон, аныгы мэдиссиинэҕэ эрэлим күүһүрдэ.

«Онкопоиск» скрининговай бырайыак

Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансера кутталлаах искэннэри эрдэ уонна элбэхтик буларга көдьүүстээх үлэни ыытар.

2023 сыл түмүгүнэн, https://онкопоисксаха.рф web-платформаҕа Саха сирин 4571 олохтооҕо аҥкыатаны ааста, барыта 5270 аҥкыата толоруллубут. Диспансер үлэһиттэрэ 2020 сыллаахха толкуйдаан олоххо киллэрбит онкопоисксаха.рф эрэгийиэннээҕи бырайыактара туһалааҕын күн бүгүҥҥэ диэри көрдөрөр. Бырайыакка барыта Саха сирин 21 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо кытынна.

2023 сылга 2604 эпэрээссийэ оҥоһуллубутуттан 167 – үрдүк технологиялаах.

Кэнники 5 сылга (2019-2023 сс.) оҥоһуллубут эпэрээссийэ ахсаана 26,5% элбээтэ (2019 с. – 2058, 2023 с. – 2604).

Үрдүк технологиялаах эпэрээссийэ ахсаана 10,6% элбээтэ (2019 с. –151, 2023 с.  – 167).

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Кыргызстан бэрэсидьиэнин кытта көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев Киргизия Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Садыр Нургожоевич Жапаровы кытта көрүстэ. Көрсүһүү кэмигэр инникитин…

2 часа ago
  • Сонуннар

Ил Дархан Бишкеккэ Сергей Вакуновы кытта көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Бишкек куоракка  Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр РФ боломуочуйалаах посолун Сергей Вакуновы кытта…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөх туһунан…

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха төрүт үнүстүрүмүөнүн кыл кылыһаҕы – кыл устурууналаах кырыымпаны сөргүтүү, оҥоруу уонна оонньооһун…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Кэпсээннэр
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Тургутук

Тускул: «Өтөрүнэн кыһын кэлиэ суох курдук…»

Сааскылыы ичигэс күннэр туран, туманынан бүрүммүт кыһыммытын умнуох да курдук буоллубут. Норуот синоптига Тускул "Тэтим"…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Ыйыт-хоруйдуубут: «Посадочнай толуону» сүтэрбит буоллаххына…

Ыйытыы:  Үлэбэр бырайыаспын туһаммыппын отчуоттуурум ирдэнэр.  Ол эрээри "посадочнай толуоммун" сүтэрэн кэбистим. Хайдах гыныахха сөбүй?…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньы 1 күнүттэн Арассыыйаҕа туох уларыйыы киириэҕэй?

Ахсынньы 1 күнүттэн байыаннай сулууспалаахтар ахсааннара элбиэҕэ, 80 сааһын туолбут дьоҥҥо биэнсийэ үрдүөҕэ, байыаннай дьайыы…

4 часа ago